26.01.2022 | 12:00

Муус устар 1 күнүттэн саҥа үөрэх дьылыгар сурутуу саҕаланар

Муус устар 1 күнүттэн саҥа үөрэх дьылыгар сурутуу саҕаланар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Дьокуускай куорат» куорат уокуругун территориятыгар үөрэҕирии 53 муниципальнай тэрилтэлэриттэн 50 оскуола оҕолору маҥнайгы кылааска суруталыаҕа.  «Дьокуускай куораттааҕы лицей», «В.П.Ларионов аатынан физико-техническай лицей» 5-с кылаастан, «Үөрэҕирии Киинэ» 9 кылаастан үөрэнээччилэри ылаллар. Бу туһунан куораттааҕы үөрэҕирии Управлениета иһитиннэрдэ. 
2020 сыл балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи 458 №-дээх Арассыыйа үөрэҕириитин Министиэристибэтинэн бигэргэтиллибит бирикээһинэн, үөрэх алын, сүрүн уонна орто уопсай бырагыраамаларыгар киирии саҥа Бэрээдэгинэн оҥоһуллар, маҥнайгы кылааска сурутуу муус устар 1 күнүттэн саҕаланар. Сурутуу икки түһүмэҕинэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри ыытыллар.
1 түһүмэх — 2022 сыл муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри. Ити түһүмэх уочараты таһынан, бастакы уочарат киирэр бырааптаах, эбэтэр олорор территориятынан тустаах оскуолаҕа сыһыарыллыбыт оҕолорго анаммыт. 
2 түһүмэх — от ыйын 6 күнүттэн миэстэ туолуор диэри, ол эрэн 2022 сыл балаҕан ыйын 5 күнүн аһарбакка. Бу түһүмэх оскуола киирсэр территориятыгар олорбот оҕолорго аналлаах, ол аата бу түһүмэх кэмигэр атын оскуолаҕа сайабылыанньа биэриэххэ сөп. 
Маҥнайгы кылааска 6 сааһын 6 ый ааспыттан 8 сааһыгар диэри оҕолору ылаллар. Төрөппүт сайабылыанньатынан үөрэҕирии тэрилтэтэ (Олохтоох дьаһалта үөрэҕириигэ Управлениета) оҕо арыый эрдэ эбэтэр хойут киирэрин көҥүллүөн сөп.
Докумуон дьиҥнээҕин (оригинал) оскуолаҕа СМС эбэтэр портал биллэриитигэр ыйыллыбыт болдьоххо тиксэриллиэхтээх. 
Бастакы түһүмэх чэрчитинэн оҕо окуолаҕа ылыллыбытын туһунан бирикээһи сайабылыанньалар хомуллан бүппүттэрин кэнниттэн 3 үлэ күнүн иһигэр таһаарар, иккис түһүмэххэ – 5 үлэ күнүн иһигэр. 
Оҕону олордор интэринээттээх үөрэх тэрилтэлэригэр бастакы уочарат киирэллэр:
- 403 №-дээх 28.12.2010 «О Следственном комитете РФ» Федеральнай сокуон 35 ыстатыйатын 25 чааһыгар олоҕуран РФ Следственнай кэмитиэтин сотрудниктарын оҕолоро;
- 3132‑1 №-дээх 26.06.1992 «О статусе судей в РФ» РФ Сокуонугар олоҕуран судьуйалар оҕолоро; 
- 2202‑1 №-дээх 17.01.1992 «О прокуратуре РФ» Федеральнай сокуон 44 ыстатыйатын 5 пуунугар олоҕуран прокуратура үлэһиттэрин оҕолоро. 
Олорор сирдэринэн үөрэҕирии тэрилтэлэригэр бастакы уочарат киирэр бырааптаахтар:
- полиция сотрудниктарын оҕолоро;
- сулууспаларын эбээһээтэлистибэтин толоро сылдьан өлбүт полиция сотрудниктарын оҕолоро;
- полицияҕа сулууспалыы сылдьан ыалдьан өлбүт сотрудниктар оҕолоро;
- полицияҕа үлэлии сылдьан эчэйиини ылан уурайбыт РФ гражданнарын оҕолоро;
- полицияҕа үлэлии сылдьан эчэйиини ылан, ыалдьан үлэлэриттэн уурайан баран биир сыл иһинэн өлбүт гражданнар оҕолоро;
- 3 №-дээх 07.02.2011 «О полиции» Федеральнай сокуон 46 ыстатыйатын 6 чааһын 1 — 5 пууннарыгар олоҕуран полиция сотрудниктарын көрүүтүгэр-истиитигэр сылдьар (сылдьыбыт) оҕолор;
- ис дьыала уорганнарын (полиция сотрудниктара буолбатах) сотрудниктарын оҕолоро;

- холуобунай ирдэбил систиэмэтин, федеральнай баһаары утары сулууспа уонна таможеннай уорганнар сотрудниктарын оҕолоро;
- байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро;
Начальнай үөрэхтээһин сүрүн бырагыраамаларынан үөрэнэ киирэргэ баһылыыр күүстээх буолаллар:
- 411 №-дээх 02.12.2019 «О внесении изменений в статью 54 Семейного кодекса РФ и статью 67 Федерального закона «Об образовании в РФ» Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран ити оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар оҕолор бииргэ төрөөбүттэрэ.
Сайабылыанньа биэрэргэ:
Өҥө туһунан үчүгэйдик үөрэтиҥ, оскуола ханнык территорияҕа сыһыарыллан турарын билсиҥ, сайабылыанньаны биэрии болдьоҕор болҕомтоҕутуҥ ууруҥ. 
Сайабылыанньаҕытын ыйыллыбыт болдьоххо биэриҥ.
Оскуолаттан ыҥыралларын күүтүҥ, SMS-иһитиннэрии кэлиэҕэ эбэтэр эрийиэхтэрэ, ханнык күҥҥэ, хаска тиийэри уонна туох докумуон ирдэнэрин этиэхтэрэ.
Докумуоннар оригиналлара (куопуйа буолбатах) ирдэнэр.
Оскуолаҕа ылбыттарын эбэтэр аккаастаабыттарын туһунан быһаарыы тахсарын күүтүҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...