Максим Орешкин куорат үс кыбаарталын тупсарыыны көрдө
Дойду бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин бэҕэһээ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаевы кытта куорат 17-с кыбаарталын тупсарыыны көрдөрдүлэр.
Биллэрин курдук, куорат маастар-былаанын быһыытынан, манна 2-с, 4-с уонна 17-с кыбаарталлары хабар саҥа «Спортивнай» дьоҕус оройуон тутуллаары турар. Саҥа оройуону тутуу былаанын үрдүк сололоох ыалдьыкка куорат баһылыга Евгений Григорьев билиһиннэрдэ.
«Нэһилиэнньэни хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын салҕааһын биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус суолталаах. Инники сылларга бу бырагырааманы олоххо киллэрии иитинэн сүҥкэн үлэни ыытаммыт, бастыҥ регионнар кэккэлэригэр киирдибит. Дьокуускай куоракка 2023 сыл бүтүөр диэри 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбаҕынан билиниллибит дьиэлэр олохтоохторо бары саҥа дьиэҕэ көһүөхтээхтэр. 2017 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн өссө 2 479 элбэх кыбартыыралаах дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллибитэ, ол иһигэр Дьокуускай куоракка - 855. Онон бу бырагыраама салгыы үлэлииригэр биһиги улахан интэриэстээхпит, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга бары күүһү уурарга бэлэммит», - диэтэ Айсен Николаев.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2-с, 4-с, 17-с кыбаарталлар олохтоохторун саҥа дьиэлэргэ көһөрүү 2030 сылга диэри 5 түһүмэҕинэн ыытыллар. Барыта 161 элбэх кыбартыыралаах дьиэни көтүрэр уонна олохтоохтору саҥа кыбартыыранан хааччыйар сорук турар. Оттон көтүрүллүбүт эргэ дьиэлэр оннуларыгар уопсайа 327,7 тыһ. кв. м иэннээх 46 саҥа дьиэ, 240 уонна 315 миэстэлээх икки оҕо уһуйаана, 550-нуу миэстэлээх икки оскуола, спорт комплекса тутуллуохтаахтар. 17,5 тыһыынча куорат олохтооҕо саҥа дьиэҕэ көһүөҕэ, 2025 сылга диэри 11 дьиэ былааҥҥа турарыттан 9 дьиэ олохтоохторо номнуо саҥа кыбартыыра хаһаайына буолан олороллор.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бу үс кыбаарталы тутуу территориялары биир кэлимник сайыннарыыга уонна анал казначейскай кирэдьиити туһаныыга эксперимент курдук ыытыллар.
Максим Орешкин киин куоракка 17-с кыбаарталы сэргэ «Кырдьаҕас куорат» историко-архитектурнай комплексы, Жатайдааҕы судоверфь территориятын, «Якутия» ТОР, «Суперкампуһу», «Саюри» тэпилииссэ хаһаайыстыбатын, 68-с кыбаарталы, «Звезднай» дьоҕус оройуону уонна Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуллуохтаах сирин көрдө. Уһук Илин киин куораттарын тупсарыы бырагыраамата 2021 сылга буолан ааспыт Илиҥҥи экономическай форумтан саҕыллыбыта, диэн иһитиннэрэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.