14.10.2022 | 08:30

Мобилизация кэмигэр кирэдьииппит хайыырый?

Бу күннэргэ бааннар мобилизацияламмыт дьонтон уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн «кирэдьиит өрөбүллэригэр” сайаапкалары ылан саҕалаатылар. Тустаах сокуон алтынньы 7 күнүттэн күүһүгэр киирдэ.
Мобилизация кэмигэр кирэдьииппит хайыырый?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха сирин олохтоохторо ордук «Сбербаан” уонна “ВТБ” баанынан туһаналлар. Бу икки баан сайаапкалары саҥа бырагырааманан нэһилиэнньэттэн хомуйа олороллор.

 

«Кирэдьиит өрөбүллэрэ» диэн тугуй?

Бу – баантан иэс ылбыт дьон ыйдааҕы төлөбүрдэригэр чэпчэтиини биэрэр кэм: кирэдьиит төлөбүрүн болдьоҕун «тоҥорор» эбэтэр кээмэйин намтатар. Бары ирдэбиллэри тутустаххытына, баан аккаастыыр кыаҕа суох. Бу сокуонунан мэктиэлэнэн турар.

Эбэн эттэххэ, иэс ылбыт киһи кирэдьиитин историята «мөлтөөбөт», болдьоҕу аһарыы иһин ыстараап ааҕыллыбат уонна солуок төлүүр эмиэ ирдэниллибэт.

 

Ким туһанар бырааптааҕый?

Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара:

Мобилизациянан хабыллыбыт киһи;

Хантараагынан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьон уонна национальнай гвардия байыастара;

ЫБММ быыһыыр-байыаннай сулууспаларын үлэһиттэрэ, байыаннай прокуратура;

Арассыыйа сиригэр-уотугар баар пограничнай сулууспа үлэһиттэрэ;

Баҕа өттүлэринэн хантараак түһэрсибит дьон.

Кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ: кэргэттэрэ, сокуоннай саастарын ситэ илик, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор, 23-гэр диэри саастаах күнүскү үөрэххэ (очно) үөрэнэр устудьуон оҕолор.

 

«Өрөбүллэри» ханнык кирэдьииттэринэн ылыахха сөбүй?

Ханнык баҕарар потребительскай кирэдьииккэ. Холобура, ипотекаҕа, массыына ипотекатыгар, кирэдьиит картатыгар. Дуогабар мобилизация кэмигэр эбэтэр  байыаннай дьайыы иннинэ түһэрсиллибит буолуохтаах.

Кирэдьиит ахсаана уонна кээмэйэ хааччахтаммат.

 

Ханнык болдьоххо бэриллэрий?

Мобилизацияламмыт кэмигэр, хантараагынан эбэтэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар кэмигэр. Ону таһынан эбии отут күн көрүллэр. Өскөтүн иэс ылбыт киһи бу кэмҥэ ыалдьыбыт эбэтэр эмтэнэ сытар түгэнигэр, болдьоҕо уһатыллыан сөп.

 

«Кирэдьиит өрөбүллэрин» ылар туһунан хаһан этиэххэ сөбүй?

Дуогабар болдьоҕун устатыгар, ол гынан баран 2023 сыл ахсынньы 31 күнүттэн хойутааһына суох.

 

Хайдах оҥотторобут?

Кирэдьиит ылбыт бааҥҥар төлөпүөнүнэн эрийэн эбэтэр электроннай аадырыс нөҥүө сайабылыанньа биэрэн иһитиннэрэҕин. Сибээс ньымата кирэдьиит дуогабарыгар ыйыллар, ону сирийэн көрүҥ. Эбэтэр баантан чуолкайдыахха сөп.

Манна барытыгар уруулуу дьон буоларгытын туоһулуур докумуоннар наадалар. Баан бэйэтэ Арассыыйа Оборонаҕа министиэристибэтиттэн тустаах докумуонун ирдиэн сөп.

 

Чэпчэтиилээх кэм кэнниттэн кирэдьиити хайдах төлүөххэ сөбүй?

Кирэдьиит болдьоҕо “кирэдьиит өрөбүллэрин» кэмигэр уһатыллар. Ыйдааҕы төлөбүрдэр уларыйбаттар. Бу түгэҥҥэ баан кирэдьиити төннөрөр саҥа графигы оҥорон биэрэр.

 

Ханнык түгэннэргэ иэс толору сотулларый?

Өскөтүн иэс ылбыт киһи I группалаах инбэлиит эбэтэр олохтон букатыннаахтык туораабыт түгэнигэр. Кини дьиэ кэргэнин чилиэннэригэр эмиэ иэс сотуллар. Маннык «өрөбүл» 2022 сыл олунньу 24 күнүн кэнниттэн ылыллыбыт кирэдьииккэ тарҕанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....