12.09.2024 | 10:00

Надежда, Игнатий Константиновтар: «Иннэлээх сап курдук тутуспутунан сылдьабыт»

Надежда, Игнатий Константиновтар: «Иннэлээх сап курдук тутуспутунан сылдьабыт»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Ыал дьон тутуспутунан үлэлиирэ – олоххо эмиэ биир ураты көстүү. Хаҥалас Нөмүгүтүн олохтоохторо Надежда Николаевна, Игнатий Егорович Константиновтар – бааһынай хаһаайыстыбалаах, эмтээх отторунан дьарыктанар, быр-бааччы олорор үлэһит дьиэ кэргэн. Өссө кинилэр талахтан корзина эгэлгэтин өрөллөр. Чахчы даҕаны, барыта элбэх бириэмэни эрэйэр, дьулууру ирдиир дьарыктар. Бүгүҥҥү дьоруойдарбытын кытта үлэни уонна дьиэ кэргэн олоҕун хайдах дьүөрэлииллэрин туһунан кэпсэттибит.

Оҕо саас ахтылҕана

– Кэпсэтиибитин хаһан ыал буолбуккутуттан саҕалыаххайыҥ. Эҥсиэли хочотун кыыһа Эркээнигэ үлэлии кэлбитигэр, онно көрсөн ыал буоллаххыт дии? Ити хас сыллаахха?

– Биһиги 1987 сыллаахха ыал буолбуппут. «Покровское» ОПХ-ҕа бииргэ үлэлээбит кэммитигэр көрсөн, билсэн, сөбүлэһэн холбоспуппут отуттан тахса сыл буолла. Түөрт оҕолоохпут. Билигин туһунан ийэ, аҕа дьоннор. Сиэннэр диэн күндү дьоннордоохпут. Дьиэ кэргэнинэн бааһынай хаһаайыстыбалаах этибит. Иккиэн үлэбит сүнньүнэн биир идэлээх, интэриэстээх буоламмыт, иннэлээх сап курдук тутуспутунан сылдьабыт. Үлэ буоллун – бииргэ, дьиэҕэ-уокка, айаҥҥа – куруук бииргэ.

– Надежда Николаевна, эйиэхэ холобур оҥостор дьонуҥ кимнээҕий? Саха сатаабатаҕа суох диэн этиигэ сөбүлэһэҕин дуо?

– Мин төрөөбүт сирим – Нам оройуонун 1-кы Хомустаах нэһилиэгэ. Аҕам Новгородов Николай Иванович – сэрии кыттыылааҕа. Ийэм Матрёна Григорьевна удьуор уустар кыыстара эбит. Мин ийэбэр ити этии быһаччы сыһыаннаах. Дьахтар буолан барыны бары иистэнэрэ. Ону ааһан үрүҥ көмүһүнэн, маһынан да уһанара. Түүлээҕи да тигэрэ. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим, убайдарым, балыстарым – бары талааннаах дьон. Убайдарым иккиэн маһынан арааһы оҥороллоро, тутууну баһылаабыт дьон. Балтыларым эмиэ илиилэригэр талааннаахтар, ыал иһирэх ийэлэрэ. Онон удьуор утумунан бэриллэр дьоҕуру, талааны таба тайанан, ону киһи бэйэтэ сайыннарар буоллаҕына, өссө тупсан, сириэдийэн иһэр эбит.

– Иккиэн элбэх оҕолоох ыал оҕолоро эбиккит. Оҕо сааскытыттан саамай үөрэ ахтар түгэҥҥитигэр тохтуоҕуҥ эрэ.

