24.05.2021 | 18:56

«Мин сахабын» диэн дорҕоонноохтук этинэр буолбуппут

(Күрэххэ киирбит эссе)
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хаһан баҕарар, ханна баҕарар бэйэлэрин омуктарын дьылҕатын туһугар ис сүрэхтэриттэн туруулаһар дьон баар буолаллар. Кинилэр ордук киһи аймах олоҕо тосту уларыйар кэмигэр  биллэн-көстөн кэлэллэр. Ол кудук, саха киһитэ “Мин сахабын” диэн дорҕоонноохтук, киэн тутта саҥарар күнэ-дьыла Егор Петрович Жирков төрүт омуктар оскуолаларын Концепциятын олоххо киллэриэҕиттэн саҕаламмыта. Бу, чахчы даҕаны, сонун сүүрээн буолбута. Саҥа саҕалааһын долгунун биһиэхэ эмиэ Егор Петрович бэйэтинэн аҕалбыта. Үөрэх миниистиринэн үлэлии олорон, биһиги Наммытыгар тахса сылдьан, Хамаҕаттаҕа кэлэн ыалдьыттаабыта. Бу көрсүһүүгэ оскуола үлэтин билиһиннэрбиппит, ол иһигэр француз тылын үөрэтиини кыра кылаастан эксперимент быһыытынан саҕалаабыппытын, француз тылыгар олимпиадаларга, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа куонкурустарыгар оҕолор ситиһиилэрин кэпсээбиппит. Ону Егор Петрович сүрдээҕин сэргээн истибитэ уонна француз тылын дириҥэтэн үөрэтэр хайысхалаах оскуола буолуоххутун сөп эбит диэн эппитэ. Дьэ, ол этииттэн кыым саҕан, сүргэбит көтөҕүллэн ол идеяны толкуйдаан, илдьиритэн барбыппыт. 12 киһилээх анал хамыыһыйа тэринэн тута бырайыак, бырагыраама суруйуутунан дьарыктаммыппыт. Ол түмүгэр, 1994 сыл сааһыгар экспериментальнай площадка буолбуппут. Оччолорго оскуола иһигэр оскуола курдук саҕалаабыппыт, оттон 1996-1997 үөрэх сылыгар туспа саха-француз оскуола статуһун ылан, үрдүк эппиэтинэһи сүгэр күммүт тирээн кэлбитэ. Онно улахан үтүөлээх, дьоһун сабыдыаллаах киһибитин Егор Жиркову анаан-минээн ыҥырбыппыт, кини идеята олоххо киирбитин үөрүүлээхтик бэлиэтээбиппит.

   Оскуолабыт иитэр-үөрэтэр тиһигин төрүт култуурабытын атын омук култууратын кытта алтыһыннаран тэрийбиппит. Күн бүгүн оскуола лицей аатын ылан ситиһиитэ элбэх, быйылгы сылга үбүлүөҋдээх 25 сылын бэлиэтээри сылдьар.

2004 сыллаахха бэс ыйын 10 күнүгэр Егор Жирков үбүлүөйдээх 50 сааһын бэлиэтээһин Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр, Опера уонна балет театрыгар саха дьонун уопсай үөрүүтүн быһыытынан буолбутун, онно кыттыыны ылбыппын умнубаппын. Егор Петрович саамай сүҥкэн кылаатын – национальнай оскуола Концепциятын олоххо киллэриитин өрөспүүбүлүкэ оскуолалара бары махтанан бэлиэтээбиппит. Ол курдук, таатталар “реформатор-миниистир”, чурапчылар “национальнай герой”, мэҥэлэр “саха менталитетын өрө тутааччы”, бэрдьигэстээхтэр “саханы кэхтииттэн быыһааччы”, РК дириэктэрэ Иван Шамаев “сахалыы иитии-үөрэтии патриота”, Москваттан кэлбит этнопедагог И.Н. Волков “духовный лидер нации” диэн үрдүк сыанабылы биэрбиттэрэ. Биир бэйэм бу Концепция “Мин сахабын” диэн билинэрбитигэр, киэн туттарбытыгар, сахалыы ырыабыт-тойукпут, фольклорбут, өйбүт-санаабыт сайдарыгар улахан төһүү күүс буолбута дии саныыбын. Онно оскуола бырагырааматыгар төрүт култуураны үөрэтии, “Кыыс Куо”, “Үрүҥ Уолан” предметтэр киирбиттэрэ олус туһалаабыттара. Оскуола оҕото бэйэтин омук быһыытынан билинэ улаатарыгар олук охсуллубута. Онон Егор Петрович Жирков, чахчы даҕаны, саха норуотун туһугар бэйэтин кэмигэр дьаныардаахтык үлэлээбит, турууласпыт киһи диэн билигин да сөҕө-махтайа саныыбын. Концепция билигин букатын умнулла быһыытыйан, төрөөбүт тылынан тыа да оҕото саҥарара аччаан эрэрэ долгутар. Сахалыы сиэр-майгы өйдөбүллэрэ, төрүт үгэстэр үрдүнэн соҕус буолан нация өйө-санаата айгырыах курдук. Ону сурукка-бичиккэ, бэчээккэ, социальнай ситимнэргэ көрөбүт. Төрөөбүт тылынан халы-мааргытык суруйуу, кэпсэтии үксээтэ.

 Тус санаабын, түгэн түбэспиччэ, кылгастык сурукка түһэрдим.

 

Мария Григорьевна Винокурова, биэнсийэлээх. Нам, Хамаҕатта

1994-2000 сылларга саха-француз оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх РФ үөрэҕириитин туйгуна

Ыам ыйын 18 күнэ, 2021 сыл

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...