01.11.2023 | 15:00 | Просмотров: 408

«Мин идэм – ИТ» күрэх Москваҕа сүрэхтэниэҕэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 12 күнүгэр Москватааҕы ВДНХ балаһааккатыгар ыытыллар «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-форумҥа «Мин идэм – ИТ» күрэх сүрэхтэниэҕэ.

Тэрээһиҥҥэ куонкурус дирекцията ИТ-идэлэр трендэлэрин, итиэннэ буолан ааспыт регионнааҕы түһүмэхтэр  тустарынан кэпсиэҕэ, инники былааннарын үллэстиэҕэ.

Күрэх 2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ көҕүлээһининэн тэриллибитэ уонна билигин регион үөрэнээччилэригэр уонна устудьуоннарыгар саамай баараҕай профориентационнай бырайыагынан буолар.

Бэлиэтээн этиллибитинэн, күрэх дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин өйөбүлүн ылан, быйылгыттан федеральнай таһымҥа таҕыста. Ол курдук, куонкурус быйыл Арассыыйа тоҕус субъегар ыытыллар уонна 25 тыһыынчаттан тахса кыттааччыны хабара былааннанар.

Регионнааҕы таһымҥа кыайыыны ситиспит кыттааччылар Москваҕа ыытыллар түмүк күрэхтэһиигэ барар путевканы ылыахтара, уопсай бириистээх пуонда – биэс мөлүйүөн солкуобай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.