Надежда Николаевна: – Хас өрөбүл аайы бары дьиэҕэ мустан, мас хайытан, сааһылаан эбэтэр ас астаан тахсар этибит. Ол сылдьан көрүдьүөстэр да бааллара. Мин анныбынан балтым 4 саастааҕар мас сааһылыы сылдьан сылайан баран: «Сүрэҕим маска киирэн хаалла», – диэн күллэртээн турар. Онтон биирдэ пельмень астыы олордохпутуна эмиэ ити сааһыгар балтым: «Хойуут, улааттахпына оҕолорбор пельмень астаан аһатыам суоҕа», – диэбиттээх. Ону эдьиийбит ыйыппытыгар: «Оҕолорум пельмень сиэн баран куруутун астаа диэхтэрэ», – диэн күллэрбитэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дьоно ас арааһын астанарбыт. Күһүн идэһэ өллөҕүнэ эт эрийэн,  пельмени, кэтилиэти, бэрэскини дэлэйдик астанар этибит. Аҕабыт, булчут, балыксыт буолан, тыаттан илии тутуурдаах, өттүк харалаах киирэрэ. Кини кэллэ да, булдун, балыгын дэриэбинэ дьонугар түҥэтэр этибит. Онтон алтынньы ыйга куобах бултааһына буолара, оччоҕуна онтон бэрсэрбит. Мин ыалларбар, аймахтарбар аҕам булдуттан кэһии илдьэрбин, дьиэбитигэр бары бииргэ күргүөмнээхтик үлэлиирбитин наһаа күндүтүк саныыбын. 

Игнатий Егорович: – Мин эмиэ элбэх оҕолоох ыал аччыгый уолларабын. Аҕабын кытта балыктыыр, булка сылдьар этибит. Сайын илим үтэрбит, оттуурбут, кыһынын муус аннынан муҥхаҕа барарбыт. Эмиэ ыалларбытынан булпутуттан, балыкпытыттан бэрсэр этибит. Ол аайы кыра, кытыгырас киһи мин сүүрэр буоллаҕым. Оччотооҕу оҕотук санаабар бэрсибит дьонум үөрэллэриттэн, махтаналларыттан ордук улахан дьол суох курдуга.

 

Үлэни өрө тутан

– Игнатий Егорович, РСФСР үрдүнэн чөмпүйүөн аатын ылбыт бурдук үүннэрээччи эбиккин дии. Дьэ эрэ, ол барыта үлэҕэ сыһыаҥҥыттан таҕыстаҕа?

– Чөмпүйүөннээн, Жигули массыына пуондатынан наҕараадаламмытым. Ити 1987 сыллаахха. Оччотооҕуга, сэбиэскэй былаас саҕана, социалистическай куоталаһыы сүрдээх күүстээхтик барара. Усулуобуйата да, наҕараадата даҕаны ботуччу буолара. Биир сыллаах эрэ үлэ түмүгэ буолбакка, биэс сыл устата бурдук үүннэрээччилэр биригээдэлэрин салайбыт звеньевод этим.

Мин Егор Родионович, Варвара Фёдоровна Константиновтарга бэһис оҕонон төрөөбүтүм. Төрөппүттэрим үтүө холобурдарынан үлэҕэ сыстан улааппытым. Биһиги олоххо ситиһиибит үксэ дьиэ кэргэммититтэн, оҕо сааспытыттан саҕаланан, саҕыллан кэлэр дии саныыбын.

Надежда Николаевна:

– 2001 сыллаахха олунньу ыйтан «Покровское» ОПХ-ҕа хортуоппуй биригээдэтигэр агроном-семеноводунан үлэҕэ киирбитим. Ол сыл күһүҥҥү хомуур кэнниттэн “Урожай” быыстапкатыгар киирэн, өрөспүүбүлүкэҕэ саамай үрдүк хаачыстыбалаах уонна үрдүк үүнүүлээх буолан, кыайыылаах тахсыбыппыт, кыһыл көмүс уонна үрүҥ көмүс мэтээллэринэн наҕараадаламмыппыт. Ол сыл ОПХ үлэһиттэригэр хамнаспытын төлөөбөтөҕө. «Моҥкуруут буолла» диэн. Төһө да үлэбит түмүгэ үрдүктүк сыаналаннар, сайыҥҥы сырабыт-сылбабыт биир хамнаһа суох хаалбыта дьиэ кэргэҥҥэ охсуулаах этэ. Бу санаатахпытына, сөбүлүүр идэбитигэр бэриниилээх эрэ буоламмыт, үлэ түмүгүнэн эрэ дуоһуйан сырыттахпыт. Ама да ааспытын иһин, оннук түгэннэр, кэмнэр бааллара эрэ диибит.

