МИХАИЛ МЕГЕЖЕКСКЭЙ
Эһиилги үбүлүөйдээх сылбытынан өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммит историятын салгыы билсэбит.
Бүгүн эһиэхэ анаан Михаил Мегежекскэй туһунан билиһиннэриэхпит. Куруук этэн ааһарым курдук, бу матырыйаал тахсарыгар биһиэхэ “Арассыыйа – Мин историям” музей үлэһитэ Виктор Борисов күүс-көмө буолар.
Бу бассабыык араспаанньатынан урут кылгас кэмҥэ кини төрөөбүт Марха (Ньурба) улууһа ааттана сылдьыбыта. Кини саха норуотун социал-демократтартан биир бастакылара этэ. 1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэҕэ, гражданскай сэриигэ кыттыбыта, доҕотторун кытта Саха АССР төрүттэспитэ, автономия салайар дуоһунастарыгар үлэлээбитэ.
Саха АССР салайааччыларынан үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар дьон репрессия сылларыгар Сэбиэскэй судаарыстыбаны таҥнарааччылар диэн түрмэҕэ хааллыбыттара эбэтэр ытыллыбыттара. Ол эрэн Мегежекскэйи бу таарыйбатаҕа, кини репрессия иннинэ доруобуйата тулуйбакка эрдэ олохтон туораабыта. Мегежекскэй оройуону төттөрү Ньурба оройуона оҥорбуттара. Бу кини өлбүтүн кэннэ репрессияламмытын этэр. Маннык эмиэ буолара.
Ыстаал хатарыллыыта
Мегежекскэй дьиҥнээх араспаанньата Ксенофонтов диэн этэ. Оччолорго бассабыыктар ааттарын уонна араспаанньаларын үгүстүк уларыталлара, бу киһи урукку олоҕун букатыннаахтык умнарын этэрэ. Интернационалга ылланарын курдук, “Старый мир мы до основания разрушим, а затем мы новый мир построим”.
Михаил Ксенофонтов Марха (Ньурба) улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Маалыкайга таҥара оскуолатыгар үөрэммитэ, ол кэннэ Ньурбаҕа оскуоланы бүтэрбитэ. Судаарыстыба 19-с үйэ бүтүүтэ нэһилиэнньэ үөрэхтээх буолуутугар дьэ кыралаан болҕомтотун уурар буолбута. Ол курдук, балаһыанньаларынан эрэ көрбөккө, дьадаҥылары эмиэ киллэрэн туран, үөрэнэллэригэр кыах биэрбитэ. Ол иһин Ньурба оскуолатын бүтэрэн баран Михаил Дьокуускайга учууталлар семинарияларыгар үөрэнэ киирбитэ, кини онно оҕо эрдэҕинээҕи доҕоро Степан Васильевы, ону тэҥэ Платон Слепцовы (Ойуунускайы), Максим Аммосовы, Исидор Скрябины (Бараховы) кытта үөрэммитэ.
Дьокуускайга кинилэр бары бииргэ сыылынай Емельян Ярославскай (Миней Губельман) тэрийбит социал-демократтар кистэлэҥ куруһуоктарыгар сылдьыбыттара. Кистэлэҥ мунньахтар көннөрү биэчэрдэр курдук дьаралыктанан ыытыллаллара, манна эдэр дьоҥҥо ыраахтааҕы эрэсиимэ сахалар уонна Саха кыраайа хаалынньаҥар буруйдаах диэн этэллэрэ. Ярославскайы таһынан эдэр дьону социал-демократтар идеяларыгар сыылынай, Госдуума урукку дьокутаата Петровскай уонна сыылынай Охнянскай билиһиннэрэллэрэ. Куруһуокка кинилэри кытта тэҥҥэ Дора Самуиловна Жиркова сылдьыһара, кэлин кини уолаттар доҕордоро буолбута уонна Саха сиригэр бассабыыктар социализмнарын тутууга биир кэккэҕэ хаамсыбыта.
Былаас Колчакка бэриллиитэ
Эдэр дьоҥҥо күүтүүлээх-кэтэһиилээх кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ, 1917 сыл олунньу ыйга ыраахтааҕы былааһыттан быраатын туһугар аккаастаммыта, анараата бөрөстүөлгэ сөбүлэспэтэҕэ, онон дойдуга монархия бүрүүкээбитэ тохтообута, ыраахтааҕы былааһа сууллубута.
Ксенофонтов олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэҕэ кыттыыны ылбыта, кини социал-демократтар (бассабыыктар) диэки буолбута. Дойдуга араас элбэх баартыйа баара, хас биирдиитэ бэйэтин хайысхатын уонна делегаттарын күүтүүлээх Олохтуур мунньахха туруорсара. Ол эрэн оччолорго Петербурга кииннэммит былааһы бассабыыктар ылбыттара, кинилэр Быстах олохтоммут бырабыыталыстыбаны туппуттара, онон дойдуга киэҥ далааһыннаах гражданскай сэрии саҕаламмыта.
