08.04.2023 | 10:00

Мин аҕам — барыларыттан бастыҥ!

Муус устар 2 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн Хатастааҕы «Тускул» Култуура киинигэр «Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ!» Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай куонкурус-бэстибээл буолан ааста.
Мин аҕам — барыларыттан бастыҥ!
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Куонкуруска өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан олох араас очуругар түбэһэн оҕолорун соҕотоҕун иитэр 7 аҥаардас аҕа кыттыыны ылла: Нам улууһун Күрэҥ Ат бөһүөлэгиттэн – икки уол оҕолоох Григорий Ермолаев, Таатта улууһун Чөркөөх бөһүөлэгиттэн икки кыыс оҕолоох Владимир Собакин, Эбээн-Бытантай улууһун Кустуур бөһүөлэгиттэн 5 оҕолоох Степан Стручков, Хаҥалас улууһун Хачыкаат бөһүөлэгиттэн кыыстаах уол оҕолоох Ариан Ермолаев, Кэбээйи улууһун Мукучу бөһүөлэгиттэн уоллаах кыыс оҕолоох Григорий Фомин, Дьокуускай куораттан биир кыыстаах Василий Солдатов уонна аҕыс оҕолоох Алексей Семенов.

Куонкурус-бэстибээл балаһыанньатын быһыытынан, кыттааччылар «Хомуур күрэх» диэн кэлиҥҥи кэмҥэ норуот биһирэбилин ылан эрэр сонун спортивнай күрэххэ, ас астыырга, талааҥҥа-дьоҕурга күөн көрүстүлэр.

Ол курдук, «Хомуур күрэххэ» массыына өрөмүөннүүр мастарыскыайга массыына кыра саппаас чааһын түргэнник хомуйа үөрүйэх Владимир Солдатов бастакы миэстэни ылла. Бу күрэххэ Кустууртан төрүттээх, ийэлэрэ суох буолбутун кэннэ Дьокуускайга кэлэн олохсуйбут Степан Стручков бэйэтин оннугар 12 саастаах уолун Ростиславы кытыннаран, кыайыы туһугар буолбакка, оҕоҕо үөрүүнү бэлэхтииргэ дьулуспутун хайҕыахха эрэ сөп.

«Мин аҕам – бастыҥ асчыт» түһүмэххэ кыттааччылар дьиэлэригэр бэлэмнээн кэлбит бородуукталарынан бэриллибит 15 мүнүүтэҕэ салаат арааһын астаатылар. Эр киһи – таҥараттан ананан кэлбит асчыт диэн мээнэҕэ этиллибэтин бу күрэх чахчы туоһулаата. Айылҕаттан мындыр, уус илиилээх Григорий Ермолаев салаатын Куруолук сылыгар анаан киэргэппитэ, Владимир Собакин сибиэһэй хаппыыста, «Сайра» кэнсиэрбэ курдук судургу астартан айар идэлээх киһи быһыытынан амтаннаах мааныта салааты оҥорон сөхтөрдө. Хоту дойду хоһууна, элбэх оҕо аҕата Степан Стручков кыраларын – уоллаах кыыһын кытта, сэрэйиллибитин курдук, түргэн үлүгэрдик дойдуларын дьарҕаа балыгынан «Индигирка» салааты кырбаан өрөһөлөөтүлэр. Күрэххэ кыттыбыт аҕалартан саамай уопуттаахтара Алексей Семенов «хамаандатын» барытын субуотунньуктатан, кальмардаах, сымыыттаах салааты хомуйа оҕустулар. Хаҥалас хотойо Ариан Ермолаев, эр киһини отунан-маһынан тоторбоккун диэбиттии, убаһа хаанын буһаран аҕалан, эрэстэрээнтэн итэҕэһэ суох сервировкалаан, балаһыанньаттан кыраһыабайдык уонна барыстаахтык таҕыста. Кэбээйи улууһун бэрэстэбиитэлэ Григорий Фомин саастаах кыттааччы быһыытынан, барыларын куоһарда – салаатын таһынан утаҕар, арыылаах алаадьытыгар тиийэ барытын ситэрэн-хоторон, подноска киэргэтэн ууран, көрөөччүлэри даҕаны, дьүүллүүр сүбэни даҕаны сөхтөрдө.

