05.10.2023 | 12:00

Махтал эйиэхэ, Учуутал!

Учуутал күнүгэр аналлаах нүөмэрбитигэр “Киин куорат” хаһыат истиҥ доҕотторо оҕо саастарын, оскуолатааҕы, устудьуон сылларын ахтан-санаан аастылар, таптыыр, убаастыыр учууталларыгар эйэҕэс эҕэрдэлэрин, дириҥ махталларын тиэртилэр.
Махтал эйиэхэ, Учуутал!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Киниэхэ үөрэммитим – мин дьолум

Елизавета Васильева, суруналыыс:

Мин Уус Алдан улууһун Курбуһах орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Онно 5-тэн 11-с кылааска диэри историяҕа Галина Дмитриевна Бурнашева үөрэппитэ. Галина Дмитриевна – олус киэҥ билиилээх учуутал. История мин саамай таптыыр, умсугуйар предметим буолбута. Итинтэн сиэттэрэн оскуоланы бүтэрэрбэр ХИФУ-га история факультетыгар туттарсыбытым, ол эрэн дьылҕам миигин филологическай факультекка аҕалбыта. Ол да буоллар быйыл ыра санаабын толорон, историческайга «Политология» салаатыгар туттарсан киирэн, номнуо үөрэнэ сылдьабын. Ити барыта – учууталым Галина Дмитриевна сирдээбит суола.

Кини кими да хаһан да күһэйэн туран үөрэппэт этэ. Ким дьиҥ интэриэстээх истэрэ, сорудаҕы толороро. «Поле чудес» курдук дуоскаҕа тахсан викторинаҕа кыттарбыт, ону мин олус күүтэрим. Учууталым аан дойду, өрөспүүбүлүкэ сонуннарын хаһан да көтүппэт, барытын билэр, ону оҕолору кытта ырытар этэ. Элбэх кинигэни ааҕара, киинэни көрөрө. Галина Дмитриевнаҕа үөрэммитим – мин дьолум. Оскуоланы бүтэрэрбэр учууталым «Историяны умсугуйааччы» диэн анал истипиэндьийэни туттарбыта.

Ону тэҥэ ХИФУ-га нуучча тылын салаатыгар Галина Трофимовна Андреева диэн профессорга үөрэммитим. Кини XIX үйэтээҕи нуучча литературатын үрдүк таһымнаахтык, уһулуччутук да диэххэ сөп, кэпсиир этэ. Хомойуох иһин, Галина Трофимовна билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Кини мин саамай өйдөөн хаалбыт, астыммыт, таптаабыт, дириҥник убаастаабыт преподавателим буолар. Галина Трофимовна МГУ курдук үөрэх кыһатын бүтэрбит филологическай наука доктора, университет үрдүнэн биир тарбахха баттанар бастыҥ профессор этэ.

Ийэм кэриэтэ күндү киһим

Тамара Попова-Хадаана, СӨ үтүөлээх артыыһа:

Мин 1973 сыллаахха Сунтаар оройуонун Хадан аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Ол дьыл төрөппүт ийэм суох буолбута. Ол иһин оскуолаҕа киирбит күммүн наһаа күндүтүк өйдөөн хаалбатахпын.

Учууталбыт Люция Николаевна Прокопьева наһаа сырдык, оҕолорго үчүгэй сыһыаннаах, бу санаатахха, элбэх уопуттаах, дьиҥнээх “Учууталлар учууталлара”. Биһигини кытта маҥнайгы кылааска кини төрөппүт кыыһа Эльвира эмиэ киирбитэ. Мин наһаа кыһаллан үөрэнэ сатыырбын өйдүүбүн. Ийэбин сүтэрбит буолан дуу, хайдах дуу, кинини күн аайы көрөрбүттэн олус үөрэрим. Киниэхэ уонна түөһүгэр сыстыахпын баҕарар этим. Эльвира ийэтэ учуутал, эбиитин аттыгар баарыттан бэйэм ийэбин ахтан-суохтаан, санаарҕаан ыларым. Учууталым мин ийэм буолуон баҕарар этим.  Мин ийэм билигин киирэн кэлиэ дии саныырым. Оттон Люция Николаевна Эльвираҕа, төрөппүт кыыһыгар ийэлии сыһыаннаспат этэ, өссө кытаанах курдук буолааччы. Элбэхтик сэмэлиирэ.  Мин Люция Николаевнаҕа үөрэммитим тухары биирдэ да мөҕүллүбэтэҕим. Дьиҥэр, син биир элбэҕи билбэтим, мэниктиирим да буолуо ээ. Аны кыра “атамаан” соҕус этим. Ону сэмэлиирин олох өйдөөбөппүн. Хата, уруокка мин тэтэрээппин ылан холобур оҥостор этэ. Бу маннык ыраас, үчүгэй буочардаах буолуохтааххыт диэн. Билигин санаатахпына, тулаайах хаалбыт оҕо диэн аһынан, ийэлии үчүгэйдик сыһыаннаспыт буолуохтаах. Ол иһин  учууталым мин ийэм буолуон баҕарар эбиппин.

