16.04.2020 | 14:54

Манчаары миэбэл оҥорор

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өссө уонча сыллааҕыта „урбаанньыт“ диэн тылы иһиттэхпитинэ, бастатан туран атыыһыттары харахпытыгар оҥорон көрөр буоллахпытына, билигин оҥорон таһаарыыны ааттыыр буоллубут. Манчаары Колодезников муна-тэнэ, олохторун суолун тобула сатыы сылдьар дьоҥҥо холобур буолар ыччат.

20 ТЫҺЫЫНЧА ХАМНАС

Мин Үөһээ Бүлүү Нам нэһилиэгиттэн сылдьабын. 2016 с. тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрбитим, онтон М.К. Аммосов аатынан университет үп-экономическэй институтун бүтэрбитим.

Устудьуоннуур эрдэхпиттэн тутар этэрээттэргэ биир өрөбүлэ суох үлэлээн тахсарым, икки сылы субуруччу Мэҥэ Хаҥалас Бэстээҕэр тимир суолга үлэлээммин, кыра харчы аахсыбытым.

2016 с. этэҥҥэ үөрэхпин бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэммитим. Идэбинэн үлэ көрдүү сатаабытым да, хомойуох иһин, “миэстэ суох”, “уопуттаах эрэ дьону ылабыт” диэнтэн атыны истибэтэҕим. Чэ, син эдэрбин, тугу эрэ булан үлэлиир инибин диэн санаалаах сылдьан, тутуу биригээдэтигэр киирэн үлэлии сылдьар бырааппар ымсыырбытым. Онтон киһим миигин, «мас дьиэ кырааската баар” диэн, үлэҕэ ыҥыттаран ылбыта. Икки этээстээх дьиэни түүннэри-күнүстэри 4 күн иһигэр кырааскалаан бүтэрэммин, 20 тыһыынча харчыны илиибэр туппутум. Аҕыйах күн иһигэр өлөрбүт 20 тыһыынчам элбэххэ кынаттаабыта, харахтарбын уоттаабыта. Биригэдьиирим да хайҕаан, сыаналаан, устунан үлэҕэ ылбыта. Ол сайын икки улахан дьиэ тутуугар үлэлээтим.

САНААҔА ЫЛЛАРДЫМ

Күһүн буолла... Халлааммыт лаппа тымныйда, онон үлэлээн бүтэрбит чугаһаата. Хантан харчыланабын? Хайдах киһи буолабын? Бу курдук ыйытыылар куулгаахпар сотору-сотору иһиллэн бардылар. Төбөбөр араас санаа барыта охсуллар. Харчы таас дьиэҕэ сытар быһыылаах диэн баран, таас дьиэ тутуутугар ылсарга сананным. Киин куоракка Лермонтов уул., 102 аадырыска дьиэ тутулла турарын көрөммүн, үлэ көрдөһөөччү буоллум.

Тиийбитим, барыта кэлии омуктар үлэлии сылдьаллар, биир да саха сирэйдээҕи буолуохтааҕар,  нууччаны да харахтаан көрбөтүм. Инньэ гынан, кэлии киһиттэн олохтоох киһи үлэ көрдөһөрө соччото суох диэн, бэйэм туһунан тэрилтэ арынарга сананным.

ЭДЭР ДЬОНУ  ҮЛЭҔЭ ЫЛЛЫМ

Элбэх табаарыстаах, доҕоттордоох буоламмын, күннэри-түүннэри элбэҕи ырыттыбыт, ыйыталастыбыт, үөрэттибит. Бастатан туран ДСК дириэктэрэ Игорь Гаврилкины көрсөн, балкон утеплениетын кэпсэттибит. Сакаас тохтоло суох киирэр. Эрдэ элбэх балкону итинник оҥорбут буолан, балайда уопуттаахпын. Аны туран, нэһилиэнньэ улахан аҥаара сахалар. Сахалар сахалары эрэ сэҥээрэллэр. Кэлии омук дьоно үлэни үрдүнэн-аннынан, буоллун-хааллын диэн оҥороллоруттан бары да сылайбыппыт быһыылаах. Чэ. Ити курдук тутууга быыстала суох үлэлээтибит.

“ТААТТА” БАНК

Биир  сарсыарда инстаграмар сонуннары көрө сыттым. Арай лиэнтэбэр “Таатта» баан умайда!” диэн сонун таҕыста. Ороммор олоро биэрдим, баспыттан атахпар диэри тымныы уунан ыһыллыбыт курдук буоллум. Үлэлээн сордоммут харчыбыт барыта умайда! Тутуубут үлэтэ хайдах да салҕыы барар кыаҕа суох. Бэйэҥ харчыта суох хаалбытыҥ да иһин, үлэһиттэргин хамнастыахтааххын. ДСК тэрилтэни кытта үлэлэһэн бүттүбүт, хантараак барыта тохтоото. Бириэмэ ааспытын кэннэ, миэбэл оҥорорго сананным.

ДЬИЭ ӨРӨМҮӨНЭ

Икки сыл таас дьиэлэр өрөмүөннэринэн дьарыктанныбыт, өрөмүөн оҥорбут кыбартыыраларбыт бары миэбэл оҥорор тэрилтэлэри көрдүүллэр. Билигин тутуллар дьиэлэргэ маҕаһыын миэбэлэ сөп түбэспэт. Онон сакааһынан миэбэл оҥорон киирэн бардыбыт. Үлэспит дьоммут сөҕүү-махтайыы, хайҕааһын бөҕө. Дьэ, маннык буоллаҕына, миэбэли кытта үлэлэһиэх баара диэн буолла. Түгэнинэн туһанан, дойдум Үөһээ Бүлүү дьонугар махталбын тиэрдэбин. Кинилэр аан бастаан саҕалыырбар босхо офис биэрэн, үлэбит таһаарыылаахтык саҕаламмыта.

