13.10.2022 | 16:00

Минньигэстик аһааҥ

Минньигэстик аһааҥ
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Кыһыммыт чугаһаан, аспытын хаһаанар, тоҥорор кэммит тиийэн кэллэ. Эмиэ да наһаа үчүгэй, куораттарга балкон, тыаларга күүлэ, тэрээһэ баара. Таһырдьа ас тоҥор буолла да, хаппыыстабытын, тефтельбитин о.д.а. сөбүлээн сиир аспытын оҥорон, кэккэлэччи тоҥорон кэбиһэбит. Дьэ уонна кыһыннары бэлэм аспытын киллэрэн мээтиргэтэбит, битэмииннээх хаппыыстабытын сааскыга тиийэ сиибит, түргэнник буһар бэлимиэн, манты курдук астар соһуччу ыалдьыт кэллэҕинэ ойутан киллэрэн сииргэ туох да солбуллубат бүлүүдэлэр буоллахтара. 
Онон бүгүн таһырдьа тоҥорор, кыһыҥҥыга хаһаанар астарбытын бэчээттиэххэ.

Провансаль салаат

Ороһуола:

1 лиитэрэ уу;

1 ыстакаан мас арыыта;

1 ыстакаан саахар;

3 ост. нь. 70 % уксус;

3 ост. нь. туус;

Хара горох биэрэс хас да устуука.

Хаппыыста лииһин бысталаан баахха тэлгэтэбит, моркуоп, чеснок кутабыт, хас да араҥа оҥоробут. Ороһуолу оргутан итиилии үрдүгэр кутан баттатабыт. Үһүс күнүгэр булкуйан баран салапааннарга кутан тоҥоробут.

Маргаритка

Биһиэхэ наада:

2 киилэ хаппыыста;

1 киилэ моркуоп;

1 киилэ помидор;

1 киилэ минньигэс биэрэс;

1 киилэ эриэппэ луук;

3 ост. нь. туус;

2 ыстакаан мас арыыта;

1 ыстакаан саахар.

Барытын кырбаан, булкуйан баран 40 мүнүүтэ оргутабыт, ол кэннэ 70 % икки чаайынай ньуоска уксус кутабыт, ол кэннэ эмиэ 35 мүнүүтэ оргутан баран бааҥкаларга кутан хаһаанабыт.

Помидорбут суох буоллаҕына, хаппыыстабытын 3 киилэни ылабыт.

Битэмииннэй

Бу үгүс хаһаайка саамай сөбүлээн оҥорор, этэргэ дылы, “классика” салаат.

Биһиэхэ наада:

5 киилэ хапыыста;

1 киилэ минньигэс биэрэс;

1 киилэ эриэппэ луук;

1 киилэ моркуоп;

300 г мас арыыта;

6 ост. нь. туус;

4 ост. нь. уксус;

1 ыстакаан саахар.

Хаппыыстаны синньигэс гына кырбыыбыт, моркуоп түөркэлэнэр, луугу тиэрбэстии, биэрэһи уһун соломолуу кырбыыбыт. Барытын булкуйан, лаахтаах иһиккэ кутан биир хоннорон баран таһырдьа таһаарабыт.

Бу салаат оруобуна 10 лиитэрэлээх лаахтаах биэдэрэҕэ сөп буолааччы.

Хачыгырас хаппыыста

Тус бэйэм дьиэ кэргэним бу салааты наһаа сөбүлүүр. Быйыл “Битэмииннэй” оннугар бу салааты оҥоруохха диэн буолла.

Биһиэхэ наада:

3 киилэ хаппыыста;

4 устуука моркуоп;

4 өлүүскэ чеснок.

Ороһуола:

1,5 лиитэрэ уу;

3 ост. нь. туус;

1 ыстакаан саахар.

Ороһуол оргуйбутун кэннэ 3 ост. нь. 70 % уунан убатыллыбыт уксус, 250 г мас арыыта эбэбит. Хаппыыстаны булкуйабыт, лаахтаах иһиккэ кутабыт, ол үрдүгэр 2-3 мүнүүтэ оргуйбут ороһуолу кутабыт. Биир күн туруоран баран салапааннаан тоҥоробут.

Минньигэс биэрэс салаата

3 киилэ минньигэс биэрэһи, 30 г моркуобу, эмиэ итиччэ эриэппэ луугу кырбаан, көстөрүүлэҕэ кутабыт. 1 ыстакаан ууну, 1 ыстакаан саахары, 5 ч. нь. тууһу, 1 ост. нь. уксууһу, 1 ыстакаан мас арыытын эбэн, 10-15 мүнүүтэ буһарабыт. Ол кэнниттэн бааҥкаларга кутабыт. Хос температуратыгар хаһааныахха сөп.

Дьиэтээҕи лечо

Биһиэхэ наада:

0,5 киилэ болгарскай биэрэс;

0,5 киилэ помидор;

2 устуука моркуоп;

1 луук;

Хара биэрэс, лавр сэбирдэҕэ;

Бэйэ сөбүлүүрүнэн туус, саахар;

0,5 лиитэрэ мас арыыта.

Барытын кырбыыбыт. Арыыга бастаан моркуобу ыһаарылыыбыт, луугу эбэн өссө 5 мүнүүтэ буһарабыт, ол кэннэ хаалбыт састаабы барытын эбэн, 20 мүнүүтэ тэптэрэбит. Бааҥкаларга уган хаһаанабыт.

Пикантнай

Биир биэдэрэ хаппыыстаҕа биир ыстакаан чеснок, 0,5 киилэ эриэппэ луук, 0,5 киилэ моркуоп.

Ороһуола:

4,5 лиитэрэ уу;

9 ост. нь. туус;

1 ыстакаан саахар;

11 устуука горох хара биэрэс;

0,5 лиитэрэ мас арыыта;

1 ост. нь. 70 % уксус.

Ороһуолу 15 мүнүүтэ оргутан баран хаппыыстабытыгар кутабыт.

Маринуйдаммыт хаппыыста

1 биэдэрэҕэ (10 л) хаппыыстаны, моркуобу, чесногу хас да араҥанан тэлгэтэн уурабыт.

Ороһуола:

2 лиитэрэ уу;

2-3 ост. нь. туус;

1 ыстакаан саахар;

1 ыстакаан мас арыыта.

Оргутабыт, 1 остолобуой ньуоска уксус эбэбит. Ороһуолбутун итиилии биэдэрэлээх хаппыыстабытыгар кутабыт, ыйааһынынан баттатабыт. Биир суукканан бэлэм буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...