17.11.2022 | 18:00

«Мир» каартаҕа региональнай төлөбүрдэри ыытыахтара

«Мир» каартаҕа региональнай төлөбүрдэри ыытыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 1 күнүттэн  “Мир” каартаҕа 27 араас региональнай социальнай төлөбүр ыытыллар буолла.
Олор истэригэр, холобур:
- ыйдааҕы социальнай истипиэндьийэ;
- 50% кээмэйдээх олорор дьиэ төлөбүрүн ороскуота уонна хомунаалынай өҥө компенсацията;
- оҕо төрөөтөҕүнэ, бастакы эбэтэр иккис оҕону иитэ ылыы иһин ыйдааҕы төлөбүр;
- хомунаалынай өҥө уонна олорор дьиэ субсидиятын төлөбүрэ о.д.а.
Билигин бу социальнай төлөбүрдэр аны реквизиттэринэн буолбакка, каарта нүөмэринэн эрэ оҥоһуллаллар – харчы быдан түргэнник кэлэр буолар, төлөбүр оҥороргор ол-бу булкуур, мэһэй тахсыбат. Маны таһынан, каартаҕа киирэр социальнай төлөбүрдэр иэстэри алҕас, сыыһа ылар дьонтон харыстыыллар. Урут “Мир” каартаҕа чуолаан федеральнай эрэ төлөбүрдэр быһаччы киирэллэрэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...