МИИТЭРЭЙ КУСТУУРАП: “СУРУНАЛЫЫС ДЬОН ТУҺУГАР ҮЛЭЛИЭХТЭЭХ”
Суруйааччы уонна суруналыыс быһыытынан норуоту долгутар тыын тиэмэлэргэ үгүһү туруорсан кэлбит биир идэлээхпит Дмитрий Васильевич Кустуров былырыын 90 сааһын томточчу туолбута.
Дмитрий Васильевичтыын тохсунньу 13 күнүгэр, Арассыыйа Бэчээтин күнүгэр, кэпсэттибит. Дьиэтээҕи төлөпүөнүгэр эрийбиппэр, “сибилигин да, кэлэр буоллаххына, кэл” диэн ордук-хос тыла суох ыҥыран ылла. Икки судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, хас да улуус бочуоттаах олохтооҕо төһө эрэ килэйэн-халайан олорор дии санаабытым... бэрт боростуой дьиэлээх-уоттаах эбит. Куухунатын остуолугар Сталин уонна Черчиль туһунан кинигэлэр, сибиэһэй хаһыаттар тэлгэнэн сыталлар...
– Өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр үлэлээбитим 56 сыл буолла. Биир да оннук уһуннук үлэлээбит киһи суох буолуохтаах. Бастаан кинигэ издательствотыгар ылыллыбытым. Икки сыл буолан баран “Кыымҥа” көспүтүм. Ол саҕанааҕы “Кыым” кэлин “Саха сирэ” хаһыат буоллаҕа дии...
– Сахаттан МГУ-га тиийэн суруналыыстыкаҕа үөрэммит оччолорго да ахсааннаах буолуохтаах.
– Былыр суруналыыстарга куурус эрэ курдук тэрийэллэр эбит, 1,5-2 сыллаах үөрэх. Онно мин иннибинэ сахалартан Эллэй, Амма Аччыгыйа бүтэрэллэр. Суруналыыс идэтин бастаан баһылаабыт сахалары аахтахха, мин төрдүс ду, бэһис ду буолуом. 5,5 сыл үөрэннэҕим дии, толору үрдүк үөрэҕи ылбытым. Издательстоваҕа эрэдээктэр көмөлөһөөччүтүнэн үлэлии сылдьан бастакыта Полиграфическай институкка үөрэнэ барбытым. Биир сыл үөрэммитим кэннэ, Сталин дьаһалынан, МГУ Филфагын суруналыыстыка салаатын уонна Полиграфическай институту холбоон баран, МГУ иһинэн суруналыыстыка факультетын тэрийбиттэрэ. Онон биир сыл Полиграфическай институкка үөрэнэн бараммын, салҕыы МГУ устудьуона буолан хаалбытым.
Кинигэ издательствотыгар 1949 сыллаахха киирэбин. Урут кылаабынай эрэдээктэри таһынан отдел эрэдээктэрэ диэн баара. Онно мин дуоһунаһым “эрэдээктэр көмөлөһөөччүтэ” диэн этэ. Иһигэр киирдэххэ, корректор үлэтин толорон тахсарым. Ону кытта тылбаас. Боростуой тылбааһы тупсаран биэриигэ үлэлиирбит.
Эдэрбиттэн тылбааска убаммытым. Издательство былааннаан таһаарыытын аҥаарыттан ордуга тылбаас кинигэ буолара. Оччолорго уус-уран литератураны да, атын научнай-популярнай таһаарыылары да тылбаастааһын күүскэ барара. Тылбаасчытынан улахан суруйааччылар кытта үлэлииллэрэ. Холобур, Амма Аччыгыйа Л.Н.Толстой “Война и мир” айымньытын сахатыппыта. Дьуон Дьаҥылыны, Макар Хараны, Күн Дьирибинэни уонна да атыттары кытта үлэлээбитим.
Соҕурууттан кэлэн баран “Кыым” хаһыакка көспүтүм. Оччолорго эрэдээктэр Савва Константинович Томскай. Обкомҥа үлэҕэ бара сылдьан баран, эрэдээксийэтигэр төннүбүтэ. Биһиэхэ уһуннук үлэлээбитэ.
Бастакы бэрэсидьиэн кэлиэҕиттэн “Саха сирэ” хаһыат тахсар буолбута. Онно култуура уонна экономика отделларыгар тэҥинэн үлэлээбиттээхпин.
