13.03.2023 | 14:00

Мария Андреева хоһооннорун хомуурунньуга сүрэхтэннэ

Сандал сааспыт салаллан, киһи эрэ санаата көтөҕүллэр үтүө күннэрэ үүннүлэр. Маннык кэрэ кэмҥэ, кулун тутар 11 күнүгэр, эдэр ааптар Мария Андреева «Тыллыы» хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтэниитэ П.А. Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр буолан ааста.
Мария Андреева хоһооннорун хомуурунньуга сүрэхтэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мария Андреева Горнай улууһун Одуну нэһилиэгиттэн төрүттээх, Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолатыгар педагог-библиотекарынан үлэлиир. Хоһоонноро хаһыаттара, сурунаалларга үгүстүк бэчээттэммиттэрэ. 2017 с. Горнай улууһугар буолбут «Бор көмүс күһүнэ» уус-уран литературнай бэстибээлгэ хоһоон күрэҕэр 1-кы миэстэни ылбыта. 2018 с. Эдэр суруйааччылар XXI өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньаҕын поэзия сиэксийэтин кыайыылааҕа. Суоттутааҕы айар үөрүйэх сэминээрин кыттыылааҕа. Өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куонкурустар кыайыылаахтара. Горнай улууһун «Дьүрүскэн» эдэр суруйааччыларын уонна «Совет молодых литераторов» өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин, ону тэҥэ «Талаан түһүлгэтэ» суруйарга холонор ыччат бөлөҕүн, «АйАрт» суруйар дьону көҕүлүүр уопсастыба чилиэннэрэ.

Мария «Тыллыы» хоһооннорун хомуурунньуктарын сүрэхтэниитин дьоро чааһыгар үгүс киһи тоҕуоруһа мустан, эҕэрдэ эгэлгэтэ этилиннэ,  хомоҕой хоһоон ааҕылынна, ылбаҕай ырыа даҕаны ылланна. Хоһоонньут киһиэхэ бэлэх-туһах уонна сибэкки арааһын бэлэхтээтилэр.

Үөрүүлээх тэрээһин саҕаланыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Сахаайа Бурнашева Мария Андреева тылларыгар айыллыбыт ырыаны толордо. Ол кэнниттэн, саха народнай поэта, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Ивановна Харлампьева киирии тылы эттэ уонна эдэр суруйааччыга үтүө баҕа санаатын анаата.

Салгыы, истиҥ эҕэрдэ тыллары эттилэр: СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Анна Егоровна Варламова-Айысхаана; "Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ Гаврил Гаврильевич Андросов; Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ Рустам Николаевич Каженкин; Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, "Далбар хотун" сурунаал бас эрэдээктэрэ Зинаида Архиповна Архипова; литератураны ырытааччы, литературовед, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора Окорокова Варвара Борисовна; Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Максимович Текеянов; Горнай улууһун үөрэҕириитин салалтатын салайааччыта Варвара Ильинична Сметанина; Горнай улууһун профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Мария Николаевна Колесова; Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай ситим дириэктэрэ Анна Владимировна Иванова; “Дьүрүскэн” Горнай улууһун эдэр суруйааччыларын түмсүүтүн салайааччыта Вера Филипповна Новикова; Горнай улууһун «Сыккыс» литературнай түмсүү чилиэннэрэ; орто оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кылааһынньыктара; Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарастааҕы Орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын кэллэктиибэ; «АйАрт» айар дьону көҕүлүүр уопсастыба ыччаттара, Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэннэрэ уонна Суоттутааҕы литературнай сэминээргэ кыттыбыт ыччаттар.

Ираида Коркина-Чугдаара

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...