13.10.2023 | 14:00

Маннык элбэх мас тутуу баар буолуо диэн сабаҕалааһын да суоҕа...

Маннык элбэх мас тутуу баар буолуо диэн сабаҕалааһын да суоҕа...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Быйыл сайын Чернышевскай уулуссатыгар (урут Куорат баанньыга турбут учаастагар) Дьокуускай историческай суолталаах сиригэр-уотугар өтөрүнэн буолбатах киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна. Сотору кэминэн манна түөрт сулустаах «Космос» гостиница дьэндэйиэхтээх. Тутуу былдьаһан диэбиккэ дылы, археологтар түбүктээх уонна сыралаах үлэҕэ түһүммүттэрэ. Үс ыйдаах хаһыы балаҕан ыйын 30 күнүгэр түмүктэммитэ.

Бэнидиэнньиккэ буолан ааспыт пресс-конференцияҕа история уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыба Дьокуускай куораттааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Анатольевич Высоких: «Арассыыйа сокуонугар олоҕуран, куорат историческай суолталаах сиригэр тутуу үлэтэ саҕаланыан иннинэ археологическай хаһыылар ыытыллыахтаахтар.  Хомойуох иһин, ону тутааччы эрэ барыта өйдөөбөт. Дьиҥэр, куорат историятыгар дьоһун суолталааҕын уопсастыбаннаска тиэрдэ сатыыбыт», – диэн үлэ сүрүн соругун билиһиннэрдэ.

Сылдьыбыт сыыһы, көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар. Учуонайдар, чинчийээччилэр, куорат историятын сэҥээрээччилэр «ымсыыра» көрбүт сирдэригэр туох кистэнэ сыппытый? Эрдэ быһа түһэн эттэххэ, сабаҕалааһын, мөккүөрдээх түгэн да элбэх.

Елена Николаевна Соловьева, СӨ Арктикатааҕы научнай-чинчийэр киинин научнай үлэһитэ, научнай этэрээт салайааччыта:

– Чахчы, быйыл Дьокуускай куорат историческай суолталаах сиригэр-уотугар улахан уонна ыарахан үлэ ыытылынна. 811 кв. миэтэрэ иэннээх сир хабылынна. Тэҥнээһин быһыытынан холобурдаатахха, 2020 сыллаахха Ярославскай уулуссатыгар, Ил Түмэн дьиэтин утары, 270 кв.м иэннээх сири хаспыппыт, үлэ түөрт ый устата барбыта.

Бу сырыыга туох ыарахаттары көрүстүбүт диир буоллахха, хаһыы кэмигэр элбэх тутуу көстүбүтүн бэлиэтиэххэ сөп. Маннык элбэх мас тутуу баар буолуо диэн сабаҕалааһын да суоҕа. Аны туран, эрдэ суоттаммыппыт курдук, элбэх булумньу көстүбэтэ. Ол эрээри хас биирдиитэ интэриэһинэй, ураты, хатыламмат диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

Манньыат, солко бэрчээкки уонна... булуус

– Ампаар, эргэ дьиэ (кэлин хотон буолбут) сорҕото көһүннэ. Холобур, хотон анна (миэтэрэ аҥаара) бүтүннүү ынах сааҕа этэ. Ону барытын ыраастаабыппыт кэннэ урут умайбыт дьиэ тобоҕо буолара биллибитэ. Үс сиргэ чүмэчи буоската көстүбүтэ. Сэрэйдэххэ, онтон сылтаан баһаар саҕаламмыт буолуон сөп. Кэлин олорбут дьон өрөмүөннүү түһэн баран хаһаайыстыбаннай тутуу оҥостубуттар диэн түмүккэ кэлбиппит.

Дьон олорбут дьиэтэ, сабаҕалааһын быһыытынан, 19-с үйэ бүтүүтэ, 20-с үйэ саҕаланыыта турбут диэххэ сөп. Бу иннинээҕи дааннайдарга олоҕуран эттэххэ, дьиэ 20-с үйэ 30-с сылларынааҕы тутуу диэн этэ.

Биллиилээх историк, куорат архитектуратын чинчийээччи Пантелеймон Пантелеймонович Петров бу сэбиэскэй кэминээҕи дьиэ диэн санаалаах. Билиҥҥи туругунан биһиги ону кытта сөбүлэспэппит. Бастатан туран, 1898 сыллааҕы манньыат көстүбүтэ ол кэми чопчу кэрэһилиир матырыйаал буолла. Ону сэргэ кузнецовскай фарфор булуллубута эмиэ элбэҕи этэр.