Үксүн тылбаас этэ. Партия киин кэмитиэтин Уурааҕын, Генеральнай сэкирэтээр тыл эттэ да, киэһээ 8 чаас иннинэ кэллэҕинэ, сарсын тахсар нүөмэргэ киириэхтээҕэ. Онон этэн биэрэр тылбааһы кыайар дьон үгүс ноҕоруусканы көрсөр этибит. Сүрүн үлэбит ол да буолара.
Тута этэн биэрэр тылбааһы киһи эрэ сатаабат. Урут билиҥҥи курдук көмпүүтэргэ бэйэҥ бэчээттээбэккин, эрэдээксийэҕэ 4-5 машинистка баар буолар, дьэ олору кытта тэҥҥэ олорон үлэлиигин. Тылбаасчыттар түүн 3-4 чааска диэри үлэлиирбит. Уонна сарсыарда үлэҕэр 9-ка баар буолуохтааххын. Партия съеһэ, кэмпэриэнсийэтэ – барыта “литернэй” диэн ааттаах матырыйааллар, суһаллык нүөмэргэ бараллар.
ДЬОРУОЙ ААТЫН ҮЙЭТИТИИ
Бэлиитикэ, история, култуура, репрессия туһунан кырдьыктаахтык суруйуулары Дмитрий Васильевич саҕалаабыта биллэр. Саха норуотун иннигэр биир саамай улахан өҥөтө – аатырбыт снайпер Федор Матвеевич Охлопков туһунан уочаркалара. Кини итэҕэтиилээх суруйууларыгар тирэҕирэн, докумуоннара хаттаан толоруллан, туруорсуу үлэтэ тобуллан, снайпер Федор Матвеевич Охлопковка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ.
– Охлопков аатын үйэтитии туохтан саҕаламмытай?
– Биһиги биир холкуоспут – Кириэс Халдьаайыларбыт. Билигин сэрии диэн тугун үчүгэйдик өйдөөбөт дьоҥҥо боростуойдук быһааран биэрдэххэ, маннык: снайпер диэн оборона кэмигэр, көмүскэнэргэ наадалаах буойуттар – сэриигэ улахан оруоллаахтар. Бастакы снайпердар Ленинградтан устудьуон Пчелинцев уонна Крымтан Людмила Павлюченко тута Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдара буола түһэллэр.
Ржев куораты тула сылтан ордук сэриилэспиттэрэ. Биһиги Охлопковпыт онно аатырбыт киһи. Тоҕо диэтэххэ, ньиэмэстэр Ржев куораты ыллылар да, Москваҕа кэлиэхтэрин сөбө. Аны, Кыһыл Аармыйаҕа инструкция баар эбит: “Сибииртэн кэлэр кыра омуктары, кинилэр бары булчуттар буоллалларынан, разведкаҕа туһаныҥ уонна снайпер оҥоруҥ”, – диэн. Дьиктитэ диэн, “бу дьоннорго наһаа улахан наҕарааданы биэрэ сатаамаҥ” диэн этии кытта баар, “улахан наҕарааданы уйбаттар, арааһы оҥоруохтарын сөп” дииллэр эбит.
Охлопков снайпердартан сэриигэ саамай уһуннук сылдьыбыт киһи. 1941 сыл сэтинньи ыйыттан 1944 сыл тохсунньутугар диэри. Кини курдук уһуннук снайпердаабыт киһи Аҕа дойду сэриитин устатыгар суох эбит. Кумааҕыга киирбитинэн, сэттэтэ улаханнык бааһырар, иккитэ контузияланар. Сэрии ыараханын барытын тулуйбут, бэйэтэ этэринэн, 12-тэ бааһырбыт. Ол этинэн-хаанынан кытта киһиттэн уратытыгар сытар. Холобур, бөтөҕөтүн буулдьа тэһэ көтүтэр – биир нэдиэлэнэн, санчааска, госпитальга барбакка, тиллэн хаалар. Холобур, суруйааччы Николай Якутскай эмиэ сэриилэспитэ, пограничник этэ, бөтөҕөтүн таптаран, “аармыйаҕа сулууспалыыр кыаҕа суох” диэн дойдутугар ыытан кэбиспиттэрэ. Сэрии саҕаланыыта дойдутугар кэлэн, өйдөөх, тыллаах-өстөөх киһи манна Обкомҥа тиийэ үлэлээбитэ.