Дьокуускайга Мегежекскэй Иркутскайтан кэлбит Апполинарий Рыдзинскай этэрээтин көмөтүнэн быстах сүбэттэн былааһы сэриилээн ыларга кыттыбыта. Онон Дьокуускайга былааһы бассабыыктар ылбыттара, ол эрээри бу былаас өр буолбатаҕа. Дойду соҕуруу өттүгэр ыраахтааҕы аармыйатын урукку генераллара Баҕа өттүнэн аармыйаны (үрүҥнэр) тэрийбиттэрэ уонна бассабыыктар (кыһыллар) утары сэриини саҕалаабыттара.
Сибииргэ биир кэмҥэ кыһыллар утары бастаанньалар тэриллибиттэрэ, бастаанньаһыттарга сэптээх-сэбиргэллээх чешскэй корпус дьиэлээн испит дьоно көмөлөспүттэрэ. 40 тыһыынча киһилээх Чехословакскай корпус, Быстах олохтоммут бырабыыталыстыбанан тэриллибитэ, Германия уонна Австро-Венгрия утары сэриигэ Австро-Венгрия билиэннэй саллааттарыттан турара. Бастаанньаһыттар бэрт түргэнник Урал хайаларыгар Приморьеҕа диэри Сибиир бары куораттарын бас билбиттэрэ, бассабыыктары өлөртүүллэрэ, кинилэр саллааттарыгар балачча улахан хоромньуну аҕалбыттара.
Былаас Директорияҕа бэриллибитэ – бассабыыктартан ураты араас баартыйалартан турар бэрэстэбиитэллэр Сэбиэттэрэ. Директория штаб кыбартыырата Омскайга түстэнэн олороро. Сибиир Сэбиэскэй Арассыыйаттан араарыллыбыта, аармыйа тэриллибитэ, манна эписиэрдэр саагыбар тэрийэн, Директорияны уураппыттара уонна кинилэртэн биирдэстэрин, ыраахтааҕы аармыйатын уонна Быстах бырабыыталыстыба урукку адмиралын Александр Колчагы былааска аҕалбыттара.
Колчак быстах диктатордыыр боломуочуйаларын ылыммыта, бэйэтин суос-соҕотох салайааччы курдук сананан бассабыыктары былаастан үүрбүтэ. Баҕа өттүнэн оҥоһуллубут аармыйа баһылыга Анатолий Деникин уонна интервеннэр дойдулара кинини салайааччы быһыытынан билиммиттэрэ. Колчагы ол курдук – Үрдүкү салайааччы диэн ааттаабыттара.
Дьокуускайга былаас уларыйыыта
Колчак сэрииһиттэрэ Иркутскайы ылбыттара, онтон поручик Гордеев салайааччылаах этэрээт Саха сиригэр атаарыллыбыта. Кини Өлүөхүмэни ылбыта уонна Сибииргэ бассабыыктар былаастара суулунна, онон кыһыллары үүртэлээҥ диэн Дьокуускайга телеграмма ыыппыта.
Дьокуускайга былаас бэрт түргэнник уларыйа охсубута, бассабыыктары, ол иһигэр Ойуунускайы туппуттара, ол кэннэ этэрээт тэрийэ охсон Өлүөнэ уонна Бүлүү өрүһүнэн хараабылга олордуталаан, Бүлүүгэ Сэбиэскэй былааһы олохтуу барбыт кыһыллар этэрээттэрин эккирэппиттэрэ. Ол этэрээккэ Михаил Мегежекскэй баара, кинилэр Дьокуускайы үрүҥнэр ылбыттарын билбэккэ төннөн иһэллэрэ. Кинилэр айаннаан иһэн өрүскэ хараабылы уонна кинилэри эккирэтэн иһээччилэри көрсүбүттэрэ. Ытыалаһыы саҕаламмыта, уопута суох эдэркээн кыһыл байыастар тыаҕа куоппуттара, онно кинилэр хамандыырдара бэйэтин ытыммыта.
Ойуурга саспыт кыһыл байыастарын тутуталыыр кэмнэригэр Михаил Васильевич тыаҕа куоппута, онтон балачча кэм устата саһа сылдьыбыта. Ол кэннэ тутуллан Дьокуускай түрмэтигэр 8 ый хаайыллан баран босхоломмута.
Көҥүлгэ тахсан баран Михаил Васильевич кистэлэҥ үлэнэн дьарыктаммыта, онно бэйэтин биллэрбэт сыалтан партийнай араспаанньа ылыммыта – төрөөбүт дойдутун аатынан, Мегежекскэй диэн.
Сэбиэскэй былаас дьиҥнээхтик атаҕар турбутун кэннэ Михаил Мегежекскэй сэбиэскэй былаас уорганнарыгар үлэлээбитэ, онтон 1929 сыллаахха сүрэҕэ тохтоон соһуччу өлбүтэ. Кини аатын үйэтитээри, Ньурба улууһун Мэҥэдьэк оройуона диэн ааттаабыттара.
Хаартыскаларынан көмөлөспүт Ксенофонт Уткин аатынан Ньурбатааҕы норуот доҕордоһуутун түмэлигэр, чуолаан научнай үлэһит Борис Борисовка махтанабыт.