28.08.2021 | 11:00

Мутукчанан ыраастаныы

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар мутукчалаах мас 40-50 г бытарытыллыбыт иннэтин 1 лиитирэ оргуйбут ууга  кутан  40-50 мүнүүтэ устата туруоруҥ. Ити кэннэ сиидэлээн, санааны-оноону барытын ууран туран көннөрү ыраас ууну курдук иһэ сылдьыҥ. Мутукчаны истэххинэ, маҥнай киһи иигин өҥө уларыйыан сөп, онтон куттанар, дьиксинэр табыллыбат. Ити аата эһиги туруккут, ис уоргаҥҥыт ырааһырар диэн билгэлэнэр. Киһи организмыгар олус элбэх сыа-арыы, шлак мунньуллар. Хас хамсанныҥ, тыынныҥ ахсын сыа-арыы ыгыллар, ордук саастаах киһиэхэ тахсар. Дьүһүнэ уларыйдаҕына, бу ууну иһэргитин тохтотуоххутун сөп. Маннык ыраастаныыны ордук саас ыытар ордук. Аччаабыта сылга биирдэ киһи бу процедураны оҥоруохтаах. Бэс иннэтин оргутан баран, сөтөлгө, тымныйыыга, тумууга туһаныахха сөп. Киһи уопсай туругун чөлүгэр түһэрэр.

Чахчы туһалыыр дуо?

Тэтиҥ мас туһата олус элбэх диэн айдарыылаах дьон этэллэр, туһаналлар. Киһи сүгүн утуйбат буоллаҕына оронун анныгар тэтиҥ маһы укта сытара ордук. Аны туран, бу маһынан араас кэмпириэс оҥостоллор. Холобур, маннык: тэтиҥ хатырыгын 20-25 сантиметр уһун гына хастаан, хас да итинник хатырыгы утуйаргытыгар моойгут уонна биилгит  анныгар уктуҥ. Үс ый кэриҥэ бу ньыманы туһаннаххытына, моой, сис, биил хондуруостарын ыарыылара сүтэр. Тэтиҥ дьыл кэмин уларыйыытыгар туһата элбиир, ити кэмҥэ кини күүһэ-уоҕа өссө кытаатар. 

Уулаах отон

Күһүн буолла. Отон барахсан быйыл син үүнэр чинчилээх быһыылаах. Биһиги ордук отонунан утах оҥостон иһэбит. Битэмиинэ барыта паар буолан көтүөр диэри оргутабыт. Бу сыыһа. Дьиҥинэн, сиргэ үүммүт отону киһи кыра-кыралаан сиэхтээх. Морс оргутарбыт, барыанньалыырбыт туох даҕаны туһата суох. Отон сэбирдэҕэ эмиэ туһалаах ээ, ону дьон соччо-бачча аахайбат. Гастрикка, цистиккэ, бүөргэ, бүөр таастаннаҕына, үөскэ, арамачыыска, дабылыанньа үрдээһинигэр, тымныйыыга тутталлар диэн суруйаллар. Бүөр уонна хабах ыарыйдаҕына эбэтэр атаххын тоҥорон тымныйдаххына 3 кыра ньуоска отон бытарыйбыт сэбирдэҕин икки ыстакаан оргуйбут ууга кутан 15 мүнүүтэ устата туруоруллар. Күҥҥэ 3-4-тэ аһыаҥ 20 мүнүүтэ иннинэ ыстакаан 1/4 иһиллэр. Сэбирдэҕин күһүөрү хомуйан, сыттык иһигэр укта сытыахха сөп. Оччоҕо төбө ыарыыта (мигрень) сымыйанан эппит курдук ааһар. Биллэн турар, үчүгэйдик хатаран, алҕаан баран туттар ордук. 

Эмтээх оту хомуйууга сүбэ

И.И. Неустроев 2011 сыллаахха «Доруобуйа-дьол» диэн кинигэтэ тахсыбыта. Кини манна бэйэтин баай уопутун үллэстэр. Олортон мин биир саамай өйдөөн хаалбытым – эмтээх оту хомуйууга сүбэтэ. Кини этэринэн, эмтээх от, үүнээйи барыта биирдик туһаныллыбат. Ол иһин хомуйар киһи туһааннаах от эбэтэр үүнээйи ханнык өттө, ханнык чааһа туһаныллыан сөбүн чопчу билиэхтээх. Холобура, мать-и-мачеха үүнээйи сибэккитин кытта сэбирдэҕин ылаҕын, оттон долохоно сибэккитин кытта аһын ылыллар. Ити курдук бары үүнээйилэргэ. Хомуйуллар үүнээйи сир үрдүнээҕи отун, сибэккитин, аһын, сэбирдэҕин сарсыардааҥҥы сиик көтүөҕүттэн киэһэ сиик түһүөр диэри хомуйуохха сөп. Оттон үүнээйи силиһин күн устата ылыахха сөп. Эмтээх оту, атын да үүнээйилэри ардах түһэ турдаҕына хомуйуллубат. Ону сэргэ буортулааччылар алдьаппыт уонна бэйэлэрэ ыалдьыбыт үүнээйилэри, сибэккилэри эмиэ анаан хомуйбаттар. Итинтэн көстөрүнэн, эмкэ доруобай эрэ үүнээйи туһаныллар. Эмтээх оту куорат уулуссаларын эбэтэр тыа сиригэр элбэх сырыылаах айан суолун кытыытыттан хомуйбаттар. Тоҕо диэтэххэ, маннык отторго ыарахан металлар мунньуллаллар. Онон эмтээх оту айан суолуттан кырата 100 миэтэрэ тэйиччи сиртэн хомуйуллуохтаах. Үүнээйини ыраас кумааҕыга эбэтэр чэпчэки таҥаска тэлгэтэн баран, салгыҥҥа, күлүк сиргэ куурдуллар. Маннык бэлэмнээн дьиэҕэ эмиэ куурдуохха сөп. 

