16.07.2023 | 10:00

Муоста тутуллуо дуо?

Муоста тутуллуо дуо?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Кремль уораҕайыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РАНХиГС салайар каадырдары бэлэмниир бырагырааматын  выпускниктарын кытта көрсүһүүтүгэр кыттыыны ылбытын суруйан турабыт. Көрсүһүүгэ куорат баһылыга Саха сирин олохтоохторун барыларын долгутар тыын боппуруоһу көтөхпүтэ: Өлүөнэ өрүс муостата тутуллуо дуо? 
Сонун тахсыбытын кэннэ элбэх киһи куорат баһылыга Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаҕа туох сыһыаннааҕын ыйыталаста. Онно быһааран эттэххэ, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста Дьокуускай куорат маастар-былаанын биир тутаах салаата, итиэннэ муоста куорат Табаҕа нэһилиэгин сирин хабар. Онон киин куорат бу муостаҕа быһаччы сыһыаннаах.

Муоста баар буоллаҕына...

Бырайыак уопсайа 14,5 км усталаах, онтон өрүс үрдүнэн ууруллар чопчу муостатын уһуна – 4,6 км. Утарыта айанныыр икки балаһанан сууккаҕа 5 300 массыына сылдьара сабаҕаланар.

Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу – аан дойдуга ханна даҕаны суох ураты бырайыак. Онон тоһуттар тымныылаах сиргэ вантовай муостаны тутууга бастакы хараҥаччы буолабыт.

Саха сирин илин уонна арҕаа улуустарын икки ардыгар сылы эргиччи сырыы суох, онтон сылтаан бородуукта, уматык сыаната барыта аччаабыта икки бүк ыарыыр. Оттон муоста тутуллуута хоту улуустарга таһаҕас тиэйиитин хааччыйан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр, экономикатыгар үтүө эрэ өттүнэн сабыдыаллыаҕа.

Өлүөнэ муостата маны сэргэ тимир суолга тахсар эрэллээх тирэх буолуоҕа, «Лена», «Халыма», «Бүлүү» федеральнай массыына суолларын ситимниэҕэ. Оччотугар аспыт-таҥаспыт сыаната Арассыыйа атын киин куораттарыттан улахан уратыта суох буолуон сөп.

Дойду бэрэсидьиэнэ туох диэтэ?

Дойду Аҕа баһылыга муоста тутулларын өйүүрүн биллэрэн: «Муостаны, биллэн турар, тутуохпут», – диэн эттэ. Чопчу болдьоҕун ыйбатар даҕаны, эрэл кыыма эрэ буолбакка, эрэл дьиҥ бэйэтэ үөскээтэ.

Владимир Путин итини сэргэ Дьокуускай куорат ирбэт тоҥ үрдүгэр соҕотох уонна бастыҥ куорат буоларын бэлиэтээбитин истэргэ астык.

Бүгүҥҥү туругунан муоста бырайыага, сметата экспертизаҕа киирэн сытар. Онон билигин бигэргитиини ааһарын эрэ күүтэр курдукпут...

 

Кимнээх туталларый?

2020 с. СӨ Бырабыыталыстыбата уонна «Восьмая концессионная компания» («Вис» бөлөххө киирэр) Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун туһунан сөбүлэҥи түһэрсибиттэрэ. Сөбүлэҥ усулуобуйатынан, тутуу болдьоҕо 54 ый буолар.

Бүгүҥҥү туругунан эбийиэк сүрүн конструктивнай чааһа 2027 сыл бүтүөр диэри түмүктэнэрэ былааннанар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин  бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ.

Сыаната төһөнүй?

Муоста сыаната бу сыллар тухары хаста даҕаны уларыйда, уларыйыы, биллэн турар, улаатыы өттүгэр барар. Ол курдук, холобура, 2019 сыллаахха 83 млрд солк. диэн сыаналаммыт буоллаҕына, 2022 сылга 132 млрд солк. тиийбитэ. Билигин, экспертэр суруйалларынан, 130 млрд солк. диэри түһэрии боппуруоһа көрүллэр эбит. Тэҥнээн көрүүгэ: Крым муостатын уопсай сыаната 227,92 млрд солк.

 

Муоста Дьокуускай куорат суотугар киирэр

Өрүһү туоруур муоста Эргэ Табаҕа сэлиэнньэтиттэн (Дьокуускай куорат уокуруга) Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар тиийиэхтээх.

 

Айан төлөбүрдээх дуо?

Аан дойдуга баар муосталар бары төлөбүрдээхтэр. Этэргэ дылы, билиҥҥи олоххо «босхо» диэн тыл ханна да суох. Крым муостата буоллун, Владивосток куорат муосталара буоллуннар – барыта төлөбүрдээхтэр. Оттон биһиги муостабыт чэпчэки уйуктаах массыыналарга «Арассыыйа Федерациятыгар массыына суолларын уонна суол үлэтин туһунан» федеральнай сокуон 37-с ыстатыйатынан – босхо, таһаҕаһы тиэйэр массыыналарга, бука, төлөбүр көрүллэрэ буолуо. Оттон ол кээмэйэ бырайыак олоххо киирдэҕинэ эбэтэр киирэрэ чугаһаатаҕына эрэ быһаарыллара чуолкай.

 

Өлүөнэ муостата саҥа тыыны киллэриэ дуо?

