27.12.2019 | 10:43

МОРУОС ОҔОННЬОР УОННА ХААРЧААНА СЫАНАЛАРА ТӨҺӨНҮЙ?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьыл үүнэр алыптаах кэмигэр улаханныын-кыралыын аптаах-хомуһуннаах остуоруйаларга, дьиктигэ-дьиибэҕэ итэҕэйэбит. Наука этэринэн, бу – туох да куһаҕана суох быһыы. Ол курдук, остуоруйаларга итэҕэйэр оҕо, улааттаҕына, олоххо тардыһыыта кытта күүстээх буоларын учуонайдар дакаастаан тураллар.

Төрөппүттэр ордук оҕолорбутун үөрдээри, бу бырааһынньыгы таһымнаахтык бэлиэтииргэ кыһаллабыт. Дьокуускайга Моруос Оҕонньору уонна Хаарчаананы ыҥыран эҕэрдэлэтии сыанатын билээри, куорат үгүс фирмаларыгар тахса сырыттыбыт. Саҥа дьыл кылаабынай дьоруойдарын эҕэрдэлэрин сыаналара ортотунан 2500 солкуобайтан саҕаланар эбит.

Аны туран, Моруос Оҕонньор уонна Хаарчаана эҕэрдэлэрин сыаната ахсынньы 30 күнүгэр эрэ диэри удамыр. 31 чыыһылаттан 1000 солкуобайынан ыарыыр. Тохсунньу 2 күнүттэн Эргэ Саҥа дьылга диэри өссө 1000 солк. эбиллэр эбит.

Моруос Оҕонньор Хаарчаананы кытта кэлэн эҕэрдэлиирэ, оҕоттон биир хоһоон истэрэ (эбэтэр хороводтуура), сып-сап соҕустук бардаҕына, 15 мүнүүтэ буолар. Ити үөһээ ыйыллыбыт сыаналар бары 15 мүнүүтэлээх эҕэрдэҕэ суоттаммыттар.

30 мүнүүтэлээх эбэтэр 1 чаастаах эҕэрдэҕэ суруллубукка эбии туох эмэ көрдөөх оонньуу эбиллэр эбэтэр сюжеттаах оонньооһун буолар. Холобур, “Эйиэхэ кэлэн истэхпитинэ бэлэххин ким эрэ уоран ылбыт, көрдүөххэ эрэ” диэн оҕону квест-оонньууга көҕүлүүллэр. Ол сыаната, биллэн турар, икки бүк үрдүүр.

Аниматордар оонньотоллоро 5000 солк. саҕаланар. Тиэмэтин, дьоруойдарын, остуоруйаны бэйэҕит талаҕыт. Куорат кытыытыгар, ыраах олорооччуларга эбии 500-1000 солк. эбиллэр. Тэрилтэлэргэ, оҕо уһуйааннарыгар 3000 солкуобайга кэлиэхтэрин сөп үһү.

МОРУОС ЭЛБЭЭБИТ

Тымныы Моруос Оҕонньор уонна Хаарчаана оруолун толорор дьон быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбээбиттэр. Ону Инстаграмҥа элбэх саҥа аккаунт арыллыбыта кэрэһилиир. Биһиги, холобура, 20-чэ Моруоска эрийэ сырыттыбыт. Кинилэр кэккэлэригэр “холтууралаары” Моруостуур бытыга суох эдэр оҕолору кытта уопуттаах театр артыыстара бааллар, саха Чысхаанын кытта буолуохха сөп.

Инстаграм кэпсииринэн, саамай былдьаһыктаах, аныгы тиэрмининэн эттэххэ, «топовай” арыыстар – бииргэ төрөөбүт Шариннар эбит. Эһээ Дьыл оруолугар – СӨ Филармония артыыһа Николай Шарин, Хаарчаана – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр виртуоз-хомусчут Василена Шарина. Кинилэр быйыл номнуо алтыс сылларын кырачааннарга саҥа дьыллааҕы настырыанньаны, дьолу-соргуну бэлэхтииллэр. Оҕолордоох дьон-сэргэ олус хайҕыыллар. Көстүүмнэрэ тупсаҕайынан, уобарастарын толорор таһымнарынан улахан да киһини итэҕэтиэх курдуктар.

ХАРЧЫ КЭМЧИ БУОЛЛАҔЫНА

Моруос Оҕонньору дуу, Эһээ Дьылы ыҥыран ылан оҕолоргутун эҕэрдэлиир үпкүт суох буоллаҕына, санааҕытын олох түһэримэҥ!

Билиҥҥи оҕо үксэ суотабайдаах, эбэтэр төрөппүттэрин төлөпүөннэрин баһылыыр, онон билэр дьоҥҥутугар сөҥ соҕус куоластаах эр киһини булан төлөпүөнүнэн эрийтэриэххитин сөп. Эҕэрдэлиир киһи, оҕону итэҕэтэр туһугар, бастаан  хайаан да кини ситиһиилэрин хайҕыахтаах, онтон баҕа санаатын этиэхтээх.

Өссө биир албас – интэриниэккэ киэҥник тарҕаммыт роликтар бааллар. Онно оҕо аатын, сааһын, сөбүлүүр дьарыгын, киниэхэ тугу баҕараргытын суруйан биэрдэххитинэ, бэйэтигэр эрэ туһуламмыт эҕэрдэ буолан көстөр. Оҕоҕут чахчы сөҕүө-махтайыа. Оннук роликтар, холобур, https://newyear.mail.ru сайтка сыллата тахсаллар, наһаа үчүгэйдэр.

Сатаан ааҕар буолбут оҕоҕо Моруос Оҕонньор сурук суруйуон сөп. Оннук өҥөнү саха ыччата эмиэ баһылаабыт. Дьэрэкээн кэмбиэрдээх, оҕоҕут туһунан туох информацияны биэрэргитинэн сиэттэрэн суруллар аптаах суругу 150 солкуобайтан саҕалаан сакаастыахха сөп. Инстаграмҥа булар судургу – хастар даҕаны.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...