Медколледж устудьуоннара – коронавируһу кытта охсуһууга
Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж 300-тэн тахса устудьуона коронавирус дьаҥын кытта охсуһууга көмөҕө кэллилэр. Кинилэр колл-кииннэргэ, поликлиникаларга уонна лабораторияларга үлэлииллэр. Бу туһунан регион үөрэҕириигэ Министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Медколледж дириэктэрин солбуйааччы Анастасия Степанова кэпсээбитинэн, устудьуоннар доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр: поликлиникаларга, стационардарга, оройуоннар киин балыыһаларыгар волонтер быһыытынан үлэлэһэллэр. Кинилэр колл-кииннэргэ, регистратураларга, лабораторияларга уонна аэропортарга кытта көмөлөһөллөр.
«Сорох устудьуоннар, бэйэлэрин доруобуйаларын толук ууран туран, “кыһыл зонаҕа” үлэлиир быраастарга көмөлөһөллөр. Кинилэр коронавирус тарҕаныытын кытта охсуһууга кылааттарын киллэрэллэрин таһынан идэтийиилэрин сайыннараллар. Устудьуоннар сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри быраастары кытта тэҥҥэ үлэлииллэр. Ол иһин салайааччылар кинилэргэ хамнас төлүүр туһунан боппуруоһу көрөллөрө буоллар», – диэтэ Анастасия Степанова.
СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжный бэлиэтээбитинэн, медик-волонтерунан үлэттэн медицинаҕа карьера саҕаланыан сөп.
«Мин санаабынан медик устудьуоннарга быраактыканы кытта билсиһии үчүгэй буолуоҕа. Үчүгэй быраас буолар, кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөр курдук волонтерынан саҕалыыр наадалаах. Хас биирдии волонтер устудьуоҥҥа махталбын биллэриэхпин уонна идэҕитин сөпкө саҕалаан эрэҕит диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Олох быраактыкатыгар кинилэр уопуттаах настаабынньыктары кытта үлэлээн идэтийэллэрэ ураты суолталаах», – диэтэ миниистир солбуйааччыта.
Итини таһынан, үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистир Ирина Любимова бирикээһинэн биэдэмистибэ тэрилтэлэрин бары системнай администратордара колл-кииннэргэ үлэлэһэллэр. Маны сэргэ доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ наадалаах малы, тиэхиньикэни уонна тырааныспары ылыахтара.