18.04.2024 | 12:01

Нацбырайыагынан тутуллар суолларга үлэ саҕаланна

Нацбырайыагынан тутуллар суолларга үлэ саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Главстрой» МКУ иһитиннэрэринэн, Дьокуускай куоракка «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» нацбырайыагынан быйыл сайын түмүктэниэхтээх 19 эбийиэктэн 5-гэр тутуу үлэтэ саҕаламмыт.
1.Можайскай уулуссатын Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри (2,190 км) учаастак бүгүҥҥү күҥҥэ 30% бэлэм. Эбийиэккэ 4 экскаватор, 1 погрузчик, 1 прораб, 3 маастар, 6 оробуочай үлэлээн саҕалаабыттар.
2.Макаренко уулуссатыгар (0,380 км) ыытыллар хапытаалынай өрөмүөн 5% бэлэм, манна 1 экскаватор, 2 автосамосвал үлэлииллэр.
3.Винокуров уулуссатын Ильменскэй уулуссатыттан Чайковскай уулуссатыгар диэри (1,014 км) кэрчигин саҥардан оҥоруу 61,5% бэлэм. Манна 1 экскаватор, 4 оробуочай үлэлээн эрэрллэр. 
4.Генерал Притузов уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ (1,155 км) 3% бэлэм, эбийиэккэ 1 погрузчик, 2 автосамосвал массыына үлэлээн саҕалаабыттар
5.Бүлүүлүүр суол Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа диэри (1-кы комплекс, 1,415 км) өрөмүөнэ 60% бэлэм. Манна 1 манипулятор, 1 автосамосвал, 2 экскаватор, 5 оробуочай үлэлээн эрэллэр.
Бу күннэргэ, ол эбэтэр муус устар 15 күнүттэн 21 күнүгэр диэри, эбии 2 эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ саҕаланаары турар:
- Рыдзинскай уулуссатын Жорницкайтан Халтурин уулуссатыгар диэри кэрчигэ;
- Заречная, Новая уулуссалар, Тепличнай переулок уонна Пригороднай бөһүөлэгэр оскуолаҕа киирэр суол быһа охсуһуута.
Салгыы муус устар 22-28 күннэригэр Можайскай уулуссатын Севастопольская уулуссаттан Өктөөп 50 сыла автострадаҕа диэри учаастагын хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланаары турар.
Хаалбыт 11 эбийиэккэ үлэ ыам - бэс ыйдарыгар саҕаланыаҕа. 
Маны таһынан уопсайа 9,028 км усталаах национальнай бырайыагы таһынан өрөмүөннэнэр 8 эбийиэктэн түөрдүгэр үлэ саҕаламмыт: Набережнай уулусса бастакы түһүмэҕэ (0,600 км), Ойуунускай уулуссатын Дежнев уулуссатыттан Октябрьскай уулуссаҕа диэри кэрчигэр «Азия оҕолоро» НИСО аналлаах парковкаҕа диэри, Бөҕү сүөкүүр ыстаансыйа суолун бастакы түһүмэҕэ (1,400 км) уонна Роман Дмитриев аатынан кытыл (1,134 км).
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» бырайыагынан 2019 сылтан Дьокуускай куоракка уопсайа 164 км усталаах суол ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһулунна, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата. "Главстрой" МКУ хаартыскалара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...