10.08.2021 | 13:00

«... Мин оҕом үөрэнэр бырааптаах»

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

Кэнники сылларга Дьокуускай куоракка оскуолаҕа ылылларга, ол иһигэр, 1 кылааска киирэргэ төрөппүттэр элбэх кыһалҕаны көрсөр буоллулар. Омос санаан ыллахха, оскуолаҕа үөрэнэргэ  тоҕо, туох төрүөтүнэн аккаастыахха сөбүй диэн  соһуйаҕын. Дьиҥэр,  “Арассыыйа Федерациятыгар  үөрэхтээһин туһунан” федеральнай сокуон быһыытынан, ханнык да оскуола, чуолаан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго, аккаастыа суохтаах. 

Европаҕа уонна Арҕаа дойдуларга инбэлиит оҕону оскуолаҕа ыларга ханнык да кыһалҕа турбат. Тоҕо диэтэххэ, кыһалҕаны быһаарыы  систиэмэтэ уонунан сылларга оҥоһуллар. Омук сирдэригэр доруобуйатыгар хааччахтаах оҕоҕо төрүөҕүттэн бэйэтигэр тьютор (куратор эбэтэр настаабынньык) сыһыарыллар. Тьютор оҕо тустаах сааһыгар тиийиэр диэри көрөр-истэр, киниэхэ кыһаллар, уустук боппуруостары быһаарар. Оттон Арассыыйа  оскуолаларыгар итинник штат да суох. Дойдубутугар кэнники сылларга коррекционнай оскуолалары сабан, инбэлиит оҕолор оскуолаҕа уонна социумҥа сөп түбэһэн  (адаптацияланан) үөрэниилэринэн дьарыктанан эрэллэр. Ол гынан баран, учууталлар, ардыгар төрөппүттэр даҕаны коррекционнай оскуолалары сабыыны утарсаллар. Ол төрүөтүнэн, биллэн турар, уопсастыба инбэлииттэргэ сыһыаныгар   амарах сүрэхтэнии уонна тулуурдаах буолуу суоҕа буолар. Оттон доруобуйатыгар хааччахтаах эбэтэр инбэлиит оҕо оскуолаҕа үөрэх процеһыгар чэпчэкитик киирэригэр кини баҕата эрэ буолбакка, биир саастыылаахтарын,  бииргэ үөрэнэр оҕолорун төрөппүттэрин уонна учууталларын өйөбүллэрэ, кыһамньылаах сыһыаннара  наада.

Үөрэх тэрилтэлэрэ маннык оҕолору  ыларга үп-харчы тиийбэтигэр, анал исписэлиистэри бэлэмниир наадатыгар сигэммиттэрин да иһин, ханнык да оскуола хайа да оҕо үөрэнэригэр аккаастыыр бырааба суох. Ол эрэн, олоххо-дьаһахха көрдөххө, оҕо бырааба күөмчүлэнэр.  Арассыыйаҕа хас 13-14-с оскуола   эрэ инбэлиит оҕо оскуолаҕа көҥүл сылдьарыгар  пандустардаах, подъемниктардаах уо.д.а. буолар.

Боппуруоһу быһаарыы үксүгэр оскуола дириэктэриттэн тутулуктаах. Салайааччы саҥаны айар, олоххо киллэрэр өйдөөх-санаалаах уонна уларыйыыларга бэлэм буоллаҕына, бу үөрэх тэрилтэтэ сөптөөх хайысханан сайдар.

Биһиги куораппытыгар  үөһээ этиллибит кыһалҕаҕа тустаах тэрилтэлэр туох санаалаахтарый?

 

***

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйаларынан хааччахтаах уонна инбэлиит оҕо көмүскэлигэр «Харысхал» аһымал пуонда тэриллэн үлэлиир. Кинилэр санааларын истиэҕиҥ.

«Харысхал» аһымал пуонда иһитиннэрэринэн, доруобуйатыгар хааччахтаах оҕо  төрөппүтүн сөбүлэҥинэн уонна психологическай-мэдиссиинискэй-педагогическай хамыыһыйа  (ПМПК) сыанабылыгар олоҕуран,  ханнык баҕарар оскуола  бастакы кылааһыгар киирэр кыахтаах. «Обучающийся с ОВЗ»  диэн статус  оҕо сайдыыта уратылааҕын уонна кини үөрэнэригэр анал усулуобуйа наадатын бигэргэтэр. Хамыыһыйа киниэхэ ханнык усулуобуйалар  (уопсай үөрэхтээһин бырагыраамата, психологическай-педагогическай көмө, үөрэтии ньымалара уо.д.а.) наадаларын ыйыахтаах.

Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор төрөппүттэрэ   (сокуонунан бигэргэтиллибит бэрэстэбиитэллэр)  үөрэҕи ылыы көрүҥүн уонна үөрэх тэрилтэлэрин (уһуйааннары, оскуолалары)  талар бырааптаахтар.

Кини доруобуйатын туруга  үөрэнэр быраабын олоххо киллэрэр кыаҕар хайдах да дьайыа уонна күөмчүлүө суохтаах. Оҕо үөрэх тэрилтэтигэр киирэригэр төрөппүттэр оҕо доруобуйатын туругун туһунан чахчылары көрдөрөр эбээһинэстэрэ суох. 

Инбэлиит эбэтэр доруобуйатыгар хааччахтаах оҕо оскуолаҕа ылыллыбытын кэнниттэн үөрэх тэрилтэтэ кинилэргэ анал усулуобуйаны тэрийэр эбээһинэстээх (273 нүөмэрдээх федеральнай сокуон 79-с ыстатыйатынан).

Оҕону судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай үөрэх тэрилтэтигэр  ыларга аккаас төрүөтүнэн миэстэ суоҕа эрэ буолуон сөп. Маннык балаһыанньаттан тахсарга төрөппүттэр Үөрэх министиэристибэтигэр кэлэн,  оҕолорун атын үөрэх тэрилтэтигэр киллэрии боппуруоһун быһаартарыахтаахтар. Үөрэх тэрилтэтигэр аккаастаатахтарына, быһаччы прокуратураҕа эбэтэр суукка үҥсүөххэ сөп. Бу – киһи быраабын көмүскэлин саамай көдьүүстээх ньымата.

Үөрэх тэрилтэлэрин дьаһалталара доруобуйатыгар хааччахтаах оҕолору үөрэтэргэ, иитэргэ усулуобуйа суоҕунан (анал исписэлиистэр, тиэхиньиичэскэй тэриллэр уо.д.а.) бэйэлэриттэн көлбөрүтүнэллэрэ олоҕо суох.

 

Зинаида Климова, төрөппүт, психолог:

 

– Мин, аутизм (РАС) диагнозтаах оҕо төрөппүтэ,  2017 сыллаахха  оскуолаларга саппаас (ресурснай) кылаастары арыйыы  үтүө түмүктээҕин дакаастаан уонна бигэргэтэн араас инстанцияларга сылдьыбытым. 2018 сыллаахха оҕом  биһиги эрэгийиэммитигэр аһыллыбыт итинник кылааска атын оҕолору кытары аан бастаан барбыта. Биһиги кэннибититтэн  саппаас кылаастар атын оскуолаларга эмиэ аһыллыбыттара. Быйыл эмиэ 35-с оскуолаҕа  аһылларын ситиспиппит. Ол гынан баран, үөрүүбүт уһаабатаҕа. Сорох төрөппүттэр биһиги оҕолорбутун кытары үөрэнэллэрин “кутталлааҕынан” ааҕан, петиция суруйа сылдьыбыттара.  Биллэн турар, ким баҕарар алҕаһыыр, ол оннугар сыыһаны-халтыны билинии уонна аныгыскыга ол алҕас хатыламмата  олус суолталаах.   

Ол да буоллар, боппуруос быһаарыллан, саппаас  кылаастар быйыл 35-с оскуолаҕа аһыллыахтара, 28-с оскуолаҕа өссө үс кылаас баар, инникитин атын оскуолаларга эмиэ үлэлэтэргэ былаанныыллар.