Биир тыҥааһыннаах, дьиҥэр, эр киһиэхэ уустук соҕус түһүмэҕинэн талааны-дьоҕуру көрүү буолла. Ол эрээри тобуллаҕас толкуйдаах, өркөн өйдөөх аҕалар онтон иҥнэн турбатылар. Григорий Фомин экраҥҥа бөһүөлэгэр оҥорбут хаар оҥоһуктарын хаартысканан көрдөрөн, ити көрүҥҥэ чахчы маастар таһымнаах талааннааҕыгар итэҕэттэ, Алексей Семенов уолунуун эстрада ырыаһыттарыттан итэҕэһэ суох дуэттаатылар, Ариан Ермолаев уола Фридриҕы кытта иллэҥ эрэ буоллаллар маһынан, сиэлинэн харысхал оҥорор, онтуларын дьоҥҥо бэлэхтиир үгэстээхтэрин кэпсээтилэр. Бу көрүҥҥэ көрөөччү биһирэбилин уонна дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын култуура үлэһитэ Владимир Собакин «хамаандата» ылыан ылла: кыра кыыс Венера үҥкүүлээн, улахан кыыс Ариана ыллаан, аҕалара тэтимнээх үҥкүү арааһын толорон, бэйэтэ дьоҕус кэнсиэр бырагырааматын бэлэмнээн кэлбиттэр. Оттон Нам бэрэстэбиитэлэ Григорий Ермолаев дьиэтиттэн сүгэн-көтөҕөн аҕалбыт айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуктара, чуучулалара мустубут дьон, ордук оҕо аймах болҕомтотун тардыахтарын тартылар.

Тыҥааһыннаах күрэх түмүгүнэн кыайыылаах үрдүк аатын Кэбээйи улууһуттан Григорий Фомин ылла. Онон тылы «Мин аҕам – барыларыттан ордук» Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылаахтара Фоминнар дьиэ кэргэннэригэр биэрэбит.

Ыал аҕа баһылыга Григорий Семенович:

– «Сахатранснефтегаз» тэрилтэҕэ слесарынан үлэлиибин. Олоҕум саамай улахан ситиһиитинэн туораттан көмөтө суох оҕолорбун соҕотоҕун атахтарыгар туруорбуппун ааттыыбын уонна оҕолорбун үөрэхтээх киһи оҥортуур баҕа санаам олоххо киирэн эрэриттэн үөрэбин. Уолум Григорий билигин Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуона. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан «Үрүҥ Уолан”, “Снежный барс” күрэхтэргэ улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилээхтик кыттара, миэстэлэһэрэ. Кыыһым Мария билигин 11-с кылааска үөрэнэр, оскуола бэрэсидьиэнэ. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах, атын даҕаны улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах научнай-практическай конференциялар, сүлүөттэр, Кэбээйи улууһун баһылыгын Харыйатын, АГАТУ олимпиадатын, “Мисс Весна” кыттыылааҕа, Ф.К. Попов 100 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи буулдьанан ытыы күрэҕин кыайыылааҕа.

Мария Фомина, Кэбээйи оройуонун Танара орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Аҕабыт Григорий Семенович саха киһитин сиэринэн куруук булдуттан-алдыттан ирээттээн дьоҥҥо бэрсэр, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар муустарын-ууларын киллэрэн биэрэр аһыныгас сүрэхтээх. Сыл аайы сиэн бырааттарыгар Тымныы Кырдьаҕас буолан Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттарар, бэйэтэ бириис туруоран, сыал ыттарар үтүө үгэстээх. Миигин ас астыырга, иистэнэргэ эмиэ аҕам үөрэппитэ. Маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьан, аҕабыт бултаан кэлэригэр аһын буһаран, чэйин оргутан тоһуйарым. Оһохпут гаас буолан, убаһыйым холбоон биэрэрэ. Аспытын убайбынаан куолаан астыырбыт, дьиэбит үлэтин үллэстэр этибит. Оҕо саадыгар сылдьан куукулабар таҥас тигэргэ үөрэммитим – эмиэ аҕабыт үтүөтэ. Үрдүкү кылаастарга сакалаат букеттары, тыҥырахха шеллак оҥорон, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр эбии харчы киллэрэн саҕалаабытым. Кыра эрдэхпиттэн точечнай роспиһынан уонна оҕуруонан сөбүлээн дьарыктанабын. Хас биирдии ситиһиибэр, кыайыыбар аҕам төһүү күүс, сүрүн сүбэһитим. Онон барыга талааннаах, мындыр, амарах санаалаах, үлэһит аҕалаахпынан киэн туттабын.