Охлопков атаакаҕа киириигэ пулеметчик, аптамааччык быһыытынан кыргыһар эбит. Онон төһө өстөөҕү суох гыммытын ким да чуолкайдык билбэт – аахпаттар. “Снайперский счет” диэн баар, онон аахтахха, киниэнэ 429 өстөөҕү самнарбыт диэн.
Сахаттан снайпер буолбут элбэх эрээри, өлөн хаалаахтаабыттар.
Подольскайга байыаннай архыыпка икки сайыны быһа үлэлээбитим. Сэриигэ сылдьыбыт киһи туһунан матырыйаалы хомуйуу – кэбиһиилээх окко иннэни көрдүүр тэҥэ. Сэриигэ барааччылар Дьокуускайтан хоҥнуохтарыттан ыла тыыннаах хаалыы туһугар туруулаһыыны ааһаллар. Ас былдьаһык, усулуобуйалара кытаанах, оргуйбут ууну куттууга уочарат... Иркутскайтан Уралга диэри массыынанан эҥин тиийэллэр, сэриилэһэр сирдэригэр сатыы эбэтэр хайыһарынан ыыталлар. 2-6 ый устата байыаннай үөрэҕи бараллар. Сэрии саҕаланыытыгар Кыһыл Аармыйа тиэхиньикэ эҥин өттүнэн ньиэмэстэргэ баһыйтарара. Ол түмүгэр дьиҥнээх саа эһэр фроҥҥа аҥаардара ыалдьан икки, хоргуйан өлөн тиийэллэр.
Суруйааччы Сергей Васильев Ильмень күөл быһылаанын үйэтиппитэ. Суруйар киһи салайар үлэҕэ сылдьыбыт буолан, бастакы өйдөбүнньүгү кини туруортарбыта. Ол саҕана сэрии диэн соторутааҕыта ааспыт дьыала, ким да улаханнык аахайбат курдук. Мин Кыайыы 20 сылын дойдубут бэлиэтиэ дуу, суох дуу дии саныыбын... Сталин кэнниттэн Хрущев олорон үс сыл устата Кыайыы бырааһынньыгын бэлиэтэппэтэҕэ. Онтон Брежнев хамаандата кэлэр, онно мин саҥа эдэр салалта, норуот санаатын да табаары, Кыайыы 20 сылын бэлиэтиирэ буолуо дии санаатым, ол иһин икки сыл инниттэн Охлопковка матырыйаал хомуйбутум. 1963 сылтан саҕалаабытым. Наһаа элбэх докумуону булбутум. Наҕараадалыыр илиистэрин таһынан, фронт хаһыаттарын булбутум. 100-тэн тахса төгүл аата хаһыакка тахсыбыт – ол аата пропаганда ракурсугар түбэһэр. Кыра омук, нууччаттан атын сонун сирэйдээх, бэргэн ытыылаах снайпер – барыта ураты буолан сэҥээрэллэр.
Попель диэн сэрии иннинэ таба ытыыга күрэхтэһиилэргэ Англияҕа тиийэ кыттар киһи кэлин байыаннай кэрэспэдьиэн буолбут. Ол киһи Охлопковы аан бастаан уонна саамай элбэхтик суруйбут. Кэнники Казахстаҥҥа олорбута. Онно Семипалатинскайга (уруккута Алматы, билигин Нурсултан куорат) баран кэлбитим, матырыйаал ыла.
Сэриигэ икки өттүттэн элбэх киһи өлөр. Хас саллаат барыта докумуоҥҥа киирэн испэт. Аһыылларыгар эрэ испииһэктииллэр, ол испииһэктэрэ нэдиэлэ аайы, састааптара уларыйан иһэриттэн көрөн, быраҕыллан иһэр. Онон сэриигэ сылдьыбыт дьон наҕараада ылбыта докумуоҥҥа киирэн сылдьар диир кыаллыбат.
1943 сыл бэс ыйын бүтүүтүгэр диэри Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын өлбүт эрэ дьоҥҥо биэрэллэр. Дьоруой билиэҥҥэ түбэстэҕинэ, аармыйа аатын түһэриэн сөп дииллэр. Онтон кыайыыга эрэл чахчы үөскээбитигэр биирдэ, 1943 сыл от ыйыттан, тыыннаах дьоҥҥо биэрэн саҕалыыллар. Дьоруойга түбэһиэхтээх киһи өлөн хааллаҕына, уордьаҥҥа түһэрэллэр.
