05.03.2021 | 04:37

«Мин идэм — IT» саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 1 күнүттэн үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар «Мин идэм — IT»  өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрэ  алтыс төгүлүн ыытыллар. Үүнэр көлүөнэҕэ аналлаах, IT-эйгэҕэ киэҥ далааһыннаах региональнай бырайыакка эдэр дьон кытталлар. Үс бөлөххө арахсан, ыам ыйыгар диэри хас даҕаны түһүмэҕинэн күрэхтэһиэхтэрэ.

Бастаан муниципальнай сүүмэрдиир түһүмэхтэр ыытыллыахтара, онтон финалга бастыҥнары быһаарыахтара. Кыайыылаахтарга ааттаах-суоллаах киин үөрэх кыһаларыгар тус сыаллаах миэстэлэр туттарыллыахтара. Маны таһынан, кыттааччылары «Акселератор школьных проектов» диэн күүтэр.

Куонкурус ыччаты инновационнай технологиялар эйгэлэригэр сыһыарар уонна инники идэлэрин талалларыгар көмөлөһөр сыаллаах.  7 кылаастан үөһэ оскуола үөрэнээччилэрэ, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара кыттыыны ылаллар.

Саҥа үйэҕэ үөрэх бырагырааматын ыытарга, кыттааччылар ахсааннарын элбэтэргэ уонна ыырын кэҥэтэргэ, үлэлии сылдьар исписэлиистэр болҕомтолорун тардарга туһуланар. Быйыл Саха сирин бары муннуктарыттан уопсайа 1500  үөрэнээччи уонна устудьуон кыттара былааннанар.

«Мин идэм-IT» икки түһүмэххэ арахсан ыытыллар: муниципальнай сүүмэрдиир түһүмэхтэр (IT бырайыактары оҥоруу марафона) уонна финальнай. Ону сэргэ Бэрэсидьиэн граннарын пуондатын көмөтүнэн үөрэх семинардара ыытыллаллар. 

Бастакы улахан сүүмэрдиир түһүмэх кулун тутар 2-4 күннэригэр Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр буолан ааста.

Ол түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ муниципальнай оройуоннарыгар бастыҥ хамаандаҕа ыам ыйын саҥатыгар буолар финальнай күрэхтэһиилэргэ путевка туттарыллыаҕа. «Мин идэм — IT» кыайыылаахтарыгар дойду бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһатыгар тус сыаллаах миэстэ көрүөхтэрэ. Финалистар тэрээһин спонсордарыттан өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Сайаапкаларгытын www.mp-it.ru диэн күрэх сайтыгар ыытаҕыт. Сиһилии info@mp-it.ru почтаҕа суруйан ыйыталаһыаххытын сөп.

Эдэр ыччат инновационнай технологияларга интэриэһэ улааттын уонна дьоҕурун сайыннардын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...