30.03.2023 | 11:41

Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ!

Муус устар 2 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн уопсастыбаҕа аҕа оруолун үрдэтэр, дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын өйүүр сыаллаах «Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ!» өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай куонкурус-бэстибээл буолар.
Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куонкуруска Уус Майа, Нам, Амма, Таатта, Хаҥалас, Эбээн Бытантай, Кэбээйи улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан олох араас очуругар түбэһэн оҕолорун соҕотоҕун иитэр аҥаардас аҕалар кыттыыны ылыахтара.

Кыттааччылар Ян Емельянов «Хомуур күрэх» диэн кэлиҥҥи кэмҥэ норуот биһирэбилин ылан эрэр спортивнай күрэххэ, ас астыырга, ырыаҕа-тойукка күөн көрсүөхтэрэ.

Тэрийээччилэр: СӨ Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтэ, «Аҥаардас аҕалар» СӨ уопсастыбаннай тэрилтэ, Хатастааҕы «Тускул» Култуура киинэ, Хатастааҕы «Алгыстаана» Дьахтар сэбиэтэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, «Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ!» күрэх быйыл иккис төгүлүн ыытыллар. Бастакы күрэх 2019 сыллаахха Дьокуускай куорат таһымынан буолан ааспыта. «Аҥаардас аҕалар» Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннай тэрилтэтэ 2018 сылтан үлэлиир. Оҕолорун соҕотоҕун иитэр аҕалар уопсастыба бары олоҕор көхтөөх кыттыыны ылаллар, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар, кырдьаҕастарга тиэргэн хаарын ыраастааһыҥҥа, булууска муус киллэриигэ, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын ыраастааһыҥҥа бу сылларга элбэх субуотунньугу тэрийдилэр, олох ыараханыгар түбэспит биир кыһалҕалаахтарыгар аһымал кэнсиэр ыыппыттара.

«Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ!» куонкурус бэстибээл буолар сирэ: Хатастааҕы «Тускул» култуура киинэ;

Бириэмэтэ: Күнүс 14.00 чаастан

Киириитэ: босхо

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...