11.05.2021 | 12:57 | Просмотров: 852

«Мин библиотекам» хаартысканан күрэххэ кыттыҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 10-25 күннэригэр СӨ Национальнай библиотеката уонна SakhaLife.ru «Мин библиотекам» диэн хаартысканан күрэҕи биллэрэллэр. 


Күрэх 2 хайысханан ыытыллар: «Мин тус библиотекам” уонна “Мин сылдьар библиотекам”. Кыттыан баҕалаахтар бэйэҕит дьиэтээҕи библиотекаҕытын эбэтэр сөбүлээн сылдьар бибилиотекаҕытын хаартыскаҕа түһэрэн ыытаҕыт. Икки хайысхаҕа кыттыаххытын сөп. 
Кыайыылаахтары СӨ Национальнай библиотекатыттан уонна SakhaLife.ru  интэриниэт таһаарыыттан бириистэр күүтэллэр. 
Күрэх түмүгэ ыам ыйын 27 күнүгэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы Библиотека күнүгэр, SakhaLife.ru тахсыаҕа. 
Күрэх балаһыанньатын сиһилии Национальнай библиотека уонна SakhaLife.ru сайтарыгар билсиэххитин сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.