08.06.2022 | 16:00 | Просмотров: 1161

Муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 10% үрдээтэ диэн иһитиннэрдэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ.
Муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ регионнааҕы социальнай бырагыраамалары олоххо киллэрэргэ, тиийиммэт араҥаҕа көмө оҥорорго, Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун таһымын сыаналыырга анаммыт. Кини үрдээтэҕинэ хамнас алын кээмэйэ, биэнсийэ уонна оҕо төлөбүрдэрэ эмиэ улааталлар. 
Бэс ыйын 1 күнүттэн муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэ үлэлиир кыахтаах араҥатыгар 22 911 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 18 076 солк., оҕолорго – 21 839 солкуобайга тэҥнэстэ.
Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустара, Айхал бөһүөлэк уонна Удачнай куорат (нэһилиэнньэлээх пууннарын кытта) киирэр бастакы зонаҕа муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 24 592 солк., үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ – 26 806 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 21 150 солк., оҕолорго – 25 552 солк. буолла. 
Иккис зонаҕа – Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уонна куорат уокуругар 20 599 солк., үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ – 22 452 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 17 714 солк., оҕолорго – 21 403 солк. тэҥнэстэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.