15.03.2023 | 14:00

Медицина национальнай киинигэр үөрэҕирии балаһаакката арылынна

Медицина национальнай киинигэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго анаан «УчимЗнаем» регионнааҕы инновационнай үөрэҕирии балаһаакката арылынна диэн Үөрэҕирии министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Медицина национальнай киинигэр үөрэҕирии балаһаакката арылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Үөрэҕирии эйгэтин сайыннарар балаһаакката исписэлиистэр уонна төрөппүттэр ыкса алтыһар миэстэлэринэн буолуоҕа, оҕолор үөрэх үрдүк таһымыгар тахсалларыгар бэлэмнэнэн сайдалларыгар бары усулуобуйаны тэрийдибит», - диэтэ Үөрэҕирии миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова.

2014 сылтан саҕалаан дойду үрдүнэн «УчимЗнаем» балыыһаҕа сытан үөрэнэр оҕолорго аналлаах бырайыак олоххо киирэр. Ити бырагыраама стационарга эбэтэр дьиэлэригэр эмтэнэр, уһуннук уонна ыараханнык ыалдьар оҕолорго толору үөрэх эйгэтин тэрийиигэ туһуланар. Билиҥҥи кэмҥэ бырайыак Владивостоктан Калининградка диэри сылга 7000-тан тахса оҕо үөрэнэр 60 регионнааҕы балаһаакканы сомоҕолуур. Саха сиригэр «УчимЗнаем» федеральнай бырайыак 2018 сылтан үлэлиир.

Бырайыак чэрчитинэн медицина киинин «Күннээх куоратыгар» уонна педиатрическай киин оҕо онкологиятын салаатыгар икки үөрэх кэбиниэтэ бэлэмнэннэ.

Үөрэтэр уонна уруок таһынааҕы чаастары Дьокуускай куорат 35-с №-дээх оскуолата ыытар, иитэр үлэ тэрээһиннэрин Медицина национальнай киинин үлэһиттэрэ, эбии үөрэхтээһини өрөспүүбүлүкэ Саҥа технологияларга института хааччыйаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...