Марха өрүс бэҕэһээҥҥи, бүгүҥҥү, сарсыҥҥы туруга
Бүлүү эҥэр өрүс уута кирдээҕиттэн нэһилиэнньэ араак, соҕуо ыарыынан ыалдьара элбии турар диэн санаа уопсастыбаҕа киэҥник тарҕанар .
Уопсастыбаннай экологтар кэнники кэмҥэ судаарыстыба органнарын, кэтээн көрөр тэрилтэлэри кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Оннук тэрилтэнэн «Марха өрүс көмүскээччилэрин” Региональнай уопсастыбаннай экологическай тэрилтэтэ буолар.
Тылтан – дьыалаҕа
Любомир Николаевич Михайлов, СӨ Айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай экологическай Сүбэтин чилиэнэ, «Марха өрүс көмүскээччилэрин” Региональнай уопсастыбаннай экологическай тэрилтэтин салайааччыта:
- Биһиги Ньурба улууһун Марха, Маалыкай кусталарын нэһилиэктэрин олохтоохторун, Ньурба улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахтарбытын кытары 2018 сыллаахха, АЛРОСАлар Бүлүү өрүһү киртитиэхтэрин иннигэр, 2018 сыл муус устар ыйтан төрөөбүт дойдубутун көмүскүүргэ, тулалыыр эйгэни харыстыырга үлэлиэххэйиҥ диэн этии киллэриэхпиттэн, Марха өрүс көмүскээччилэрин Региональнай уопсастыбаннай экологическай тэрилтэ тэринэргэ сананан, Айылҕа харыстабылын, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэлэригэр уу ырааһын туһунан анаалыстары, Ньурба улууһун Марха өрүс тула олорор олохтоохтор доруобуйаларын туругун үөрэтэртэн саҕалаан, араас ыйытыктары ыыталаан, даннайдары барытын илиибитигэр туппуппут.
2019 сылга элбэх үлэ ыытылынна. Хаста даҕаны Ил Түмэҥҥэ парламентскай истиилэргэ кытынныбыт. Ол курдук, АЛРОСА Ньурбатааҕы ХБК Накыын бөһүөлэгэр Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ түөрт төгүл биһиги туруорсуубутунан бэрэбиэркэ ыыттылар, уу анаалыһын бэрэбиэркэлээтилэр. Уопсастыбанньык экологтар Ньурба оройуонун Айылҕа харыстабылын кэмитиэтин инспектордарын, АЛРОСА хампаанньа экологтарын кытары комбинаттан үөһэ турар үрүйэлэри, Марха өрүстэр ууларын бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Хомойуох иһин, Накыынтан аллараа баар үрүйэлэри, Марха өрүһү АЛРОСА тиэхиньикэнэн хааччыйбакка, кыайан бэрэбиэркэлэппэтэхтэрэ буолар. Маннык быһыы-майгы кистээн үрүйэлэри, Марха өрүһү киртитэ сытара сэрэйиллибитэ. Накыынтан аллараа үрүйэлэр, Марха өрүс уутун хаачыстыбата мөлтөҕө анаалыстарга көстүбүтэ. 2019 сыл сэтинньи 13 күнүгэр СӨ Айылҕа харыстабылын прокуратурата, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр Ньурбатааҕы ХБК Марха өрүһү киртитэллэрин иһин административнай дьыала 8.13 КоАП РФ ыстатыйатынан көбүтүллэн, кэтээн көрүү, бэрэбиэркэ бара турар.
Марха өрүс уута кирдээҕиттэн нэһилиэнньэ араак, соҕуо ыарыынан ыалдьара элбии турар. Ол иһин, 2018 сылтан Ньурба улууһун нэһилиэнньэтин ыраас уунан хааччыйалларын ситиһэр туһуттан, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар, СӨ Айылҕа харыстабылын Прокуратуратыгар, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр, Ньурба улууһун дьаһалтатыгар, оройуон дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр олохтоохтор илии баттааһыннаах суруктар бараннар, 2013 сылтан тоҥон турбут уу ыраастыыр станциялар Маалыкайга, Дьаархаҥҥа, Малдьаҕарга, Өҥөлдьөҕө үлэлэрин саҕалыылларын ситистибит. Хомойуох иһин, Чуукаарга ахсынньы ыйга улуус салайааччыларын кытары Ньурбаттан Ил Түмэн дьокутаата кыттыылаах аалай лиэнтэни быһан, олохтоохтору ыраас уунан хааччыйдыбыт диэн тылларын эппиттэрэ биэс ыйтан ордук бириэмэ ааста даҕаны, Чуукаар олохтоохторо биир да ыраастаммыт ууну күн бүгүнүгэр диэри испэккэ олороллорун кэпсииллэр. Хатыыга Марха өрүс дамбата кыайан оҥоһуллубакка, 30 биэрэстэлээх сиртэн маалыкайдар иһэр ууларын кыһыннары таһаллар. Салҕыы Кировка, Мархаҕа, Маарга уу ыраастыыр станцияларын 2013 сылтан олохтоохтор эрэнэ күүппүттэрэ 8-с сылыгар барда. 2019 сыллаахха Ньурба улууһун нэһилиэктэрин сыбаалкалара ыраастаммакка туралларын иһин уопсастыбаннай экологическай хонтуруол оҥоһуллан, Ньурбатааҕы Айылҕа харыстабылын инспектордара олохтоох дьаһалталары 200-тэн тахса тыһыынча суумаҕа ыстарааптаабыттара.
