«Намыв» - саҥа причалы тутуу саҕаланыаҕа
Саҥа «Намыв» причал айан дьонугар аналлаах саалалаах, массыына туруорар, оптуобус тохтуур миэстэлээх буолара сабаҕаланар. Министиэристибэҕэ эбийиэк бырайыага, симиэтэтэ бэлэм, сир учаастага оҥоһуллубута диэн иһитиннэрэллэр.
«Инникки өттүгэр киин куорат 203-с дьоҕус оройуонун олохтоохторуттан күннэри-түүннэри причал тиэхиньикэтин тыаһа-ууһа мэһэйдиир диэн үҥсүүлэр киирэр этилэр. Онон саҥа ыстаансыйа дьон олорор оройуонуттан балайда тэйиччи тутуллар», – диэн быһаарар СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Семен Коркин.
Тутуу СӨ Суол пуондатыттан үбүлэнэр. Билигин 2023-2024 сылларга тутуллуохтаах суол бырайыага оҥоһулла сылдьар. Онон, аны күһүҥҥүттэн, сэтинньи ыйтан, салгын сыттыктаах суудуналар «Намыв» саҥа ыстаансыйаттан айанныыр буолуохтара. Ол туһунан сонуну киэҥник көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэргэ СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.