 

Киһиэхэ дьайар күүстэрэ 3-4 төгүл улахан

– Сахабыт сиригэр үүнэр эмтээх оттору оҕо сааскыттан билэр эбиккин дии, Надежда Николаевна? Ол да иһин бу дьарыкка кэллэҕиҥ?

– Ийэбит Матрёна Григорьевна биһигини кыра эрдэхпититтэн эмтээх отторунан эмтиирэ. Ону барытын олорор сирбититтэн үргүүрэ. Кыһыннары-сайыннары суораппытыгар үөрэ отун, бэс сутукатын кутан сиэтэрэ. Ол иһин хаһан да улаханнык ыалдьыбат этибит. Улахан убайым кыра сылдьан «порок сердца» диэн диагнозтааҕа, уҥан хаалар этэ. Быраастар физкултуураттан босхолообуттара, ону ийэбит эмтээн үтүөрдүбүтэ. Убайбыт улаатан баран спорт бары көрүҥүнэн дьарыктаммыта.

Мин 1997 сыллаахха бэтэринээринэй факультекка фитотерапевт идэтигэр үөрэммитим. Онтон ыла бэйэм эмтээх оттору үүннэрэн, ону хомуйан, хатаран, оҕолорбун, аймахтарбын, табаарыстарбын, билигин сиэннэрбин ону сөпкө туһанарга үөрэтэбин. Тымныйыыга, куртах, ис ыарыыларыгар бэйэм үүннэрбит уонна айылҕаттан хомуйбут отторбуттан сбор оҥорон биэрэбин. Биһиги кылгас сайыннаах Сахабыт сирин үүнээйилэрэ киһиэхэ дьайар күүстэрэ 3-4 төгүл улахан. Онон түргэнник көмөлөһөллөр.

Игнатий Егорович: – Итиннэ эбэн эттэххэ, бааһынай хаһаайыстыба тэриниэхпититтэн оҕолорбутун уонна аймахтарбыт оҕолорун мунньан, лааҕыр тэрийэн үлэлэтэр этибит. Сайынын 16 оҕоҕо тиийэ буолара. Манна үлэ үөрүйэхтэригэр, ньымаларыгар үөрэнэллэрин ааһан, эмтээх оттору билиигэ сүрүн болҕомтобутун уурабыт. Кэргэним анал үөрэхтээх. Онон оҕолор бу эмтээх от диэн арааран хомуйа үөрүйэхтэр. Бэйэлэрин дьонноругар кэпсиир кыахтаахтар. Манна сиэр-туом хайдах тутуһалларыгар кытта үөрэх бараллар. Үөһэттэн бэриллибит аналбыт, олохпут тутула, киһи аймах сайдар кэскилин түһэ буолар кэнэҕэски ыччат дьоммут ону оҕо саастарыттан эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэллэрэ биһигиттэн, аҕа саастаах көлүөнэттэн тутулуктааҕын өйдүөхтээхпит дии саныыбын.

 

Талаҕы төһөнөн быһаҕын да, соччонон түргэнник үүнэр

– Дьиктитэ баар, бу талахтан корзиналары өрүү ыал аҕатыттан саҕаламмыт дьарык эбит дии?

– Кулун тутар 8 күнүгэр корзина бэлэх ылбытым соһуччу үөрүү буолбута. Аҕабыт 1991 сыллаахха ОПХ-тан уурайан, Мохсоҕоллооххо харабылынан үлэлии киирбитэ. Онно бииргэ үлэлиир киһитэ Антон Марцевич лукошконы икки ииттэн өрөн көрдөрүөҕүттэн ыла хас дьуһуурустубатын ахсын корзина өрөн аҕалар буолбута. Оччоттон күн бүгүҥҥэ диэри Игнатий Егорович дьарык гынан илдьэ сылдьар. 1993 сыллаахха харчы уларыйан, хамнас төлөммөт буолбутугар, мунньуллубут корзиналарбытын атыылыы сатаабыттаахпыт, ол кэмҥэ дьон ылбат этилэр. Ону, хата, дьоммутугар, аймахтарбытыгар бырааһынньыктарга бэлэхтиир идэлэммиппит.

