20.11.2020 | 08:04

МОҤКУРУУККА БАРЫЫ СУДУРГУ БУОЛБУТА ЭРЭЭРИ...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу сыл балаҕан ыйыгар моҥкуруукка барыыга уларыйыылар киирбиттэрэ. Ол курдук, 50 тыһ. солк. саҕалаан, 500 тыһ. солк. тиийэ иэстээх киһи, өскөтүн суут приставтар иэһин суотугар кини аатыгар суруллубут туох да баайы-дуолу булбатахтарына, босхо уонна суута суох моҥкурууттаабыттарын туһунан биллэрэр кыахтаммыттара.

Судургутук моҥкуруукка барыы кимиэхэ барсарый?

  1. Иэһэ 50 000 солк.саҕалаан 500 000 солк. тиийэр буоллаҕына.
  2. Бас билэр үбэ суох буоллаҕына (соҕотох олорор дьиэни аахпаттар).
  3. Киһи иэһин сатаан толуйар үбэ суоҕуттан дьыала тохтотуллубут буоллаҕына.

Ханна тиийэбит?

Бу үөһэ ыйыллыбыт ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир буоллаххытына, сайабылыанньаҕытыгар кирэдьиит ылбыт бааннаргытын ыйан туран, МФЦ-га туттараҕыт.

Салгыы МФЦ сайабылыанньаҕытын бэрэбиэркэлиир, барыта сөп буоллаҕына – моҥкурууттааһын туһунан биир кэлим реестргэ киллэрэр.

Моҥкурууттааһын 6 ый устата ыытыллар. Бырыһыан, пени, ыстараап ааҕыллан бүтэр. Ол кэм иһигэр кирэдьиити биэрээччи бааннартан үҥсүү киирбэтэҕинэ, иэскититтэн босхолоноҕут.

Туох да бас билэр баайа суох буолаҥҥыт, иэскитин төлүүр кыаххыт суоҕун дакаастыыр уустук соҕус. Приставтар хара баһаам үлэлэрин быыһыгар наадалаах болдьохтору уһаталлара-кэҥэтэллэрэ үгүс буоларын олох көрдөрөр.

Ханнык да дохуота суох буолуохтааххыт, онтон атын дьыаланы тохтотоллор.

Судургу моҥкурууттааһыҥҥа суут, финансовай салайааччы диэн суох, ол иһин баайгытын-дуолгутун кирэдьиит биэрбит тэрилтэлэр бэйэлэрэ көрдүүллэр.

Кирэдьиит биэрбит тэрилтэлэр бас билиигэ баар баайы-дуолу булан таһаардахтарына, судургу моҥкурууттааһыны мөккүһэн туруохтарын сөп. Оччоҕо иэһи сотторордооҕор буолуох, өссө ордук ороскуокка тэбиллиэххэ сөп. Онон моҥкурууттааһын судургу ньымата киһиэхэ барытыгар барсыбат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...