Аны туран дириҥник хаһыы түмүгэр дьиэ аннынааҕы араҥаҕа биир ураты тутуу – булуус көһүннэ. Быһа холоон 100 кв. м иэннээх. Ити үрдэ эрэ сытар, сорҕото – өссө аллара буоллаҕа.

Дьокуускай куоракка археологическай хаһыылар балачча ыытыллаллар. Ол эрээри бу учаастакка биирдиилээн да буоллар дэҥҥэ көстөр сонун, ураты матырыйаал булулунна. Холобур, киин куорат сиригэр-уотугар аан бастакытын килиэймэлээх өстүөкүлэ бытыылка кырамталара көһүннэ. Сорохторугар оҥоһуллубут сыллара чуолкайдык ыйылла сылдьар. Ол быыһыгар дьахтар солко бэрчээккитэ баар. Аны табахтыырга аналлаах мастан, тимиртэн, туойтан хамсалар, оборчолор көһүннүлэр.

Маны сэргэ, нумизматическай матырыйаал балайда хомулунна. Ол курдук, 200-тэн тахса манньыат булулунна. Араас кэми кэрэһилииллэр – 18-с, 19-с үйэлэри, 20-с үйэ бастакы аҥаарын. Саамай былыргы манньыат 1745 сыллаах.

Елена Николаевна Екатерина II саҕанааҕы 5 кэппиэйкэни тутан туран: «Билиҥҥи харчыны дьэбин олус түргэнник сиир. Онно холоотоххо, былыргы алтан манньыаттар хайдах курдук үйэлээхтэрин көрүҥ».

Археологтар матырыйаалы барытын ыраастаан, хаартыскаҕа түһэрэн, нүөмэрдээн, сурукка тиһэн кичэллээхтик мунньубуттар. Елена Николаевна тугу булбуттарын биирдии-биирдии ылан көрдөрдө.

Муостан оҥоһуллубут оҕо эмсэҕэ, мас иһит-хомуос дэлэй. Оонньуур элбэҕэ сөхтөрдө: домино, мас ынахтар, дуобат курдук остуол оонньуута, фишкалар. Оттон фарфор куукулалар манна баай ыал олорбутун туоһулууллар. 

Киэргэл эгэлгэтиттэн биһилэх, хоруоҥка тимэх, бэлэнньик (запонка) ордук интэриэһиргэппит. Биллэн турар, оччотооҕу кэмҥэ сиэдэрэй көстүү. Бирээскэ эмиэ баар.

Саха төрүт култууратын, өбүгэ дьарыгын көрдөрөр мал-сал үгүс: хомус, илим, илими өрөр иннэ, балыктыырга аналлаах дьаакыр, о.д.а.   

Булумньулар матырыйааллара – мас, тимир, сэлии муоһа, туос, ону сэргэ дэҥҥэ көстөр сүлүүдэ, перламутр.

Кимнээх олорбуттара буолуой?

– Барыллаан сабаҕалааһын быһыытынан эттэххэ, бу атыыһыт Михаил Гаврильевич Васильев дьиэтэ буолуон сөп. Бу иннинэ манна урут олоро сылдьыбыт, Дьокуускай куорат төрүт олохтооҕо Екатерина Адзимованы кытта кэпсэтэ сылдьыбыппыт. Төрөппүттэрэ атыыһыт дьиэтигэр олоробут диэн куруук этэллэр эбит. Дьиктитэ диэн, дьиэ икки этээстээҕэ үһү. Ити оччотооҕу куорат архитектуратыгар сэдэхтик көстөр түбэлтэ. Икки киирэр ааннаах эбит.     Екатерина кэпсээбитинэн, эдьиийдэрэ да ахталларынан, дьиэ икки оһохтооҕо. Үөһээ этээс хосторо, бастакы этээс киэннэригэр холоотоххо, быдан киэҥнэрэ, үрдүктэрэ.

Биир кэмҥэ бу дьиэҕэ муосчут олорбут буолуон сөп, мастарыскыайдаах эбит диэн сабаҕалаатыбыт. Ол курдук, сэлии муоһуттан араас оҥоһуктар (сороҕо ситэтэ суох эбэтэр аҥаардара хаалбыт), соҕотуопкалар көһүннүлэр: тараах, кырыбыайка.  Бука сэрэйдэххэ, маастар үөрэнээччилэрдээх, көмөлөһөөччүлэрдээх эбит быһыылаах, ону токур, кыҥнары быһыллыбыт оҥоһуктар туоһулууллар.