Үлэбит инники былааныгар Марха өрүс уутун анаалыһын атын сиргэ бэрэбиэркэлэтии, СӨ Айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай экологическай Сүбэтэ III кыбаарталга Ньурба улууһугар Накыыҥҥа Ньурбатааҕы ХБК уопсастыбаннай экологтар бэрэбиэркэ ыытыахтаахпыт. Айхалга Сохсолоох, Удачнайга Далдын өрүстэр туруктарын билсиэхпит. Эколог Иван Бурцев СӨ салалтатыгар этэр этиитин, туруорсуутун кытары биһиги уопсастыбаннай тэрилтэ өйүүрбүтүн биллэрэбит. Бу ядернай эһии саахалыттан 160 гектар сиргэ тиит тыа өлөн турарын харайар, дьаһайар уолдьаста. АЛРОСА хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы А.А. Дьячковскай итини СӨ Айылҕа харыстабыла билэр диэбитигэр, СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьевтан ыйыппыппар, АЛРОСАлар дьаһайыахтаахтар диэбитэ. Итинник мээчиктээн бүтүөххэ. Тылтан дьыалаҕа киирэр кэм кэллэ.
Радиационнай катастрофа статуһун биэриэххэ
Виссарион Егорович Николаев, Ньурба улууһа, Хатыҥ Сыһыы бөһүөлэгэ, «Марха өрүс көмүскээччилэрин” РОЭТ сүбэтин чилиэнэ:
- Марха өрүс 1960 сылтан полигоҥҥа кубулуйбута. Бастакы иэдээнинэн Байконуртан көтөн тахсар космическай хараабыл 2-с ступена өр сылларга «Марха» өрүс бассейныгар түһүүтэ буолар. Манна оттук быһыытынан олус кутталлаах дьайыылаах гептил туттуллубута. Бу араак ыарыытын көбүтэр. Ол курдук, ууһуур уоргаҥҥа, ийэ иһигэр сылдьар үөскэххэ дьайарынан кутталлаах. Космос 1402 аппаратуратыгар батарея быһыытынан сылдьыбыт (плутоний 239) аппарат Ньурба оройуонугар сууллубута. Бу космическай аппараттар сир кырыһыгар хас да тыһыынча км. диаметрдаах дьөлөҕөстөрү оҥороллор. Космос куйаара үрдүк радиациялааҕын бары билэбит. Биһиги галактикабытыгар 150 млрд кэриҥэ сулустар бааллар. Манна термоядернай реакция бара турар, ол иһин күүстээх радиация ыыталлар. Ол радиацияны сир кырыһа быыһыыр. Бу эйгэҕэ биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит ветврач Афанасий Тобонов кинигэ суруйан хаалларбыта уонна Москва куоракка бу кыһалҕаны туруорсубута. Ол саҕана экология боппуруоһугар күүскэ үлэлэспит дьонунан А.И. Тобонов, И.С. Бурцев, Н.Н. Николаев о.д.а. этилэр.
Марха өрүскэ иккис иэдээнинэн АЛРОСА хампаанньа фабрикалара Удачнайга, Айхалга, Накын алмааһын хостуур карьердара буолар. Айхалга баар Сохсолоох уонна Далдын өрүстэрэ Мархаҕа түһэн өрүһү киртитэ сыталлар. Кэлин «Майскай» алмаас хостуур сирэ эбилиннэ. Самыыр, сааскы хаар уута суурайан өрүскэ түһэрбэтин курдук оҥоһуллуохтаах. Туһаныллыбыт боруодалары харайыы (хвостохранилище) дамбалара сааскы халааны, ардаҕы тулуйар курдук саппаастаан оҥоһуллуохтаахтар.
Үһүс иэдээнинэн Марха өрүскэ 1974 сыл алтынньы 2 күнүгэр “Кристалл” уонна “Кратон 3”, 1978 сыл атырдьах ыйын 24 күнүгэр буолбут сир анныгар ядернай эһиилэр саахаллара буолбуттара. Бу эһиилэр 1992 сылга диэри аһаҕас сыппыттара. Кратон 3 эстии 14 сыл буолбутун кэннэ үөрэтии, бастакы көмүллүү үлэтэ барбыта. 2002 сыллаахха Санкт-Петербург куорат научнай-чинчийэр института оҥорбут бырайыагынан АЛРОСА АК бу сири дьөлбүт сирдэригэр рекультивация оҥорбута. Кэнники бэрэбиэркэ түмүгүнэн АЛРОСА АК бу институт оҥорбут бырайыагыттан туораабыт. 6 миэтэрэ дириҥҥэ үүттээн цеолит кутуллуохтааҕын, 1,5 миэтэрэни үүттээн куппуттар. Аны Кратон 3 сири дьөлбүт сирдэрин таһыгар 1,2 кв. км. иэннээх ойуур маһа өлөн турар. Бу ойуурга баһаар буолар түбэлтэтигэр, тыал хоту радионуклидтар тыһыынчанан км. сири сутуйуохтарын сөп. Онон бу ойуурга түргэнник рекультивация оҥотторуохха наада. Түмүкпэр этиэм этэ, Марха өрүс бассейныгар олорор нэһилиэнньэҕэ “Радиационнай катастрофа” статуһун биэриэххэ.
