Мукучулар Амма өрүс көмүскэлигэр
21-с үйэ сытыы кыһалҕата – Ийэ айылҕаны харыстааһын. Икки атахтаах дьалаҕайыттан тахсар бөх-сыыс, кир-хах, промышленнаска туттуллар дьаат тобоҕо сири-уоту, үрэхтэр, өрүстэр ууларын сүһүрдэн буортулуурун көрө-истэ сылдьабыт.
Биллэрин курдук, тулалыыр эйгэбит, төрөөбүт дойдубут чөл туруктаах буолара киһи тус бэйэтиттэн, ийэ айылҕаҕа сыһыаныттан улахан тутулуктаах. Айылҕа киртийдэҕинэ, тыынар тыыннаах, от-мас кэхтэр. Киһи аймах чээлэй күөх ойуурдаах, хойуу оттоох хочолордоох буолан, ыраас салгынынан сайа тыынар эбээт! Онон халыҥ тайҕабыт, баай хара тыабыт үүнэн силигилээн турар чиргэл маһын кэрдэри олохтоох дьон утарсыах кэриҥнээхпит. Сахалар, айылҕабытын көмүскүүр иһин биир сомоҕо буолар кэммит тосхойдо. “Амманы көмүскүүбүт!” уопсастыбаннай бөлөх уонна Амма улууһун экологическай сэбиэтин чилиэннэрин көҕүлээһининэн ыытыллар «Помогите спасти Амгу!» диэн айылҕа харыстабылын аахсыйатыгар Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгиттэн кыттыыны ыллыбыт. Ол курдук:
- Мукучу модельнай библиотекатын (сэб. И.Н. Им) “Ааҕар Мукучу” түмсүүтүн чилиэннэрэ “Кэрэ Амманы харыстыаҕыҥ!” диэн ис хоһоонноох өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыыны ыларга нэһилиэккэ бастакынан холууптары оҥорон өйөөтүлэр. - И.Г. Левин аатынан Танара агро хайысхалаах орто оскуолатын 4-с кылааһын бүтэрбит үөрэнээччилэр (сал. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ А.И. Винокурова) Амма айылҕатын харыстыыр аахсыйаҕа кыттыыны ыланнар, оскуола оҕолорун көҕүлээтилэр. - Танара орто оскуолатын 4-с кылааһы бүтэрбит оҕолор бастыҥ холобурдарын батыһан, 3-с кылаас 18 үөрэнээччитэ (сал. И.И. Иванова) аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытынна.
- Төрөппүттэр оҕолорун өйүүллэрэ хайҕаллаах. Амма көмүскэлигэр Федоровтар дьиэ кэргэн ийэлэрэ Дария Николаевна, аҕалара Дмитрий Михайлович уолаттарын Сахамины (Танара орто оскуолата, 3 кылаас), Диманы (6 кылаас) кытта биир бастакынан холууптары оҥорон ыыппыттара.
- “Амманы көмүскүүбүт!” аахсыйа көхтөөх кыттааччыларынан Григорьевтар дьиэ кэргэн буоллулар. Ол курдук СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай орто үɵрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, “Педагогическая династия учителей Егоровых РС(Я)” бэлиэ хаһаайката, “Үөрэнээччилэр билиниилэрин ылбыт учуутал”, Арассыыйа таһымнаах үлэ бэтэрээнэ, билигин сынньалаҥҥа олорор 70 саастаах эбээ Л.Н. Григорьева сиэннэрэ, ХИФУ устудьуоннара Матренаны уонна Марияны кытта Ийэ айылҕаны харыстыырга биир санаалаахтарын биллэрдилэр. - Аахсыйа кыра саастаах кыттааччыта А. Стрекаловская ийэтэ Саргылана Гаврильевнаны, эдьиийэ Ангелинаны, убайа Георгийы уонна Волков Сережаны кытта аар айылҕаны харыстыы улаатарга дьулуһар. Онон кыралыын-улаханныын Амма көмүскэлигэр кыттыспыттара олус үчүгэй. - Мукучу гимназиятын выпускниктара уонна 10-с кылаас үөрэнээччилэрэ (дир. солб. М.Н. Софронеева) Амма көмүскэлигэр туһуланар аахсыйаны биһирииллэрин биллэрдилэр. - И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын выпускниктара ситии-хотуу аттестаты ылар бэлиэ күннэригэр холуубу тутаннар хаартыскаҕа түһэннэр, айылҕаны харыстааһыҥҥа биир сомоҕо буолалларын көрдөрдүлэр (сал. Л.А. Егорова). - “Танара” үлэ-сынньалаҥ лааҕырын (нач. Д.И. Яковлева) 1-кы дистанционнай сезонун оҕолоро көхтөөхтүк кытыннылар. 16 оҕо холууптарын хаартыскаҕа түһэрэн ыыттылар. - Ийэ айылҕаҕа, күөх үүнээйигэ ис кутунан чугас, өрүү олох үөһүгэр сылдьар дьаныардаах учуутал, үлэ бэтэрээнэ, “Талбаана” хомусчуттар түмсүүлэрин чилиэнэ Е.В. Гоголева көҕүлээһининэн, тэлгэһэ оҕолоро түмсэн “Кэрэ Амманы харыстыаҕыҥ!” аахсыйаҕа көхтөөх кыттыыны ыллылар. Саамай кыра кыттааччылар 1 саастаах Эрсан Гоголев уонна Ариана Сметанина эдьиийдэрин, убайдарын кытары айылҕаны харыстыы улааталлар. Биэс саастаах Кира Сивцева, 3-с кылаас үөрэнээччитэ Юлиана Сметанина, 6 саастаах Даниил, Дарина (8 кыл.), Костя (10 кыл.) Михайловтар кырачааннарга үтүө холобур буолаллар. Маны көрөн, киһи сүргэтэ көтөҕүллэр, кэнчээри ыччат инники олоҕо сырдык, кэскиллээх буоларыгар эрэнэр. «Помогите спасти Амгу!» диэн айылҕа харыстабылын аахсыйатыгар Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгиттэн 23 улахан киһи уонна 89 оҕо, барыта 112 киһи Амма көмүскэлигэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Светлана Самсонова, Кэбээйи, Мукучу