1998 сыллаахха Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр семинарга киирэн баран, «Алаас Хотун» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Изабелла Петровна Матвееваны кытта билсибитим. Изабелла Петровна Игнатий Егорович үлэлэрин көрөн баран, 1999 сыллаахтан биһигини ыҥыран ылан быыстапкаларга кытыннарар, ыҥырар буолбуттара.

Миигин уһуйбут киһим – кэргэним. Бастаан талаҕы наардаан биэрэр, онтон ыраастаһар буолбутум. Кэлин хайытарга үөрэммитим, ол курдук кыраттан саҕалаан, өрөн киирэн барбытым. Дьон талаҕынан өрөргө интэриэстэрэ улахан. Бастакы үөрэнээччибит Александр Апросимов 2001 сыллаахха кыһыҥҥы уһун өрөбүлгэ кэлэн, биир нэдиэлэ уһуйуллан барбыта. Араас улуустартан сүүстэн тахса киһи үөрэннэ. Бэйэбит улууспутугар, Нөмүгү орто оскуолатын оҕолоругар Игнатий Егорович эбии үөрэх быһыытынан ыыта сылдьыбыта. Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбаларын иһинэн 7 киһи үөрэммитэ. Покровскайга улуустааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын салайааччы Татьяна Гаврильевна Харлампьева уонна социальнай харалта управлениетын салайааччыта Елена Ивановна Иванова көҕүлээһиннэринэн 10 киһиэхэ биир ыйдаах куурус ыыппыта. Ону таһынан бу атырдьах ыйын үс нэдиэлэтигэр – бээтинсэ, субуота күннэригэр талаҕынан өрүүгэ 4 маастар-кылааһы ыыттыбыт, онно 26 киһи кэлэн үөрэннэ.

Биһиги, ити эрдэ этэн аһарбытым курдук, түөрт оҕолоохпут – икки кыыс уонна икки уол. Сэттэ сиэннээхпит, онтон алтата – уол, соҕотох кыыс сиэннээхпит. Оҕолорбут кыраларыттан талаҕынан өрөргө үөрэммиттэрэ. Билигин бары атын үлэлээх буоланнар, ким да талаҕынан улаханнык дьарыктаммат.

– Игнатий Егорович, талаҕынан өрүү диэн өбүгэлэрбит саҕаттан кэлбит дьарык туох кистэлэҥнэрдээҕий?

– Бастатан туран, бу тыыннаах. Бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар үүнэн тахсыбыт талах буоллаҕа. Аны дьэ мантыҥ биир интэриэһинэйдээх ээ. Талаҕы төһөнөн быһаҕын да, соччонон түргэнник үүнэр уонна доруобай буолар. Оттон төһөнөн быһыллыбакка турар даҕаны, соччонон ыарыыланар. Аны туран, быһыллыбат буоллаҕына, үөн-көйүүр уйатыгар кубулуйар. Оннук дьээбэлээх. Маны дьарыктаммат дьон соһуйа истэллэрэ чуолкай бөҕө буоллаҕа дии. Онон биир кистэлэҥэ итиннэ дии саныыбын. Надябыныын иккиэн бииргэ сылдьан талахпытын быһабыт, бэлэмниибит.

 

Биир сыл иһигэр хайдах да өнүйбэккин…

– Тыа хаһаайыстыбатыгар туох өйөбүл бырагыраамаларга киирсэр этигитий, Надежда Николаевна?

