12.03.2024 | 14:00

«МИН – БРАЙЛИСПЫН» БЫРАЙЫАК НЕРЮНГРИ КУОРАККА

«МИН – БРАЙЛИСПЫН» БЫРАЙЫАК НЕРЮНГРИ КУОРАККА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н. Егоров-Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтэ Нерюнгри куоракка харахтарынан доруобуйалара хааччахтаах дьону Брайль систиэмэтинэн суруйууга уонна ааҕыыга үөрэҕи саҕалаата.

 

Брайль систиэмэтэ харахтарынан доруобуйалара хааччахтаах дьон үөрэхтээх, билиилээх буолалларыгар биир сүрүн миэстэни ылар. Ол курдук өй, санаа сайдарыгар, ис турук чөл буоларыгар ааҕыы уонна суруйуу сабыдыала улахан.

Ааспыт сыл түмүгүнэн бибилэтиэкэ «Минбрайлиспын» бырайыага «Росмолодежь» Арассыыйатааҕы бырайыактар күрэҕэр кыайыыны ситиспитэ. Бибилэтиэкэ тифлопедагога Сахаайа Дмитриевна Данилова «Мин – брайлиспын» үөрэҕи бэйэ айбыт үөрэтэр методикатынан салайан ыытар. Регион үрдүнэн маннык хабааннаах бырайыак бастакы буолар.

Нерюнгри куорат бибилэтиэкэтэ уонна Көрбөттөр уопсастыбалара бэлиэтииллэринэн, куорат олохтоохторун иһигэр харахтарынан доруобуйалара хааччахтаах дьон ахсаана сыллата элбээн иһэр. Бу бырайыак көмөтүнэн кинилэр Брайль сириибинэн суруйуу уонна ааҕыы тирэх сатабылларын баһылыахтара, ону тэҥэ тифлотехниканан туттар дьоҕурдарын сайыннарыахтара.

«Мин – брайлиспын» үөрэх өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэрин уонна көрбөттөр уопсастыбаларын кытта тэҥҥэ биир үлэни ыытар инникигэ кэскиллээх бырайыак буолар.

 

Евгения ПОТАПОВА,

СӨ И.Н. Егоров - Горнай аатынан көрбөт уонна

мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтин методиһа

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...