«Мин инженербин» күһүҥҥү каникул оскуолата
Дьокуускай куораттааҕы «IT-куб» цифровой үөрэх киинигэр “Мин инженербин” күһүҥҥү сынньалаҥ оскуолата аһылынна.
Манна Дьокуускай куорат 1 №-дээх орто оскуолатын, Саха политехническай лицей үөрэнээччилэрэ уонна «Арктика уонна Космос» оҕо сайыҥҥы профориентационнай оскуолатын актыбыыстара кытталлар.
Үөрэхтээһин инженернэй мастарыскыайдарга маннык үөрэх хайысхаларынан ыытыллар:
1. «Инженер-программист». Бу мастарыскыайга үөрэнээччилэр араас бырагырааманан хааччыйыы, сайтары, мобильнай сыһыарыылары биллэр бырагыраамаларынан үөрэтэллэр, оҥорон көрөллөр: Java, C++ уонна Python.
2. «Инженер - VR/AR и 3D моделирования». Оскуола оҕолоро технология көмөтүнэн араас бырайыактары, прототиптары оҥоруохтара, 3D бэчээти тутта үөрэниэхтэрэ.
3. «Инженер – ДЗЗ-шник (дистанционное зондирование Земли). Үөрэнээччилэр бырайыактарын космоснимоктарынан уонна спутник мониторнай дааннайдарыгар олоҕуран үөрэнэллэр.
4. «Инженер-робототехник». Оҕолор бу мастарыскыайга бырайыактары конструкциялааһыҥҥа уонна роботтары бырагыраамалааһыҥҥа уһуйуллаллар.
5. «Инженер-исследователь». Оскуола оҕолоро айылҕа Наукаларын уобаластарыгар саҥа, туһалаах матырыйааллары уонна технологиялары боруобалыырга сибээстээх бырайыактары оҥороллор.
6. «Инженер-спутникостроитель». Үөрэнээччилэр геоинформатика космическай дааннайдарын ырытар бортовой систиэмэтин управлениетын кытта сибээстээх бырайыактары олоххо киллэрэр кыахтаналлар.
Мана таһынан Сахабыт сирин биллэр IT-исписэлиистэрэ умсугутуулаах дьарыктары тэрийэн ыытыахтара, хамаанданан үлэлииргэ дьоҕуру арыйар уопуттарын билиһиннэриэхтэрэ.
Инженернэй мастарыскыайдар сэтинньи 6 күнүгэр үлэлэрин түмүгүнэн бырайыактарын көмүскүөхтэрэ уонна презентациялыахтара. «Мин инженербин» күһүҥҥү сынньалаҥ оскуолатын бары кыттыылаахтарыгар көдьүүстээх үлэни, туйгун бырайыактары уонна кэскиллээх үлэлэри баҕарабыт!