20.07.2023 | 14:00

Моҥкуруут

Моҥкуруут
Ааптар: Былатыан Ойуунускай алтынан Саха тыйаатырын пресс-сулууспата, Василий Кривошапкин хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир

От ыйын 2 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар Чингиз Айтматов «Буурҕалаах тохтобул» («Буранный полустанок») арамаанынан Василий Борисов туруоруутугар, СӨ үтүөлээх артыыһа Софья Баранова толоруутугар «Моҥкуруут ийэтэ» моноиспэктээк сүрэхтэннэ.

Чингиз Айтматов бу айымньытын «Үлэ Албан аата» уордьан III истиэпэннээх кавалера, СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын туйгуна Трофим Кириллин тылбаастаабыта.

“Моҥкуруут ийэтэ” моноиспэктээк Ньурба куоракка ыытыллар «САТА-2023» XII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи тыйаатыр бэстибээлигэр кыттан, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит Арассыыйаҕа биллэр тыйаатыр диэйэтэллэрэ уонна кириитиктэрэ Жанна Зарецкая, Глеб Ситковскай уонна Оксана Кушляева биһирэбиллэрин ылбыта, итиэннэ бэстибээл «Үһүйээн уонна дьиҥ олох алтыһыытын иһин» диэн анал бирииһинэн наҕараадаламмыта.

Василий Борисов, режиссер, СӨ үтүөлээх артыыһа, моноиспэктээк режиссера:

– Моноиспэктээги туруорууга аан бастакыбын холоннум, туһугар ыарахаттардаах эбит. Хамаанданан үлэлээн сыанаҕа таһааран, билигин буола турар быһыыга-майгыга тоҕоостоох теманы таарыйдыбыт. Чингиз Айтматов айымньытыгар кэпсэнэр үһүйээн билигин даҕаны аныгы олоххо көстөр. Тоҕо диэтэр, олох эргииригэр син биир барыта хатылана турар: Ийэ оҕотугар таптала, сэрии, төрөөбүт дойдуга таптал, өбүгэҕэ сыһыан. Бу туруорууга «Эн кимҥиний? Өйдөө, эн кимҥин!» диэн сүрүн санааны тутустубут. Киһи кимтэн кииннээҕин, хантан төрүттээҕин өйдүөхтээх. Онон көрөөччүгэ испэктээк кэнниттэн толкуйдууругар кыах биэрдибит. 

Тыйаатыр дьылын түмүктэниитигэр моноиспэктээк премьератын көрбүт дьон бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.

Елена Румянцева-Сергеева, СӨ норуодунай артыыһа:

– Чингиз Айтматов аата Саха тыйаатырын кытта ыкса ситимнээх. Кини айымньыларынан режиссер Федот Потапов «Ийэ сирэ» испэктээги туруорбута, Андрей Борисов туруорбут «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээгэ судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолбута. Бу испэктээктэр Саха тыйаатырын репертуарын кыһыл көмүс пуондатыгар  киирсэллэр, билиҥҥэ диэри ситиһиилээхтик бара тураллар.

Билигин Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар Чингиз Айтматов айымньытынан саҥа премьера буолла. Билиҥҥи кэмҥэ олус чугас, элбэҕи толкуйдатар айымньы. Былыргы үйэтээҕи сэрии кэмигэр күүстээх көрүҥнээх, кыанар буойуттары күүстэринэн моҥкуруут гынан, кулут оҥостоллор. Оннук кулут кимин-тугун, уруккутун, төрүттэрин өйдөөбөт, билбэт буолар эбит. Софья Иннокентьевна ийэ оҕотугар күүстээх тапталын олус итэҕэтиилээхтик көрдөрдө, көрөөччү дууһатын долгутар гына оонньоото. Бу Софья хаһыс да моноиспэктээгэ, хас биирдии үлэтэ олус интэриэһинэй. Василий Борисов режиссер быһыытынан сайдан иһэрин, бэйэтэ туһунан көрүүлээҕин өссө төгүл итэҕэттэ. Худуоһунньук Елена Ивановна Гоголева үлэтэ кэрэхсэттэ. Аҕыйах, судургу декорация эрээри, сыанаҕа баар мал барыта испэктээк туһугар үлэлиир, артыыска көмөлөһөр. Инникитин итинник моноиспэктээктэри эдэр артыыстар ылсан үлэлииллэрэ буоллар, тыйаатырга, артыыстарга, көрөөччүнү иитиигэ даҕаны олус туһалаах буолуо этэ.

Павел Ченянов, Былатыан Ойуунскай аатынан Саха тыйаатырын артыыһа:

– Моноиспэктээк диэн артыыс киһиэхэ биир үрдүк чыпчаал буоллаҕа. Көрөөччү иннигэр собус-соҕотоҕун тахсан айымньыны тиэрдэрэ сүрдээх ыарахан суол. Дьон болҕомтотун тутан, кинилиин биир тылы булуу артыыс таһымын көрдөрөр. Бу күннэргэ «Моҥкуруут ийэтэ» диэн Софья Баранова моноиспэктээгэр  сырыттым. Испэктээги Чингиз Айтматов «Буранный полустанок» диэн айымньытыгар олоҕуран Василий Борисов туруорбут. Мин Софья Иннокентьевна хорсун санаатын сүрдээҕин диэн сөхтүм. Маннык уустук, ыарахан айымньыны, онно эбии моноиспэктээк быһыытынан көрдөрүү манан аҕай дьыала буолбатах. Мин санаабар, режиссер уонна артыыс сөпкө тайанан, сахалыы туойууну, мэнэрик ырыатын, кутурууну киллэрбиттэрэ айымньыны ордук күүһүрдэн биэрэллэр.

Сандаара Федотова, М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище (институт) алтыс саха устуудьуйатын бүтэрбит эдэр артыыска:

– Василий Борисов туруоруутугар, Софья Иннокентьевна Баранова толоруутугар «Моҥкуруут ийэтэ» диэн моноиспэктээккэ сылдьан, көрөн, олус сэргээтим. Найман-Ана диэн дьахтар оҕотун Суоламааны жуаньжуаннар тутан ылан, иннин-кэннин билбэт кулут оностубуттар. Кэлин ийэтэ уола тыыннааҕын билэн баран кинини өйдөтө сатыыр, ол гынан баран уола билиммэт. Дьылҕа кубулҕатыгар түбэһэн, моҥкуруут буолбут уол төрөппүт ийэтин өстөөҕүн курдук көрөн, сырдык тыынын быһар. Итинник уустук оруолу Софья Баранова олус чаҕылхайдык, көрөөччүлэргэ итэҕэтиилээхтик толордо. Испэктээк бэйэтэ минималистическай истииллээх буолан, көрөөччү  болҕомтото барыта артыыскаҕа ууруллар.

Моноиспэктээк, «соҕотох артыыс тыйаатыра» буоларын быһыытынан, ыарахан уонна уустук. Жанр быһыытынан уратыта онно сытар. Софья Баранова испэктээк хас биирдии дьоруойун уобараһын толору тириэрдэрэ киһини сэргэтэр, сөхтөрөр уонна кэрэхсэтэр!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...