Григорий Фомин, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын техникумун 2-с кууруһун устудьуона:

– Балтым эппитигэр эбэн этэр буоллахха, мин “Эр киһи – дьиэ кэргэн эрэллээх эркинэ» диэн этиини бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан аҕам уобараһыгар көрөн улааппытым. Эр киһи хайдах буолуохтааҕын, үлэҕэ-хамнаска, айылҕаҕа хайдах сыһыаннаһыахтааҕын барытын аҕам холобуругар көрөбүн. Кыра эрдэхпитттэн аты көлүнэн ыраах айаҥҥа сылдьыбыппынан, аҕабын батыһа сылдьан булка-алка уһуйуллубуппунан киэн туттабын. Аҕабыт бэйэтэ тугу сатыырыгар, билэригэр атын ыаллар уоллаттарын эмиэ үөрэтэр, такайар үтүө хаачыстыбалаах. Ол курдук, оскуола үрдүкү кылааһын уолаттарын муҥхаҕа үөрэтэн, оҕолор төрөппүттэриттэн элбэх махталы ылбыта. Тулаайах, аҕата суох ыалларбыт уол оҕолорун, ийэлэриттэн көҥүл ылан, кыраларыттан үлэҕэ, тиэхиньикэҕэ, окко, сынньалаҥҥа биһигини кытта бииргэ илдьэ сылдьан үөрэтэн-такайан кэллэ. Мин кыра кылаастан матассыыкыл сүүрдэ, алдьаннаҕына бэйэм оҥосто үөрэммитим. Биирдэ, аҕабын үөрдээри, оҕолортон катапот атыылаһан, массыынатын иһин диоднай лиэнтэнэн киэргэтэн, таһыгар катапоттарбын иилэн киэргэтэн турабын. Онно аҕам наһаа астыммытын өйдүүбүн. Арыый улаатан баран аҕам ыраах айантан сылайан кэлэн утуйдаҕына, массыынатын эһэн, собуоттаан, иһиллээн көрөн диагноһын туруоран, сарсыарда турарыгар номнуо өрөмүөннээн көрсөрүм. Онуоха аҕам соһуйан: «Эс, хайдах?!”– диир буолара. Аҕабыт ыһыахтарга бэйэтин көлүнэр атынан ат сүүрдүүтүгэр кыттааччы. Кэлин ат баайааччы, тренер курдук сылдьар, куруук бириистээх миэстэлэргэ тиксэр. Аҕабынаан иккиэн «Аҕа уонна уол” күрэхтэргэ кыттааччыбыт. Бөһүөлэк иһигэр сылдьар такси сырыытын уонна кэлии дьоҥҥо гостиница биисинэһин эмиэ бөһүөлэкпитигэр бастакынан биһиги аҕабыт арыйбыта. Олох ыарахаттарыттан толлон турбакка иннибит диэки баран иһэрбитигэр сирдьит сулуспут аҕабытынан киэн туттабыт, махтал тылларын аныыбын.

Ама, аҕаҕа мантан ордук истиҥ, күндү махтал тыллара бааллар үһү дуо?! 2019 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы «Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ» куонкурус-бэстибээл кыайыылааҕа Александр Необутов: «Оҕолорум: «Аҕаа, кытаат!» - диэн хаһыытаатахтарына, күүспэр күүс эбиллэр курдуга”, - диэн билиммитин курдук, маннык тыллар хайа баҕар аҕаны кынаттыыр, ордук аҥаардас аҕаларга кыайбаты да кыайар, сатамматы да сатыыр күүһү биэрэр буоллахтара.

Түмүккэ, «Аҥаардас аҕалар» СӨ уопсастыбаннай тэрилтэтэ (салайааччы И.Н. Спиридонов) быйылгы «Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ» күрэх ыытылларыгар күүс-көмө буолбут бары тэрилтэлэргэ, урбаанньыттарга – СӨ Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтигэр, Хатастааҕы «Тускул» Култуура киинэ, Хатастааҕы «Алгыстаана» Дьахтар сэбиэтэ, «Хомуур күрэх» ааптара Владимир Емельяновка, «Копиртехсервис», “Шишкин дом”, “Ремикс”, “Сэттэ”, “Водоканал”, “Дежнев” тэрилтэлэргэ, Хатас нэһилиэгин «Дружба», “Панда”, «Аартык», “Ситис”, “Эллэй” бородуукта маҕаһыыннарыгар махталын биллэрэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, «Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ!» күрэх эһиилгиттэн СӨ Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтин былааныгар киирэн, судаарыстыбаттан өйөбүллээх ыытыллар буолла. Ол сөп, «Аҥаардас аҕалар» СӨ уопсастыбаннай тэрилтэтэ бу сылларга уопсастыба бары олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар, кырдьаҕастарга тиэргэн хаарын ыраастааһынтан, булууска муус киллэрииттэн саҕалаан, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын ыраастааһыҥҥа, олох очуругар оҕустарбыт аҕаҕа аһымал кэнсиэри тэрийиигэ тиийэ элбэх субуотунньугу тэрийэн, судаарыстыба бөҕө уонна тирэхтээх буоларыгар дьоһун кылаатын киллэрэн кэллэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...