Муус устар ыйга куорат саамай улахан оскуолатыгар сурутуу саҕаланар
«Муус устар 1 күнүттэн маҥнайгы кылааска сурутуу саҕаланар, ол иһигэр 68-с кыбаарталга – Н.И. Шарин аатынан 39-с №-дээх орто оскуолаҕа. Саҥа оскуола атын кылаастарыгар сурутуу ыам ыйыттан саҕаланар. Төрөппүттэр баҕа санааларыгар олоҕуран, булгуччу сахалыы уонна нууччалыы кылаастар баар буолуохтара. Оскуола национальнай оскуолалар сайдыыларыгар улахан сыратын биэрбит Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин аатын сүгэр», — диэн социальнай ситимнэргэ Үөрэҕирии управлениетын начаалынньыга Мария Петрова иһитиннэрдэ.
Үөрэҕирии управлениетын начаалынньыгын информациятынан, оскуолаҕа киирии прописканан оҥоһуллар. Билиҥҥи туругунан аадырыстары чуолкайдааһын ыытыллар, кулун тутар 15 күнүгэр диэри быһаарыллыахтаах.
Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ уонна Дьокуускай саамай улахан, 990 миэстэлээх оскуолата биллиилээх судаарыстыбаннай деятель, ССРС үөрэҕириитин туйгуна Николай Иванович Шарин аатын сүгэр.