08.03.2024 | 16:00

МедиаКиин туһунан тугу билэҕин?

Катя Иванова ХИФУ ППОС МедиаКиинигэр үһүс сылын үлэлиир. Бу кэмҥэ кини Киин чилиэниттэн саҕалаан, бэрэссэдээтэлгэ тиийэ үүннэ. 2023 сыл түмүгүнэн МедиаКиин университет биир бастыҥ салаата буолары ситистэ. Онон бүгүҥҥү нүөмэргэ Катялыын МедиаКиин үлэтин, бэрэссэдээтэл дуоһунаһын туһунан ыйыталастым.
МедиаКиин туһунан тугу билэҕин?
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Бэйэҥ тускунан кэпсээ.

Мин М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай Университет Юридическай факультетын 3-с кууруһун устудьуонабын. Бэйэм Амма улууһун Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ааспыт сыл ахсынньы ыйыттан ХИФУ ППОС МедиаКиинин салайабын.

«Киин куорат» хаһыат «Тэтим» рубрикатын ааҕааччыларыгар МедиаКиин диэн туох тэрилтэ буоларын быһаарыаҥ дуо?

ХИФУ ППОС МедиаКиинэ Саха сиригэр устудьуоннар хамсааһыннарыттан биир бөдөҥнөрө. Биһиги ППОС иһинэн буолар тэрээһиннэри, бырайыактары видеоҕа уһулан, хаартыскаҕа түһэрэн, таҥан оҥоробут. Ол аата бу эһиги куйаар ситимигэр көрөр университет туһунан  видеоларгыт, хаартыскаларгыт, постаргыт, ыстатыйаларгыт – барыта биһиги үлэбит түмүгэ диэххэ сөп. Ол эрээри биһиги манан эрэ муҥурдаммаппыт, бэйэбит эмиэ араас хабааннаах тэрээһиннэри, куонкурустары, бырайыактары тэрийэбит уонна кыттабыт.

Бэрэссэдээтэл буолар санаа хайдах киирбитэй?

Мин бу тэрилтэҕэ маҥнайгы кууруска киирбитим уонна онтон ыла олоҕум атын, сэргэх күннэрэ саҕаламмыттара. Барытыгар “Мин!” диэн көхтөөхтүк кыттарбын көрөннөр, бастаан бэрэссэдээтэли солбуйааччынан анаабыттара. Онтон бу кыһын, урукку бэрэссэдээтэл үлэтин түмүктээбитин кэннэ, мин салайааччы быһыытынан хаалбытым.

Билигин, бэрэссэдээтэл буолбутуҥ кэннэ, дуоһунаһыҥ туһунан туох санаалааххыный?

Оттон эрдэттэн солбуйааччы быһыытынан туох-хайдах буоларын, ымпыгын-чымпыгын билэн-көрөн, билигин арыый холкубун. Ол эрээри онтон ыла эппиэтинэс үрдээтэ диэхпин баҕарарбын, туох барыта эн нөҥүө кэлэр-барар.

Үлэҥ үөрэххэр мэһэйдээбэт дуо?

Барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах дии саныыбын. Өскөтүн эн бириэмэҕин сөпкө аттаран сылдьар буоллаххына — барыта сатанар уонна табыллар. Онон мин эппиэтим: Суох, мэһэйдээбэт.

Билигин МедиаКиин чилиэннэрэ тугунан дьарыктаналларый?

ХИФУ ППОС үрдүнэн саамай улахан тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ—«Субсидиум-24» буола турар. Онно 7 оҕом – тэрийээччи, оттон өссө 7 оҕом кыттааччы быһыытынан бардылар. Ону тэҥэ “Эдэр гвардия” «Вверх» диэн бырайыага буола турар, онно 2 оҕом эмиэ тэрийээччи быһыытынан сылдьаллар. Өссө биир устудьуоммут Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр волонтер быһыытынан үлэлиир. Онон МедиаКиин активистара үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Биһиги кинилэргэ тулууру, дьулууру уонна ситиһиини баҕарабыт. Ити курдук МедиаКиин үлэтэ бүппэт, ону барытын тэҥҥэ оҥоробут. Маны таһынан шоу-видеолары оҥоробут. Уонна атына кистэлэҥ буоллун, кэтэһиҥ эрэ диэхпин сөп.

Быыс булан, өссө спордунан дьарыктанаргын истибитим.

Үөрэхпиттэн уонна уопсастыбаннай үлэбиттэн ураты волейболлуубун, Куораттааҕы бастакы лигаҕа «Алтан» хамаандаттан оонньуубун, чөл, чэгиэн буоларга кыһаллабын уонна атыттары ыҥырабын. Уонна, быыс булан, доҕотторбун кытта көрсүһэрбин, тыйаатырдарга, кэнсиэрдэргэ сылдьарбын астынабын.

Бу сылга үөрэххэ саҥа киирэр оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?

Киһиэхэ устудьуоннуур кэмэ саамай умнуллубат, хатыламмат, ол эрээри бу барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Мин баҕарыам этэ бэйэҕит баҕарбыт үөрэххитигэр киирэн, олох тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылыыр сайдыылаах дьон буоларгытыгар! Туохтан да куттаммакка, тостубакка, иннигит диэки хардыылаан иһиҥ. Барыта табыллыа!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...