1942 сыл ортотугар диэри мэтээли даҕаны ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ илии баттыыр этэ. Кэнники дивизия хамандыыра уордьаны бэйэтэ биэрэр кыахтанар, Дьоруой аатын фронт командующайа бигэргэтэр. Үрдүкү Сэбиэт онно илии баттыыр. Сэрииттэн наҕараадалаах кэлбит дьон бары докумуоннаахтар этэ диэбэппит. Архыыпка барыта киирэн хаалбатах, үгүс түгэннэр таах хаалаллара.
Охлопков курдук пропагандаҕа туһаныллыбыт, аатырдыллыбыт киһи суох. Маршаллар даҕаны кини курдук элбэхтик бэчээккэ тахсыбаттар эбит. Онтон кэлин “ол киһи бааһырбыт үһү” диэбиттэр, ону өлбүт курдук да өйдөөн, Дьоруойга түһэрбиттэрин, уордьан биэрэн кэбиспиттэр.
Мин Москваттан үлэлээн кэлэн, кини туһунан хаһыаттарга матырыйааллары бэчээттээбитим. Дьоҥҥо бэйэм санаабын ылыннараары. Кыратык тиийиммэт киһи курдук көрүллэрим да баар этэ, Дьоруой аатын туруорсарым иһин. Сирэйбин-харахпын сыныйан көрөр киһи элбэҕэ. “Красная Звезда” эрэ таһаарбыта, “Правдаҕа” үлэлиир бииргэ үөрэммит уолбун үтүөлээн көрөбүн. Дьоруой буолтун эрэ кэннэ “Наш Матвеич” диэни таһаарбыттара.
Докумуон хомуйуутун партийнай линиянан иккиһин түһэриҥ диэн сүбэлээннэр, оннук үлэлээн барбыппыт. Докумуон оҥоруутун Гавриил Чиряев салайбыта, Спиридонов диэн учуонай, биир бэчээт секторын үлэһитэ уонна мин буолан үлэлээбиппит. Бойобуой суолун барытын суруйан, характеристика толорон... Докумуоннарбытын Гайсмен диэн ЦК-ҕа Саха сирин инструктора баара, ол киһи сиэбигэр уган ыыппыппыт. Муус устар 22-23 күнүгэр ол Гайсмен көтөр, Кыайыы күнэ буолара ый аҥаара эрэ баара. Ол курдук таба тайанан, быһа линияларынан Обком кэпсэтэн, тылын ыланнаран, хайдах эрэ барыта ыпсан, табыллан, Охлопков Дьоруой буолбута.
Мин хайатыгар эрэ сүрэҕэлдьээн дуу, санаам самнан хаалбыта дуу буоллар, туох да ситиһиллиэ суох эбит дии саныыбын.
СУРУНАЛЫЫС ХАМНАҺА НААР КЫРА
–Уонна ол саҕана идэтийбит суруналыыс идэлээх киһи диэн, кырдьык, тарбахха баттанар буоллаҕа. Суруналыыстыка уонна филолог үөрэхтээхтэр бэчээккэ тэҥҥэ үлэлиибит. Ол эрэн, эн санааҕар, төһө тэҥҥэ тутуллабытый?
– “Кыымтан” 61 сааспар уурайбытым, онтон “Саха сирэ” хаһыакка ырытааччы наада диэн ыҥыран ылбыттара. Сахаларга Президент диэн кимин, тоҕо наадатын суруйбутум. М.Е. Николаев туох саҥаны оҥорор да, ону тута норуокка өйдөтөр, сатаан суруйар киһи наада этэ. Ол иһин ыҥыран ылбыттара.
Филологтар уонна суруналыыстар тэҥнэрин иһин, филолог науканан дьарыктанан истиэпэн ылла да, хамнаһа үрдүүр. Суруналыыстар култуура систиэмэтигэр баарбыт. Ол иһин хамнаспыт быыкаайык. Былыр-былыргыттан суруналыыс хамнаһа кыра. Туруорсан көрүү баара, ону үрдүкү салалта “ суруналыыстар гонорардааххыт буолбат дуо” дииллэрэ. Сатаан туруорсар киһи суох буолан, култуура эйгэтигэр сыһыарыллан хаалбыппыт...
Мин “Кыымҥа” үлэлии сылдьан тылбаастан элбэхтик хамнастанарым. Тылбааһыҥ гонорара хамнаспыттан 4-5 төгүл элбэх буолара. Ханнык да учуонайтан ордугу ыларым, онно кистэлэҥ суох. Учуонайдар кинигэлэрин таһаарыыга үлэлии сылдьыбытым, ол эрэн төттөрү хаһыаппар төннүбүтүм. Сүрүн үлэм, ханнык да дуоһунаска анаммытым иһин, тылбаас буолан тахсар эбит. Аны кэллиэгэлэрим, этэн биэрэн тылбаастыыр дьон өлөн-сүтэн иһэллэрэ, кэнники иккиэйэх эрэ хаалбыппыт.
