Массыынаны атыылаһыахпыт иннинэ хайдах бэрэбиэркэлиибит?
Билигин иэстэрин сатаан төлөөбөтөх дьон моҥкуруукка бараллара киэҥник тарҕанна эбэтэр түөрт көлүөһэлэээх тырааныспары кирэдьииккэ киирэн ылыы олус элбээтэ. Бааҥҥа солуок угуллубут массыынаны араас балаһааккаларга, үксүн куйаар ситиминэн атыыга таһаараллара кистэл буолбатах. Маныаха атыылаһааччы массыына историятын тугу да билимиэн сөп. Бүтэр уһугар харчыта да суох, массыыната да суох хаалар кутталлаах.
Ол эбэтэр, атыыласпыт массыынаҕытын сокуонунан былдьаан ылыахтарын сөп. Манныкка түбэспэт туһугар атыылаһыаххыт иннинэ тимир көлөҕүт историятын сыныйан бэрэбиэркэлииргит наада.
* Массыына атыылаһаргытыгар дуогабарга сыанаҕытын кыччаппакка суруйаргыт ордук диэн юрист Маргарита Колодезникова сүбэлиир уонна тус быраактыкатыгар көрсүбүт түгэннэриттэн ааҕааччыларбытыгар кэпсээн, сэрэхтээх буоларга ыҥырар:
– Кэнники кэмҥэ, үлэм сүнньүнэн, массыынаны атыылаһыахтарын иннинэ көлө юридическай ыраас буолуутун бэрэбиэркэлээбэтэх гражданнар кэлэллэрэ үксээтэ. Холобур, маннык түбэлтэлэр тахсыбыттара:
1) Приморьеттан 1,5 мөл. солк. микроавтобус атыыласпыттар. Дьокуускайга аҕалан эрэ баран массыыналара солуокка турарын билбиттэр.
2) Массыынаны регистрациялааһыҥҥа урукку хаһаайыныгар бобуу ууруллубут буолуон сөп.
3) Биир килийиэммит массыынаны атыылаһыан иннинэ бэрэбиэркэлээбит. Бэйэтин аатыгар этэҥҥэ регистрациялаппыт. Ол эрэн сыл аҥаара ааспытын кэннэ массыыната солуокка бэриллибитин уонна суут бириистэптэрэ номнуо хааччахтары туруорбуттарын билбит.
Маннык түгэннэргэ отоойкоҕо олорон хаалбат туһуттан, киһи бэйэтэ саатар бу саайтарга атыылаһар көлөтүн историятын бэрэбиэркэлиэхтээх:
www.reestr-zalogov.ru сайтка бэрэбиэркэлээҥ.
Онтон нотариуска баран массыына ханна да солуокка турбатын билиҥ, хайаан да солуок реестригэр бу массыына суоҕун туһунан выписката ылыҥ.
Кэлин бу массыына солуокка турара биллэн хааллаҕына даҕаны, атыылаһар күҥҥүтүгэр ылбыт выпискаҕытын суукка көрдөрөн, тырааныспаргытын былдьатыыттан быыһаныаххытын сөп.
3.Атыылааччы иэстэрин fssprus.ru сайтка бэрэбиэркэлээҥ. Атыылааччы аатыгар исполнительнай производство суох буолуохтаах.
Бастатан туран, элбэх иэстээх киһи (“закредитованнай” диэн ааттыыбыт) моҥкуруукка барарга быһаарыныан сөп, оччоҕо атыы-эргиэн дуогабара көтүрүллэр кутталланар.
Иккиһинэн, исполнительнай производство саҕаланнаҕына, бириистэп массыынаҕа арест ууруон эбэтэр массыына эрдэ хааччахтаммыт буолуон сөп.
4. Массыынаны гибдд.рф сайтка бэрэбиэркэлээҥ:
– регистрация историятын;
– саахалларга түбэһиитин;
– ирдэбилгэ сылдьыытын (розыск);
– хааччахтары.
ГИБДД сайта сүүс бырыһыан юридическай ыраас буолууну мэктиэлээбэт, көннөрү информативнай эрэ сыаллаах толоруллар эрээри, таҥара сэрэҕи таптыыр.
5. Атыылааччы докумуоннарын бэрэбиэркэлээҥ.
– ПТС;
– регистрация сибидиэтэлистибэтин;
– массыына атыытыгар кэргэнин нотариуһунан бигэргэммит сөбүлэҥин;
– дэбиэринэһинэн атыылыыр киһи буоллаҕына, дэбиэринэс оригиналын reestr-dover.ru киирэн көрүҥ.