Биллэн турар, киллэрэр! Холобура, бу курдук:

Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайыннарыыга көдьүүстээх буолуоҕа.

Иккиһинэн, промышленнай тэрилтэ элбиэҕэ, ону кытта саҥа үлэ миэстэлэрэ тахсыахтара. Холобура, барыллаан ааҕыынан, 4,5 тыһ. үлэ миэстэтэ тахсара сабаҕаланар.

Үсүһүнэн, Сибиири уонна Уһук Илин регионнарын кытта сылы эргиччи сиринэн сибээс олохтонон, үргүлдьү Кытай, Корея саҕахтара көстүөхтэрэ. Ол аата ас-таҥас, эмп-томп быыстала суох киириэн сөп.

Төрдүһүнэн, «Бүлүү», «Лена» уонна «Халыма» федеральнай массыына  суолларынан таһаҕас тиэйии схемата уларыйыаҕа. Новосибирскайтан, Красноярскайтан, Сибиир атын даҕаны куораттарыттан Саха сиринэн Магадаҥҥа тиийэ айанныыр кыах арыллар.

Бэсиһинэн, нэһилиэнньэ ахсаана элбиэҕэ, Сахабыт сирэ элбэх араас омук дьоно тоҕуоруһар, олохсуйар, үлэлиир сиригэр кубулуйуоҕа.

Муостаны тутууга олохтоох нэһилиэнньэ үлэлиэ дуо?

Муоста тутуутугар араас идэлэргэ 1200 кэриҥэ үлэ миэстэтэ тахсыан сөп. Үрдүк, орто анал үөрэхтээх исписэлиистэри таһынан механизатордар уонна оробуочай идэлээх дьон наада буолуохтара.

Тутуу бастакы уочаратыгар 500-чэкэ киһи үлэлиирэ сабаҕаланар, сыыйа өссө элбэх үлэһит ирдэнэрэ күүтүллэр. Онон олохтоох нэһилиэнньэ бэдэрээтчит официальнай саайтын кэтиэн наада.

 

Тоҕо тоннель буолбатаҕый?

Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун туһунан өссө ааспыт үйэ 80-с сылларыттан кэпсэтэллэр. Ол тухары муоста араас моһуона, бырайыага оҥоһуллан кэлбит буолуохтаах. Онтон 2014 сыллаахха хас да көлүөнэ ыра санаата дьэ олоххо киириэх курдук буолаатын кытта көрүллүбүт үп... Крым муостатыгар көһөрүллүбүтэ. Ол кэннэ эмиэ уонча сыл ааста.

Тоннель тоҕо тутуллубатын быһаарыы:

Тоннель тутарга инженернэй-геологическай усулуобуйа сөп түбэспэт дииллэр.

 

Нэһилиэнньэ санаата

Евгений:

Мин санаабар, муоста тутуллар түгэнигэр, бастатан туран, сыана чэпчиэ дии саныыбын. Ордук ас уонна тутуу матырыйаалын сыаната биллэ чэпчиэҕэ. Бэйэм хоту улуустан төрүттээхпин эрээри, муоста тутуллар буоллаҕына, улууһуттан тутулуга суох бары абыраныа этибит.

 

Елизавета:

Муоста тутуллара ырыалаах олоҥхо буолла! “Ити тутан эрэбит”, “бу дьону буллубут”, “сыаната бачча буолла” диэн кэпсээн эрэ оҥостоллор. Мин тыыннааҕым тухары өтөрүнэн олоххо киириэ суох быһыылаах. Куолулаабакка, хата, паромнар ахсааннарын элбэтэллэрэ буоллар, быдан көдьүүстээх буолуо этэ.

 

Надежда:

Илин эҥэрдэр тыын боппуруостара – муоста. Өлүөнэ эбэни туораары төһөлөөх киһи тыына быстыбата буолуой? Ыраата барбакка, 2000 сыллардааҕыны ахтан аастахха, паромҥа киирэр туһуттан бэстилиэттээх дьон кытта баара дии. Онон муоста тутуллара сүҥкэн суолталаах. Муоста баар буоллаҕына, саха дьоно, дьэ, дьиҥнээхтик ис сүрэхпититтэн үөрүө этибит.

 

Семен:

Өлүөнэни туоруур муостаны тутар тыын суолталааҕын дакаастаабыппыт хас эмэ үйэ буолла. Билигин саамай сүрүн боппуруоһунан муоста тутуллар болдьоҕун быһаарыы турар быһыылаах. Аан дойду балаһыанньата хайдах да буолбутун иһин, биһиги муостабыт тутуллуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ экономиката даҕаны син туруктаах курдук кэпсииллэр, харчы суох диир буоллахтарына, кытайдарга тоҕо туттарбаттарый?

 

Ити курдук, муоста тутуллан үлэҕэ киириитэ сайдыыны аҕалара чахчы. Холобура, федеральнай атыы-эргиэн маҕаһыыннара кэлиэхтэрэ, бэйэ оҥорон таһаарыы элбиэҕэ, сыана аччыыра дьон-норуот тирэхтээх буоларыгар даҕаны сабыдыаллыыра, кыаҕы кэҥэтэрэ саарбахтаммат. Киин куораттартан улахан уратыта суох буолуохпут, саамай наадалаах аспыт-таҥаспыт, эмпит-томпут чэпчэки сыаналаах буолара туох куһаҕаннааҕый?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...