Кэлин хаһаайыннара көстүөн сөптөөх үс предмет булулунна: Т.Б. диэн бэлиэлээх (баҕар, аатын, араспаанньатын бастакы буукубалара буолуон сөп – Аапт.) дьахтар биһилэҕэ; сланецтан оҥоһуллубут бэчээт; бэлиэлээх килиэймэ (учуонай этэринэн, кирпииччэни бэлиэтииргэ аналлаах буолуон сөп). Бу үс предмет барыта инициаллаах, онон, архыып матырыйаалларын хаһыстахха, хаһаайыннара биллиэхтэрин сөп.

Интэриэһинэй көстүү

Дьокуускай куоракка оччоттон баччааҥҥа диэри сытыы кыһалҕа – ардах уута. Елена Николаевна кэпсээбитинэн,  ардах уута түһэр икки канализация көстүбүт. Сабаҕалааһын быһыытынан эттэххэ, биирэ эрдэтээҥҥи, иккиһэ арыый хойукку буолуон сөп. Бэрт бөҕө-таҕа оҥоһуулаахтара археологтары сөхтөрбүт. Ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаммыт үһү. Елена Николаевна этэринэн, маннык интэриэһинэй уонна  «минньигэс» түгэн элбэх буолан биэрбит. Ол курдук, киһи сэргиэх айылаах архитектура сонун көстүүлэрэ, маһы чочуйан оҥоруу ураты технологиялара үгүстүк бэлиэтэммит.

Матырыйаалы атыннык ылыныаххын сөп

– Салгыы «камеральнай» үлэ ыытыллыаҕа. Ол эбэтэр тугу булбуппутун быһаарар, чопчулуур, чуолкайдыыр түһүмэх. Билиҥҥи туругунан барыллаан эрэ этиэхпитин, баҕар, бу кэннэ араас көннөрүү киириэн сөп. Манна даҕатан эттэххэ, хас биирдии чинчийэр үлэ былаһын тухары итинник түгэн син биир баар буолар. Тоҕо диэтэххэ лабораторияҕа уонна учаастакка үлэлиир чыҥха атын. Лабораторияҕа көстүбүт матырыйаалы атыннык ылыныаххын, эрдэ өйдөөбөтөххүн, болҕомтоҕо уурбатаххын да таба көрүөххүн, саҥаны булуоххун, арыйыаххын сөп. Биллэн турар, предметтэр ханнык кэмҥэ сыһыаннаахтарын быһаарарга научнай ньымалары туһаныахпыт. Маны сэргэ, матырыйааллары дендрохронологическай анаалыска, экспертизаҕа ылан ыытыахпыт.   «Археологтар – урукку кэм детективтэрэ» дииллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Онон биһигини өссө интэриэһинэй түһүмэх күүтэр, – диэтэ Елена Соловьева.

Үлэ эһиил эмиэ салҕаныан наада...

Андрей Высоких этэринэн, бачча улахан үлэ ыытыллыбытын кэннэ хаһыы түмүктэннэ диэн баран күн сарсын тутааччылар тоҕо анньан кэлэллэрэ, сыбаайа түһэрэн бараллара хомолтолоох курдук.  Археология киинэ эһиил үлэ салҕанарын көҕүлүүр, науканан бигэргэнэр олохтоох этиини таһаарыахтаах. Ол, биллэн турар, сакаасчыт сөбүлэһэриттэн тутулуктаах. Холобур, булуус анныгар туох сытара – таабырын. Ол хайаан да арыллыан наада. Билигин туһата суох, иһэ барыта муус. Елена Николаевна этэринэн, саас хаһар ордук буолуо этэ. 

«Кэнники кэмҥэ Тобольскай, Енисейскэй, Красноярскай, Братскай курдук Сибиир куораттарын историческай суолталаах сирдэригэр археологическай хаһыылар киэҥник ыытыллаллар. Биһиги арыый да хойутаан, хаалан иһэбит диэххэ сөп. Дьиҥэр, Дьокуускай куорат туһунан суругунан матырыйаал балайда элбэх, ону билэбит. Ол эрээри ол кэмҥэ олохтоохтор ханнык иһити, малы-салы туттан, хайдах киэргэнэн-симэнэн, муҥур уһугар тугу аһаан-таҥнан олорбуттарын ким чопчу этиэй? Археологическай хаһыылар эрэ көрдөрөр, кэпсиир кыахтаахтар диэн этиэхпин баҕарабын.

Дьиҥэр, Дьокуускай куорат киин өттө барыта да култуура нэһилиэстибэтин эбийиэгинэн билиниллиэхтээх диэн мэлдьи этэ, туруорса сатыыбыт. Кэмигэр оҥоһуллубута буоллар итинник быһыы-майгы тахсыа суоҕа этэ. 2008 сыллаахха тахсыбыт уураахха киирбит да, юридическай өттүнэн мөккүөрдээх, туга эрэ кыаллыбат», – диэн санаатын үллэһиннэ учуонай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...