Синхроннай тылбаас диэн баар, мунньахха эҥин тута тылбаастааһыҥҥа туттуллар. Николаев диэн радиокомитет үлэһитэ баара, миигиннээҕэр быдан ордук этэ. Сурукка-бичиккэ Сыромятников диэн баара, Сталин 12 кинигэтиттэн 8-һын соҕотоҕун тылбаастаабыт киһи.
– Билиҥҥи хаһыаттары ааҕаҕын дуо? Кумааҕы хаһыат сүтүө дииллэрин туох дии саныыгын?
– Сахаалыылартан ураты “Жизнь Якутска”, “Аргументы и факты” сурутабын. Ону-маны интэриэһиргиир буоламмын, ааҕарым элбэх. Историческай кинигэлэри ааҕабын.
Хаһыат буомуран иһэр. Онон-манан эргитэннэр, бэчээттэнэр хаһыат тахсыа суоҕа дииллэр. Оннук буолара сатаммат. Аҕыйыахтара, ол эрэн биирдиилээн хаалыахтара. Дьон ааҕарын таптыыр, ону эмискэ бырахтарар сыыһа.
Уус-уран айымньы аҕыйаан иһэр, беллетристика былааһы ылла. Проханов диэн нуучча улахан суруйааччыта ону “дьон өйө-санаата, литературнай вкус уларыйда” диэн суруйар.
Билиҥҥи Арассыыйа олоҕун хаалан иһэр диибин. Сымыйанан демократ буола сатааһын барыта, ол иһин олохпут сатаммат. Олох таһымынан биһиги дойдубут 56-ыс миэстэҕэ тэбиллибит, Африка дойдуларын таһымынан. Наукаҕа кытта хаалан иһэбит. Учуонай истиэпэн ылла, хамнаһа үрдээтэ, онтон атыныгар кыһаммат, уопсастыба олоҕор кыттыбат. Норуот туһугар үлэлиир киһи суох. Холобур, Башарин кандидатскайын үстэ көмүскээн ылбыт киһи этэ, чахчы норуот туһугар ыалдьыбыт учуонай.
– Билигин тугу оҥоро сылдьаҕын?
–31-ис кинигэбин “Тылбаасчыт бэлиэтээһиннэрэ” диэммин таһаардым. Билигин да үлэлиир кыах баар. Биир кинигэ суруйубын, хайдах форманы тутуһарбын эҥин быһаарыам. Илиибинэн суруйабын, онтон кэргэним көмпүүтэрдиир.
– Туйах хатарааччы баар дуу?
– Суох. Уолум, кыыһым иккиэн өлбүттэрэ. Сиэннэрдээхпин. Кинилэртэн суруйар киһи суох. Уонна мин тулаайах аҥаардаах эмээхсин уолунабын, улахан элбэх дьонум суох. Хаһан эрэ “бу киһи эһээтэ баай этэ” диэн суруйа сылдьыбыттара. Эһэм сэниэ соҕус, үс уоллаах, биир кыыстаах эбит. Мин аҕам тугу да ылбакка, сапсыйан кэбиспит, колхуоска холбоспуттар. Онон эһэм Туйах Ньукуус быйаҥыттан туһамматах киһибин.
Обкомнар миигин соччо сөбүлээбэттэр этэ, аны кинилэртэн улахан үөрэхтээх курдукпун эҥин... Чэ, ол туспа дьыала, киһи күннээҕи санаатын ситиһэн олордоҕуна син.
Саха сирэ нуучча сиригэр холбоспута 225 сылыгар биир да саха суруйааччыта нууччалыы тылбаастамматаҕа. “Социалистическая Якутия” хаһыат суруналыыстара суруйбут кинигэлэрэ саха литературатын аатыттан быыстапкаҕа турбута баара... Биһиги оннугу утарар этибит. А. Аргунов диэн баар этэ. “Обком тылынан эрэ кынаттанар, туох да үчүгэйи оҥорбот” диэн ис хоһоонноох суруйуутунан 20-тэн тахса сыл Обкомҥа олорбут Барыыһабы уһултарар... Кини биир сыл үлэлээри улахан кыахтаах тэрилтэлэртэн 22 кыбартыыраны ылан үлэһиттэригэр түҥэппиттээх. Оннук эрэдээктэр билигин суох. Билиҥҥилэр аптарытыаттарын саарбахтыыбын, ааттарын ааттыахпын баҕарбаппын, бэйэлэрэ эрэ ааттара аатырарыгар баҕалаахтар диибин.