Мин төрөппүт быһыытынан, биллэн турар,  оҕом бэйэтин быраабынан көрүллэр үчүгэй усулуобуйаны билиэн баҕарабын. Биһиги оҕолорбутун уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар ылыыны утарсыы боппуруоһа “инклюзия” (туох эрэ саҥаны киллэрии хаамыыта)   диэни   сөпкө  өйдөөбөттөрүттэн үөскүүр. Бу өйдөбүлү аһыныы уонна тулуур хаачыстыбаларын кытта буккуйаллар. Инклюзияҕа  инбэлиит уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах эрэ дьон наадыйаллар диэн сыыһа өйдүүллэр. Инклюзия барыбытыгар наада. Оҕолор бары биир эйгэҕэ тэҥҥэ улааталларыгар биир саастыылаахтарын омугун, туох ыарыылааҕын, хараҕын олоруутун уо.д.а. ураты бэлиэлэрин болҕомтоҕо ылбаттар.  Ол түмүгэр  кинилэр амарах сүрэхтэнии  уонна бэйэ-бэйэҕэ убаастабыл курдук  үтүө хаачыстыбаларга иитиллэллэр.

Оттон  төрөппүттэр кинилэр сайдалларыгар саҥа эйгэни тэрийиэхтээхпит.  Биһиги оҕолорбут оскуоланы хаһан эрэ бүтэриэхтэрэ турдаҕа, онтон олох салҕанар. Ол иһин,  оҕолор төһөнөн эрдэ бэйэ-бэйэлэрин билсэн-көрсөн, кимиттэн-тугуттан тутулуга суох бииргэ тутуһан сылдьыахтаахтарын  өйдөөтөхтөрүнэ, аан дойду үтүө санааланыа.

 

 

Анисия Ильинична ЯКОВЛЕВА, оҕо бырааһа, төрөппүт:

Мин саамай хомойорум диэн, дойдубут тэбэр сүрэҕиттэн олус ыраах олоробут, тыйыс килиимэттээх дойдулаахпыт. Ити Даун синдромнаах оҕолор доруобуйаларыгар уонна сайдалларыгар наһаа охсуулаах.

Арай биирдэ, Дьокуускайга университекка форумҥа Германияттан биир педагогу ыҥырбыттарын алҕас истэн, оҕобунаан киниэхэ сүүрбүппүт. Кини бэйэтэ Гамбурга Дауннаах оҕолору суруйарга, аһыырга уо.д.а. үөрэтэр оскуолалаах  уонна логопедтары, дефектологтары, педагогтары бэлэмниир эбит.  “Мин Дауннаах оҕо сайдыбат дииллэрин олох итэҕэйбэппин! Киниэхэ сөптөөх сыһыаны булуохха, сыал-сорук туруорунан тиһиктээхтик үлэлиэххэ эрэ наада”, – диэн санаабытын көтөхпүтэ.

Оттон биһиэхэ оҕону үөрэтэр, сайыннарар уустуктардаах. Оҕом 2-3 саастааҕар логопедтары кытары дьарыктана сатаабыппыт, ону кырачааным мэниктиирин (оҕо буолан баран хайдах мэниктиэ суоҕай) иһин, “Эһиги оҕоҕут үөрэнэр кыаҕа суох, эһиил кэлээриҥ” диэн тэйитэн кэбиспиттэрэ.

Билигин Дьокуускай куорат коррекционнай оскуолатыгар үөрэнэбит. Ол гынан баран, оскуолабыт олохтоох сирэ суох, наар атын оскуолаларга кыбылла, ыаллаһа сатыыр.  Оскуолабытыгар оҕону сайыннарар араас куруһуоктар үлэлиэхтэрин баҕарабыт. Ол тоҕо кыаллыбатын туһунан ыйыттахха, иитээччи тиийбэтин туһунан этэллэр. Оттон судаарыстыба саатар коррекционнай оскуолабытыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэн баҕарабыт.

“Харысхаллар” элбэх дьаһалы ыыталлар. Манна барытыгар төрөппүттэр төһө кыалларынан кытта сатыыллар, ол үчүгэй түмүктээх буолар. Уопсайынан, төрөппүттэн улахан тутулуктаах. Хас биирдии төрөппүт санаатын түһэрбэт, актыыбынай буоллаҕына, оҕотугар эмиэ үчүгэйинэн эрэ дьайар.

***

Сотору оскуолаҕа киирии курдук киһи олоҕор умнуллубат күн – балаҕан ыйын 1 күнэ тиийэн кэлиэ. Хамсык хааччахтааһыннара баалларын да иһин, бу үтүө үгэс сөптөөх көрүҥүнэн тутуһуллуо. Онуоха оскуолаҕа ылыллыбакка, биир саастыылаахтарын кытары үөрэнэр дьолу билбэккэ хараҕын уутунан суунар биир да оҕо суох буолуоҕар баҕара хаалыаҕыҥ.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....