Эһии саахалыттан тиит тыа өлөн турар
Иван Семенович Бурцев, эколог, уопсастыбанньык, Дьокуускай куорат:
- Бүтүн аан дойдуга, Арассыыйаҕа, Сахабыт сиригэр суоһарыылаах дьаҥ (коронавирус) туран икки атаҕы иэдэппитин көрө олоробут. Киһиэхэ ити эрэ дьаҥ дьайыыта суоһаабат. Бииртэн биир көһүппэтэх өттүбүтүттэн иэдээн күөрэйэн тахса турар. Араас дьаҥ, радиация содула, онкология, ууга барыы, уокка умайыы о.д.а. суоһарыылаах дьайыылар дьону аймыыллар. Хомойуох иһин, итилэр содулларын суох оҥорорго кыах куруутун тиийэр буолбатаҕын, субу аан дойдуну саба сүүрбүт дьаҥ көрдөрдө. Баай, сайдыылаах дойдулар соһуйан, уолуйан хааланнар, үгүс сиэртибэҕэ тэбилиннилэр. Биһиги Сахабыт сирин үрдүкү салалтата, медиктэрэ кыах, күүс баарынан, уопсастыбаннаһы көмөҕө ыҥыран (волонтердар о.д.а.) утары тура сатыыллара хайҕаллаах.
Манан сибээстээн мин куорат биир кырдьаҕас олохтооҕун быһыытынан этии киллэрэбин.
Бастакыта. Атын дойдуларга, Арассыыйаҕа суһал дьаһал ылынаннар, баара-суоҕа нэдиэлэ иһигэр толору сэбилэммит эмтэнэр корпустары тутаттаатылар. Арассыыйа өттүттэн өрөспүүбүлүкэбитигэр кырата суох үбүнэн көмө оҥордулар да, соһуччу быһылааннарга туттуллар үгүс хайысхалаах эмтэнэр сир тутуллубат. Поликлиникаларбыт, балыыһаларбыт, коронавирус да суоҕар, ыарыһаҕынан туолбуттара ыраатта. Көрдөрүнэр уонна эмтэнэр сир өрүү тиийбэт. Ол иһин балаһыанньаттан тахсарга пиибэ, арыгы собуоттарын баараҕай тутууларын туһаныахха, обсерватордаах эмтэнэр сиргэ кубулутуохха диибин. Билигин үлэлии турар оҕо лааҕырдарын, профилакторийдары, Медицинэ киинин “киртиппэт” курдук дьаһаныахха. Бу дьаҥ хайдах эмэ үгүс сыранан бохсуллар да түгэнигэр, атын күөрэйэн соһутуо, өмүтүннэриэ. Саха сиригэр былыр уоспа, онтон да атын үгүс сыстыганнаах ыарыыттан өлбүт дьон көмүллүүлэрэ суураллан тахсан кэлиэхтэрин сөп. 5-6 сыллааҕыта арыгы, пиибэ баараҕай собуоттарын тохтотон, уларытан Онкология киинигэр туһаныахха диэн этии киллэрбитим, хаһыакка суруйбутум да, былаас уонна медиктэр өттүлэриттэн сэҥээрии суоҕа.
Иккиһинэн. Ньурба сиригэр “Кратон-3” диэн ядернай эһии саахалыттан 160 гектар сиргэ тиит тыа өлөн турар. Тустаах специалистар бу өлүктүйбүт сири ядернай тобох мунньуллан сытар сиринэн ааҕаллар. Олох сотору сайыҥҥы ойуур баһаардара туруохтара, онно бу сир түбэстэҕинэ биир иэдээн буолуо. Ойуур Департамена бу сири оһуобай хонтуруолга ылар эбээһинэһин толорбот, аахайбат. Сүһүрбүт тыа умайдаҕына, маска-окко, лабыктаҕа иҥэн сытар радионуклид күлү кытта Марха өрүскэ түһүө, буруону кытта ханна баҕарар тиийиэ. Бу туһунан санааларбын 1993 сыллаахха “Кристалл” уонна ”Кратон-3” саахаллаах ядернай эһиилэргэ экспедицияны илдьэ сылдьыахпыттан этэбин. Коронавирус кэлин тиһэҕэр элбэх сиэртибэнэн бохсуллар буоллаҕына, радиация дьайыыта кэмэ-кэрдиитэ суох. Ити туһунан элбэхтик сурулунна, этиилэр оҥоһуллаллар да, тустаах тэрилтэлэр суолта биэрбэттэр.