Умтичаана сүбэлиир

Бүгүн сугун абаҕата (багульник) диэн үүнээйи туһунан кэпсэтиэхпит. Сугуннуу сырыттахха, кини сыта ойууру биир гына ылар. Сугун абаҕата ыам ыйыгар-бэс ыйыгар үрүҥ сибэккинэн тыллан, кэрэ көстүүнү бэлэхтиир. Бу кини саамай эмтээх кэмэ буолан ситэр эбит. Бары билэрбит курдук, кини дьааттаах үүнээйилэргэ киирсэр, сибэккитэ ситэр кэмигэр эфирнэй арыынан баай буолар, ол иһин аттыгар өр сылдьыллыбат. Сугун абаҕатын күһүн атырдьах ыйыгар-балаҕан ыйыгар хомуйар ордук, сэбирдэхтэрин туһанабыт. Урукку кэмнэргэ Тибет медицинатыгар сэллиги, быар ыарыытын эмтииллэригэр, гинекологияҕа күүскэ туһаналлар эбит. Онон сэрэнэн, бэйэ туругун көрөн, өссө быраас кэтэбилинэн, хонтуруолунан эмтэниэхпитин сөп.
Ол курдук, бронхикка, бронхиальнай астмаҕа, коклюшка, аҕылыырга, кириип кэмигэр, утуйбат буоллахха, дабылыанньаны түһэрэргэ, инчэҕэй экземэҕэ. Сөтөлгө иҥмит салахайы түргэнник таһааран, тыынар уорганы ыраастыыр. Эмп гынарга сэбирдэҕин кыралаан туттабыт.
Кыһын ойууртан ылан тутуннахха син биир туһалааччы.
1. Бронхикка, астмаҕа 2 ост.нь. оту ыстакаан итии ууга кутан, 5 мүнүүтэ оргутабыт. Сойбутун кэннэ  1 ост. нь. күҥҥэ 3-4 иһиллэр.
2. Кирииптээбит киһи 25 г сугун абаҕатын 1 лиитирэ итии ууга кутан, хаппахтаан, сылаас сиргэ эбэтэр термоска оҥорон, 10 чаас туруоран баран ыстакаан 1/3 күҥҥэ 4-5 төгүл аһыан иннинэ сылаастыы иһэр.
3. Чэй оҥостуохха сөп. Эмиэ 25 г оту лиитирэ ууга көөнньөрүҥ. Бу аҕылыыр буоллахха, ааспат сөтөлгө, астмаҕа көмөлөһүө.
4. Биир ч.нь. сугун абаҕатын сэбирдэҕин 2  ыстакаан ууга көөнньөһүк оҥостон, чаас аҥаара туруоран баран, сиидэлээн, күҥҥэ түөртэ 1 ост.нь. истэхпитинэ хаан эргиирин тупсарыа, тымырдары кэҥэтиэ, утуйбат буолбуту аһарыан сөп. Дабылыанньаны аргыый түһэриэ, ииктэтэр буолан, бу түгэҥҥэ  сыыйа көмөлөһөр дьайыыны оҥорор. Билигин сороҕор эмп суох түбэлтэтигэр айылҕабыт баай аптекатыгар хайыһан, көмө көрдүүрбүт туһалаах буолуон сөп. Ыалдьымаҥ, бу сүбэлэри тускутугар туһаныҥ.

Дөлүһүөн барахсан

Киһи аймах дөлүһүөнү соччо аанньа ахтан хомуйбат да, сэҥээрбэт да. Кини хатыылаах буолан, хомуллара уустук. Дөлүһүөн отонноро саһарчы кытарбыттарын кэннэ биирдэ хомуллуохтаах. Ситэ кытарбатах, саһаран турар дөлүһүөн туох да битэмиинэ, туһата суох буолар. Атырдьах ыйыгар хомуллара саамай сөп. Эрдэттэн хомуйар наадата суох. Кини туһата ордук хаан эргииригэр сытар. Хаан аҕыйааһыныгар дөлүһүөнү элбэхтик сиэҥ. Уҥуох тостуутугар эмиэ туһата баһаам, илии-атах тоһуннаҕына түргэнник оһорор. Өссө тирии баастаах дьоҥҥо абыраллаах. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...