Нуучча хаһыатын “Социалистическая Якутия” уонна сахалыы “Кыымы” холбоон биир хаһыат оҥорбуттара – сахалыы хаһыат нууччалыыны дубляжтыырын курдук... В.К. Алексеев диэн баар этэ, “национальнай хаһыаты саптарар сатаммат” диэн ЦК-ҕа баран туруорсан, туспа барбыппыт. Киниэхэ күҥҥэ 20-чэ киһи сылдьара. Хас кыһалҕалаах киһи кэллэҕинэ, төлөпүөнүн үрдүгэр түһэрэ. Төлөпүөнүнэн тылын ылыммытахтарына, киһитин сиэппитинэн бэйэлэригэр тиийэрэ, туох да уочарат эҥин диэни билиммэтэ. Оннук ааҕааччыга чугас суруналыыстар бааллара. “Ходоки Ленина” диэн притча баара, онтон ылан биһиги “Ходоки Алексеева” диэн күлэр буоларбыт. Былыр биирдэ типография умайан турар, онно Алексеев эдэр, 3 шрифт кассатын утуу-субуу уокка киирэн көтөҕөн таһаарбыт. Сибиньиэс уокка ууллан хаалыа этэ. Сахалыы шрифт соҕурууттан кэлиэр диэри хаһыат тахсыа суох эбит этэ. Оннук дьоҥҥо туһалааҕы эрэ оҥорор дьонноох этибит биһиги.
КИҺИ ДЬАРЫКТААХ БУОЛУОХТААХ
– Наҕараадаларгыттан саамай киэн туттарыҥ ханныгый?
– Саамай сыаналыырым – Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэм. Бэчээт эйгэтигэр икки эрэ киһи ылбыта. “Мастер слова” наҕараада ылбыттаахпын, барыта холбоон 30-тан таҕыста быһыылаах. Сэһэн Ардьакыап туһунан суруйан, Суотту нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо кытта буолбутум.
Аатырыым миэнэ барыта 60 сааспын ааспытым кэннэ кэлбитэ.
– Саастаах дьонтон киһи уһун үйэлэнии кистэлэҥин ыйыппатаҕына табыллыбат. Эйиэхэ мэйии үлэтэ билигин да элбэх эбит.
– Учуонайдар да этэллэр дии, өй үлэтинэн дьарыктанар киһи түөһэйбэт диэн. Урут этэрбэстэрин харсыһыннара оонньуур оҕонньоттор баалларын истэр этим. Түөһэйэн, оҕолоругар түһэн хаалан, этэрбэстэринэн оонньуу олороллор буоллаҕа. Оннукка тиийэ иликпин, эрдэ быһыылаах диибин (күлэр).
Сэриини мэҥэстэн сут-кураан эргиллибит сылларыгар улааппытым. Холкуоска 8 сааспыттан хара үлэ этэ. Саамай үчүгэй аһылыгым иэдьэгэй буолара. Бурдук үүммэт этэ.
1943 сыллаах Уураах кэннэ, холкуостаахха эбии төлөбүр үөскүүр – 100 борооскуну тутан, күһүн барыларын хотоҥҥо этэҥҥэ киллэрдэххинэ биир борооскуну ылаҕын. Оннукка мин ийэм иккитэ тиксэн турар, ону өлөрөн 6 тыһыынчаҕа атыылаан миигин үөрэххэ ыыппыта.
Доруобуйабын көрүнүүгэ анал систиэмэм суох. Йоганан кытта дьарыктана сылдьыбыттаахпын, быраҕан кэбиспитим. Киһи наар үлэлиэн-хамсыан, дьарыктаах буолуон наада. Билигин оннооҕор тыа дьоно сүөһү ииппэт буолла буолбат дуо, оннук дьон олохторо кылгыыр. Киһи түбүктэн өлбөт. Кылаабынайа, үлэ киһи кыаҕын таһынан буолуо суохтаах.
Үрүҥ үлэһит, хара үлэһит да буол, сөбүлүүр үлэтин таһынан киһиэхэ хайаан да атын дьарык наада.