Мониторинг хаачыстыбаны мэктиэлиир
Ыам ыйын 16 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга министиэристибэтин Уопсастыбаннай сэбиэтин мунньаҕар Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарын тэрийэр муниципальнай хааһына тэрилтэтин салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Людмила Давыдова нэһилиэнньэни уопсастыбаннай тырааныспар өҥөтүнэн хааччыйыы хаачыстыбатын уонна көдьүүһүн тупсарыыны мониторинг уонна хонтуруол систиэмэтэ хааччыйарын туһунан иһитиннэриини оҥордо.
Ол курдук, оптуобустар үлэлэрэ GPRS/Глонасс технологиятын көмөтүнэн хонтуруолланар. Оттон мониторины Киин диспетчерскэй сулууспа Пассажирдары тиэйэр тырааныспары диспетчер нөҥүө салайар автоматизированнай радионавигационнай систиэмэ (АСУ-Навигация) нөҥүө ыытар. Систиэмэ биэрэр информациятынан хас биирдии маршрукка сыһыарыллыбыт оптуобустар рейскэ төһө толору састаабынан уонна кэмигэр тахсаллара, графигы тутуһуулара, оптуобустары көдьүүстээхтик туһаныыны о.д.а. барыта хонтуруолланар. Маны сэргэ радиомаяк көмөтүнэн тырааныспар чопчу ханна сылдьара көстөр.
Киин диспетчерскэй сулууспа билигин куорат иһигэр эрэ буолбакка, нэһилиэктэргэ сылдьар оптубуостары кытта кэтээн көрөн, күннэтэ оперативнай сводканы мунньан иһэр. Ол курдук, сыл саҕаланыытыгар бигэргэтиллибит графигы толоруу куорат иһигэр сылдьар оптуобустарга 80 % намыһаҕа быһаарыллыбыт уонна ол төрүөтүнэн суоппар тиийбэтэ буолар диэн түмүк оҥоһуллубут. Онон «ЯПАК» МУТ, чааһынай тиэйээччилэр даҕаны «Д» категориялаах суоппардарга күүскэ наадыйаллар. Категориялаах суоппар элбиир түгэнигэр, графигы тутуһуу тупсан, оптуобустар интерваллара даҕаны 10 мүнүүтэҕэ диэри кылгаан биэриэхтээх.
Уопсастыбаннай тынаарыспар өҥөтүнэн хааччыйыыны тупсарыыга сылаас тохтобуллары тутуу сүҥкэн оруоллаах. Сыллата «2017-2032 сс. Тырааныспар инфраструктуратын биир кэлимник сайыннарыы» муниципальнай бырагырааманан уонна «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан сылаас тохтобуллар олоххо киирэллэр. Чуолаан 2021 сылга 20 сылаас тохтобул туруоруллубута, ааспыт 2022 сылга итии сыыппара 15 элбээбитэ. Оттон 2023 сылга 10 итинник тохтобулу туруорар былаан баар.