Массыанньыктартан сэрэниҥ!
Саха сиригэр күннэтэ массыанньыктар албын угаайыларыгар киирэн биэрэн ытыстарын соттон хаалар дьон туһунан информацияны ИДьМ пресс-сулууспата киэҥник тарҕатар. Бу дьон холобурдара сэрэхтээх буоларга үөрэттин.
Уһун илиилээх хаайыылаах
27 саастаах Мииринэй куорат олохтооҕо уопсайа 54 киһини албыннаан, 912 тыһ. солк. харчынан дохуот киллэриммитин силиэстийэ быһаарбыт.
Буруйдаах 2022 сыл бэс ыйыттан сэтинньигэ диэри, Приморскай кыраай холуонньатыгар олорон, дьоҥҥо киэҥник биллэр интернет-сервистэргэ Владивостокка уонна Дьокуускайга кыбартыыра куортамныырын туһунан биллэриилэри таһаарбыт. Сыанатын ырыынак сыанатыттан чэпчэки гыммыт. Хаартыскалары атын дьон биллэриититтэн сойботор эбит.
Кыбартыыра устаары эрийбит килийиэннэртэн төлөбүр сорҕотун ыыттаран баран, сүтэн хаалар албаһы толкуйдаабыт.
Массыанньыгы СӨ ИДьМ “Якусткое” салаата булан, киин куоракка аҕалан доппуруостаабыттар. Буруйун толору билиммит, дьону сүүлүктээн ылбыт харчытын интэриниэт уксууларга, тус наадатыгар бараабыт.
Холуобунай кодекс 159 ыст. дьыала тэрилиннэ, суут буолуохтаах.
Сатамматах инвестор
Томмот олохтооҕо билбэт дьахтара инвестициянан дьарыктанарга ыҥырбытыгар сөбүлэһэн, массыанньыктар угаайыларыгар киирэн биэрбит.
Төлөпүөнүнэн эрийбит дьон баай-талым олоҕу эрэннэрбиттэригэр, туох да куһаҕан сибикини көрбөтөх, сорудахтарын барытын толорон испит.
Ол курдук, эрийбит дьоҥҥо пааспарын дааннайын барытын олорчу ууран биэрбит, харчыта күннэри-түүнэри үллэрин кэтээн олороору, бэйэтин төлөпүөнүгэр икки сыһыарыыны туруоруммут, массыанньыктар QIWI-кумааһынньыктарыгар 9000 солк. ыыппыт – ол кэннэ брокерскай счета 120 долларынан эбиллибитин көрбүт.
Аҕыйах хонугунан “брокердара” эмиэ эрийбиттэр, эмиэ харчыта ыытан инвестициялаа диэн “сүбэлээбиттэр”. Биэнсийэлээх дьахтар бу сырыыга аккаастаммыт, укпут харчыбын төннөрүҥ диэн көрдөһүүлээх буолбут. Онуоха харчыгын төннөрөр брокерскай хампаанньаҕа сайабылыанньата суруйуоххун наада диэбиттэр.
Сотору дьахтарга билбэт эр киһитэ эрийэн, харчыгын таһаарарга көмөлөһөр кыахтаахпын диэн үтүө санаатын эппит. Баан сыһыарыытыгар киирэн тугу гынарын ыйа-кэрдэ олорбут. Массыанньык этиитин барытын дьахтар тук курдук толорон испит: бастаан 90 000 солк., онтон 185 000 солк., салҕыы 245 000 солк. ыытааччы буолбут. Маннык эрэ гынан били 9000 солк. төннөрүөхтээҕэ үһү...
Салҕыы харчы ыытаары гыммыта, счеттара блоктанан хаалбыттар, дьахтар онуоха эрэ массыанньыктарга түбэспитин өйдөөбүт. Мөлүйүөн аҥаара кэриҥэ сууманы ыытан баран биирдэ хараҕа арыллыбыт.
Массыанньыктар маннык курдук кими баҕарар итэҕэтэр, тылларыгар киллэрэр психологическай албастардаахтар.
Үбэ үллүбэт буолан хаалбыт
Нерюнгри олохтооҕо 34 саастаах сварщик идэлээх эр киһи полицияҕа сайабылыанньа түһэрбит.
Кинини эмиэ инвестициянан дьарыктан диэн төлөпүөнүгэр эрийэн ымсыырдыбыттар. Массыанньыктар сиэртибэлэрэ буолбут эдэр киһи, «чахчы барыстаах эбит, киһи байыан сөп эбит” диэн санааттан «DRG Company» диэн төлөпүөнүгэр сыһыарыыны хачайдаммыт. Сотору иккис киһи эрийэн, киниэхэ куратор буоларын эппит уонна инвестициялыырга үөрэтиэх буолбут. Бастаан 100 000 солк. ыыттарбыттар, онуоха төлөпүөнүгэр баар сыһыарыыга харчыта элбээн көстүбүт, “салҕыы уган истэххинэ, өссө ситиһиилэниэҥ” диэн тылларыгар киллэрбиттэр.
Өйүүнүгэр, харчытын өссө үлүннэрээри, 288 000 угааччы буолбут. Ол эрэн ол үллүбүт харчытынааҕар буолуох, бэйэтин да хара көлөһүнүн кыайан төннөрбөтөх.
***
Олус чэпчэкитик, аҕыйах күн иһинэн үбү үлүннэрэр спорка уксуулар, онлайн-казинолар, араас инвестициялар – үгүстэрэ албын буоларын өйдөөҥ, сэрэххитин сүтэримэҥ, массыанньыктарга киирэн биэримэҥ!