– Бэрэсидьиэн бырагырааматынан түргэнник ситэр кыыллары иитэн, дохуот киллэрэр өйөбүл баара. Бу ситэтэ суох буолан, хомойуох иһин, элбэх киһи бааһынай хаһаайыстыбатын эспитэ. Биир сыл иһигэр тыа хаһаайыстыбата хайдах да өнүйбэт. Бу хайысханы сайыннарарга кирэдьиит систиэмэтэ, уопсайынан, чэпчэтии элбэх сылга эрэ көрүллэр буоллаҕына сайдар кыахтаах. Биһиги кирэдьиит ылбыт буолан, ону төлөөрү, оҥорон таһаарбыт бородууксуйабытын барытын «Эллэйаада-финанс» тэрилтэҕэ  туттаран, нэһиилэ иэспититтэн төлөрүйбүппүт. Ол кэнниттэн аны ханнык да бырагыраамаҕа киирсибэтэхпит.

Биһиги сыл ахсын үүнүүбүтүттэн элбэх оҕолоох кыаммат ыалларга, инбэлииттэргэ, кырдьаҕастарга көмө оҥорон түҥэтэр этибит. Ол иһин 2000 сыллаахха Бырабыыталыстыбаттан миэхэ «2000 добрых дел» диэн мэтээли туттарбыттара.

Быйыл саас төрөөбүт улууспар –  Намҥа элбэх дэриэбинэ халаан уутуттан эмсэҕэлээбитигэр, биһиги Кузьма Острелины кытары кыттыһан, Нам Модут нэһилиэгин олохтоохторугар 3 туонна курдук сиэмэ хортуоппуйу көмө оҥорбуппут. Онон бэйэбит көлөһүммүтүн тоҕон, үгүс сырабытын ууран, көрөн-харайан, бүөбэйдээн үүннэрбит оҕуруоппут аһыттан дьоҥҥо-сэргэҕэ көмө оҥорорбут, ол туһаҕа барыыта – бу биһиги оҕо эрдэхпитинэ аҕаларбыт бултарыттан ыалларбытыгар түҥэтэр түгэммит курдук, дууһабытыгар үөрүүттэн атыны аҕалбат.

 

Барыбытын түмэр, салайар

– «Алаас Хотун» уопсастыбаннай түмсүү туох сыаллаах-соруктаах үлэлээн кэллэ?

– «Алаас Хотун» түмсүү быйыл сайын 30 сылын бэлиэтээбиппит. Бу сыллар усталарыгар бу уопсастыбаннай тэрилтэ тыа сирин сайдыытыгар улахан болҕомтотун ууран, үтүмэн үлэни ыытан кэллэ. Тыа сиригэр сайылыктааһын уонна Сайылык күнүн ылынар сокуону, бааһынай хаһаайыстыбаларга көмөнү оҥоруу, дьахтар көрсөр кыһалҕатын курдук боппуруостары СӨ Бырабыыталастыбатын таһымыгар туруорсаллар, олоххо киллэрсэллэр. «Алаас Хотун» уопсастыбаннай түмсүүнү 30 сыл устата биологическай наука хандьыдаата Изабелла Петровна Матвеева бары сыратын биэрэн барыбытын түмэн, салайан кэллэ. Ол тухары барыбыт, тыа сирин дьахталларын кыһалҕаларын, экология боппуруостарын Бырабыыталыстыбаҕа туруорсан, сокуоннарга уларытыылары киллэристэ. Билигин даҕаны Изабелла Петровна саҥа эдэр салайааччыга Арина Аркадьевнаҕа бэйэтин уопутун үллэстэ, сүбэлии-амалыы сылдьар.

Сылын аайы аһымал аахсыйалары ыыталлар. Уопсастыба иһинэн баар бааһынай хаһаайыстыбалар бородууксуйаларынан устудьуоннарга көмө оҥороллор. Биһиги дьиэ кэргэнинэн «Алаас Хотун» тэрээһиннэригэр, дьаһалларыгар үтүө санаабытынан көхтөөхтүк кыттабыт. Маннык тэрилтэлээх буоламмыт биир интэриэстээх дьоммутунуун күннээҕи кыһалҕаларбытын, үлэбит түмүктэрин бары бииргэ үллэстэрбит туох даҕаны дьоһуннаах.

Хаартыскалар: дьоруойдар тус архыыптарыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...