«Муус устар» бэстибээлгэ бастыҥ волонтердарга бириэмийэ туттарыахтара
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин волонтердарын кытта үлэлиир киин» автономнай кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччыта Евгений Амбросьев бэлиэтээбитинэн, куонкурус Саха сиригэр аан бастакы төгүлүн ыытыллар, билигин өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар сүүмэрдиир түһүмэх буола турар. Бириэмийэ 12 номинациянан барар, хас биирдиитигэр үс бириистээх миэстэлээх. Кыайыылаахтар Саха сирин аатыттан Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттыахтара.
Бэстибээл кэмигэр «Триумф» ЦСП иккис этээһигэр баҕа өттүнэн үлэлиир хамсааһыннар балаһааккалара тэриллиэҕэ –«Волонтер-медиктэр», «Кыайыы волонтердара» уонна «Култуура волонтердара». Кинилэр араас тэрээһиннэри ыытыахтара. Итини таһынан, итиннэ «Саллаакка сурук» суруйуохха, анал байыаннай дьайыы кыттааччыларыгар гуманитарнай көмөнү туттарыахха сөп. Гуманитарнай көмөҕө наадалаах таҥаһы – бэргэһэлэри, наскылары, ис таҥаһы уо.д.а. аҕалар тоҕоостоох.
Евгений Амбросьев эбэн эппитинэн, Саха сиригэр спортивнай тэрээһиннэр волонтерстволара үчүгэйдик сайдыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕа күрэхтэһиилэр, турнирдар уонна чемпионаттар буолаллар. Итини таһынан, 2019 сылтан ордук күүскэ сайдыбыт социальнай волонтерство баар, холобур, коронавирус пандемиятыгар улахан үлэ барда.
«Пандемия кэмигэр волонтерскай хамсааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 3500-тэн тахса киһи кытынна. Билигин волонтердар анал байыаннай эпэрээссийэ кыттаалаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр. Холобур, куоракка гуманитарнай көмөнү хомуйаллар уонна ыыталлар. Оройуоннарга хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөллөр: мас хайыталлар, муус киллэрэллэр. Ол иһин социальнай уонна тэрээһиннэргэ үлэлиир волонтерство – Саха сирин сүрүн хайысхалара», – диэтэ Евгений Амбросьев.
Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 16 210 волонтер баар.