15.12.2023 | 10:00

«Наливайкалар» иннилэрин ыларбыт ыраах...

«Наливайкалар» иннилэрин ыларбыт ыраах...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Нэһилиэнньэ үҥсэн-үҥсэн, уопсастыбаннас өрө туран, өр туруорсан, Ил Түмэн “арыгы сокуонугар” уларытыылары киллэрбитэ – бу ааһан эрэр сылга уопсай ситиһиибит буолла. Ол эрээри күн бүгүн “наливайкалары” кыайдыбыт-хоттубут диэн этэрбит эрдэ.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, бэнидиэнньиккэ быраабы араҥаччылыыр уонна хонтуруоллуур уорганнары кытта сымыйа кафелары тула мунньах ыытылынна. Ол курдук, балаҕан ыйын 1 күнүттэн киирбит хааччахтааһыннарга 80 кэриҥэ арыгынан эргинэр уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэтэ хабыллар. Бүтэһик чахчылар кэпсииллэринэн, сэтинньи бүтүүтэ онтон 43-һэ сабыллыбыт. 22 “наливайка” хаста эмит сэрэтии ылбытын үрдүнэн  (улахаҥҥа уурбата оччо дуу?) күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии турар. Онтон атыттар – үлэлэрин хайысхатын уларыппыттар эбэтэр реконструкцияҕа сабыллыбыттар. Манна даҕатан эттэххэ, сорох-сорохтор, хааччахтааһыннарга эрэ хабыллымаары, сокуон ирдэбиллэригэр хоруйдуур араас үүтү-хайаҕаһы көрдүүллэр.

Итинэн буоллаҕына, төһө да хонтуруоллуур, кэтиир үлэ тиһиктээхтик ыытыллыбытын иһин, сымыйанан “кафе” аатын ылан турар саарбах тэрилтэлэр иннилэрин ыларбыт ыраах быһыылаах. Барыстаах бизнестэн ким барыан баҕарыай...

“Дьүүллэһии түмүгэр СӨ Урбааҥҥа уонна туризмҥа министиэристибэтин, прокуратураны уонна полицияны кытта үлэни күүһүрдэргэ сүбэлэстибит. Маны сэргэ, СӨ Судаарыстыбаннай тутууга уонна дьиэни-уоту хонтуруоллааһыҥҥа управлениета бэйэтин өттүттэн “наливайкалар” саҥардан, уларытан оҥостоллорун кыраҕытык кэтиэн наада. Ис дьыала министиэристибэтэ дьон арыгы атыыланар бириэмэтин тутуспакка, “наливайкалартан” аһыы утаҕы көҥүл атыылаһан тахсалларын тохтотор үлэни ыытарын курдук сүбэлэстибит. Мин санаабар, атыыһыттары кыратык ыстарааптыахтааҕар, тэрилтэ бас билээччилэригэр, урбаанньыттарга (ИП) уонна хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэргэ (ХЭТ) кээмэйэ ботуччу, хас эмэ уонча төгүл улахан ыстараабы суруйуохха наада”, – диэн куорат баһылыга телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ.

Ити курдук, сымыйа кафелары утары үлэ салҕанар, хонтуруол бары өттүттэн күүһүрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...