“БИЗНЕС» ДИЭН ТУГУЙ?

Бизнес диэн дьоҥҥо туһалаах дьарык, ол түмүгэр эйиэхэ барыс киириэхтээх. Барыһа суох, куруук ороскуокка үлэлиир буоллаххына, бизнес дэммэт. Бизнесмен бэйэтин дьарыгын ис сүрэҕиттэн кыһаллан, сөбүлээн оҥорор буоллаҕына, табаара син биир ырыынакка барар. Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт коронавирус орто бизнэскэ улахан охсууну оҥорон эрэр. Моһоллору аҕалбата буоллар диэн баҕалаахпын. Уопсайынан, салайааччы ханнык баҕарар балаһыанньаҕа түгэҕин көрүөхтээх диэни дьэ биллим. Миэбэл оҥоруута хамсаабат баайы кытта ыкса ситимнээх, онон эстиэ суоҕа дии саныыбын.

ҮС КУТ

Билиҥҥи туругунан, тэрилтэбэр 14 үлэһиттээхпин, барыларын элбэх дьонтон сүүмэрдээн ылбытым, уулуссаттан ылбаппыт. Үлэһиттэрим үксүлэрэ ыаллар, хамнастара ый аайы бэриллэр, кыаҕым тиийэринэн өйүүбүн.

Тэрилтэбит аата «Үс кут” диэн. Сахалар, ханна да буолларбыт, өрүү үс куппут арыаллыы, арчылыы сылдьар. Биир бэйэм саха буолан күн сирин көрбүппүнэн киэн туттабын, омугум кэскилин туһугар санаабын уурабын. Бу санаам өрүү миигин инники угуйар.

КРИЗИС... КРИЗИС... КРИЗИС

Кризискэ ыллара иликпит, ылларар санаабыт да суох. Атынтан атын хайысханы уонна, олохпут хайдах уларыйар да,  ол онно олорсон иһиэхпит диэн бигэ эрэллээхпит.

ХАРЧЫ ЭРГИЙИЭХТЭЭХ

Ханнык баҕарар бизнескэ харчы ууруллан сытыа суохтаах, үлэлиэхтээх, куруук эргийэ сылдьыахтаах. Миэбэлбитин биһиги ис дууһабытыттан оҥорор буоламмыт, харчытыгар улаханнык наадыйбаппыт, сүрүнэ – дьоҥҥо хаачыстыбаннай өҥөнү оҥоруу. Мин санаабар, хас биирдии урбаанньыкка килийиэн хайҕала, махтала бастакы миэстэҕэ турар.

БИЗНЕСКЭ КИМ БАҔАРАР ЫЛСЫАН СӨП ДУО?

Мин санаабар, ким баҕарар ылсан үлэлиэн сөп. Холобура, миэбэл бизнеһэ хаачыстыбаны уонна түргэни ирдиир. Күн аайы элбэх тэрилтэ арыллар уонна ол курдук элбэх тэрилтэ сабыллар. Билиҥҥи үйэҕэ сүрүн быһаарар оруол интэриниэккэ уурулунна. Хас биирдии киһи смартфоннаах, онон, өскөтүн эн үлэҥ мөлтөх буоллаҕына, репутацияҕын түһэрэҕин уонна сабыллаҕын. Куорат кыра, бэйэ-бэйэбитин бэркэ диэн билсэбит, тэрилтэҥ аатын да уларытан, эн өҥөҕүнэн дьон туһаныа суоҕа.

АҺЫМАЛ ААХСЫЙАЛАР

Дойдубут самоизоляцияҕа олорбута балай да ыраатта. COVID-19 эпидемиятын бары бииргэ эрэ буоллахпытына кыайыахпыт диэн санааттан биһиги, «YС КУТ” тэрилтэ, аҕам саастаах дьоҥҥо мааска тигэн саҕалаатыбыт. Мааскаларбытын муус устар ый устата тигиэхпит уонна босхо түҥэтиэхпит.

САҤАНЫ САҔАЛЫЫРТАН КУТТАНЫМАҤ!

Манчаарылыын кэпсэтэ олорон, аатыгар олус барсар үлэни тобулбут диэн көрдүм. Сыллата үрдүк мэндиэмэннээх дьиэ бөҕөтө тутуллар, онно барытыгар миэбэл наада. Манчаары нэһилиэнньэҕэ туһалаах дьарыгын киһи хайҕыан эрэ сөп. Эдэр урбаанньыт бэйэ дьыалатын арыныан баҕалаах дьоҥҥо маннык сүбэлиир:

  • Бизнескэ киирэртэн куттанымаҥ. Саамай сүрүнэ – харса суох буолуу, барытыгар түсүһэн иһиҥ, иннигитин куоттарымаҥ. Ханнык баҕарар дьыала  улахан сыраттан-сылбаттан тахсарын өйдөөҥ. Биһиэхэ, Саха сиригэр хаачыстыбаллаахтык оҥорон таһаарыы олус аҕыйах. Дьиҥэ, сирбит баай, тугу эмит айан таһаарыахха сөп этэ.

Бэйэ дьыалатын тэринэн баран, хас биирдии хардыыны суоттанан, ааҕынан сырыттахха, саҕалаабыт дьыала ситиһиилэниэн сөп. Миэхэ экономист идэм туһалаата диэхпин сөп. Ханнык да ыарахан түгэҥҥэ саҥа суолу тобулан иһиҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...