17.04.2024 | 11:26

Музыка үрдүкү оскуолатын тутуу саҕаланыаҕа

Музыка үрдүкү оскуолатын тутуу саҕаланыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тутууга хантараак түһэрсиигэ куонкурус саҕаланна. Дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан, Музыка үрдүкү оскуолатын тутуу 2026 сыл бүтүөр диэри түмүктэниэхтээх.

Оскуола саҥа комплексын иэнэ 9,5 тыһ. кв/м буолара сабаҕаланар. Манна  240 оҕоҕо аналлаах үөрэнэр куорпус уонна 150 миэстэлээх интэринээт, кэнсиэртиир саала, библиотека, звукозапись устуудьуйата, фонотека кабинеттара, спордунан дьарыктанар уонна оонньуур балаһааккалар киирсэллэр.

Музыка үрдүкү оскуолатын үөрэххэ уонна наукаҕа проректора Светлана Вдовенко бэлиэтээбитинэн, ааспыт 2023 сылга оскуола 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит.

«Бу сыллар усталарыгар оскуолабыт киэн туттуута буолар элбэх оҕо үөрэнэн ааста. Холобура, выпускникпыт Павел Васьковскай билигин Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын уус-уран салайааччытынан уонна дирижерунан үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа уонна дойду тас өттүгэр айар кэлэктииптэргэ итинник ситиһиилээхтик үлэлиир иитиллээччибит элбэх», – диэн бэлиэтиир проректор.

Музыка үрдүкү оскуолата бүгүн 7-тэн 18-гар диэри саастаах 174 үөрэнээччилээх, маны таһынан 103 устудьуон үрдүк үөрэх бырагырааматыгар үөрэнэр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...