Москваҕа ыһыах ыытылынна
От ыйын 30 күнүгэр, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка, «Коломенское» музей-заповедник территориятыгар сахалар национальнай бырааһынньыкпыт Ыһыах ыһылынна.
Күн устата манна 25 тыһыынчаттан тахса Москва куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара сырыттылар, норуоппут үтүө үгэстэрин, духуобунай култууратын, историятын кытта билистилэр, үөрүүбүтүн үллэһиннилэр. Быйылгы ыһыах Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 390 сылыгар, Саха АССР уонна Саха сирин Постпредствота тэриллибиттэрэ 100, саха норуотун чулуу бэрэстэбиитэлэ, сэбиэскэй судаарыстыбаннай уонна политическай деятелэ Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылларыгар уонна Арассыыйа Норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар ананна. Ыһыах үөрүүлээх аһыллыытыгар Армения, ДНР, Иордания, Казахстан, КНДР, Монголия, Палестина, Сирия, Туркменистан уонна Узбекистан делегациялара сырыттылар, Москва национальнай бэлиитикэтин уонна регионнар икки ардыларынааҕы сибээстэрин департаменын салайааччыта Виталий Сучков киин куорат баһылыга Сергей Собянин эҕэрдэ тылларын тиэртэ. Кини Ыһыах Москва куоракка ыытыллыбыта хаһыс даҕаны сыла буолан, киин куорат култуурунай уонна уопсастыбаннай олоҕор биир чаҕылхай тэрээһининэн буоларын бэлиэтээтэ.
Бырааһынньык кэмигэр «Тымныы полюһа — Москва» Арассыыйа историятыгар саамай уһун атынан экспедиция үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэммитин туһунан этилиннэ. Экспедиция кыттааччылара, чуолаан удьуор сылгыһыттар Дугуйдаан Винокуров, кини уола Дархан уонна Мичил Неустроев саха аттарынан Өймөкөөн улууһуттан саҕалаан, дойду 17 регионун нөҥүөлээн 11 тыһыынча км бардылар. Итинтэн сиэттэрэн быйылгы ыһыах алгыһын сиэригэр-туомугар, 2007 сылтан аан бастаан, саха аттара кытыннылар.
«Коломенскай» музей-заповедник балаһаакката күн устата Саха сирин кытта билсэр-көрсөр сиринэн буолла. Манна М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт история чахчытынан экспозиция, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт архыып докумуоннарын быыстапката, «Олоҥхо дойдутун оһуордара» диэн Нам улууһун маастардарын уус-уран оҥоһуктарын, ювелирнай киэргэллэрин быыстапка-дьаарбаҥката тэрилиннэ. Итиэннэ Саха сирин маастардарын, уран тарбахтаахтарын маастар-кылаастара уонна презентациялара буолла. Норуоппут төрүт аһын-үөлүн амсайыы элбэх киһини түмтэ, интириэһиргэттэ. Айар кэллэктииптэр уонна өрөспүүбүлүкэ биллиилээх артыыстара ыллаан-туойан иһитиннэрдилэр, норуодунай көстүүмнэргэ уонна норуодунай фольклору толорууга куонкурустар, саха төрүт спортивнай оонньууларыгар күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.