Иккис дуу, үһүс дуу кылааска тахсарбытыгар маҥнайгы телевизор баар буолбута. Бөһүөлэк үрдүнэн кинилэргэ, учууталбыт аахха соҕотох телевизор. Онно бары кылааһынан баран көрөрбүтүн өйдүүбүн. Көрүү-истии бөҕөтө буолбуппут. Эчи, интэриэһинэйин. Өстүөкүлэ нөҥүө дьон хамсыыра, саҥарара. Эчи, барыбытын дьиэлэригэр батараллар да эбит. Ол саҕана кылаас аайы элбэх оҕо үөрэнэр этэ, сүүрбэлии оҕо. Дьиэлэрэ эмиэ бөһүөлэкпит  үрдүнэн уп- улахан курдук этэ, түннүктэрэ улаханын!

Кэм-кэрдии аастаҕын ахсын учууталбын истиҥник саныыбын. Миэхэ ийэм кэриэтэ киһим. Биһиги үһүс кылааһы бүтэрэрбитигэр Хадантан көһөн барбыттара. Кэлин, сааһыран баран көрсүбүтүм, кууһан ылан, кэпсэтэн ааспытым. Хомойуох иһин, ааспыт сыл дуу, икки сыллааҕыта дуу, олохтон туораабыт диэбиттэрэ. Күн тэҥэ учууталбын, күндү учууталбын наһаа истиҥник саныыбын.

Өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах

Санаайа Баай, ырыаһыт:

Роман Романович Саввин Чурапчы улууһун  С. А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар музыка учуутала этэ. Кини миигин музыка кэрэ эйгэтигэр аан бастакынан уһуйбут киһим буолар. Ырыаҕа олук уурбут уһуйааччым. Төһө даҕаны сыл-хонук аастар, учууталым  мин өйбөр, сүрэхпэр өрүү баар. Хомойуох иһин, кини билигин биһиги кэккэбитигэр суох.

Кыра эрдэхпиттэн улахан кылаастарга тахсыахпар диэри «Күөрэгэй» диэн ансаамбыллаах этибит. «Хотугу сулус» оҕо телевизионнай куонкуруһуттан саҕалаан, гостуруол бөҕөтүгэр сылдьарбыт, өрөспүүбүлүкэни уонна улууһу барытын кэрийээччибит. Саамай ырааппыт сирбит Болгария эбит. Онно ырыа күрэҕэр тиийэммит иккис истиэпэннээх дипломант буолан кэлбиппит. Билигин санаатахха, наһаа үчүгэй кэмнэр ааспыттар. Муһуннахпыт ахсын билигин күн бэҕэһээ буолбутун курдук ахтабыт, саныыбыт. Учууталбытын таптаан “Ромашка” диэн ааттааччыбыт, атаахтаан аҕай биэрэр этибит... Төрөппүт аҕабыт курдук сыһыаннаһара, биһигини наһаа да таптыыра, оҕолорун курдук көрөрө-истэрэ. 

Кини куруук уп-уһун плащ сонноох буолара, баттаҕын өрө тарааммыт, ачыкылаах, орто саастаах киһи мөссүөнэ мин өйбөр букатыннаахтык хатанан хаалбыт.

Роман Романович элбэх оҕону үөрэппитэ. Кини иитэн таһаарбыт оҕолоро билигин култуура, ырыа эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар, олор истэригэр – мин.

Оҕо сааһым сырдык өйдөбүлэ

Күннэй Иванова-Йэн Сур, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, талааннаах худуоһунньук:

Оскуолаҕа үөрэммит сылларбын бу диэн наһаа өйдөөбөт эбиппин. Ол эрэн сылаас, истиҥ кэмнэр курдук хатанан хаалбыттар. Үһүс кылаас кэннэ Оҕо искусствотын оскуолатыгар уруһуй кылааһыгар куруук ыксыы-ыксыы тиэтэйэрбин, хойукка диэри үөрэнэрбин уонна уруһуйдуурбун өйдүүбүн. Кыра кылаастарга уруһуй күрэҕэр мэлдьи кыттар эттим, ону билигин дипломнарым туоһулууллар. Бу хаартыскаҕа уруһуй учуутала Анастасия Михайловна Константинованы кытта турабын.

Күндү учууталлар! Эһигини бука барыгытын бырааһынньыккытынан ис сүрэхтэн долгуйан туран эҕэрдэлиибин! Үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, үгүс үөрүүнү, дьолу баҕарабын!

Литератураҕа тапталы иҥэрбитэ

Сюзанна Кондакова, эдэр суруйааччы:

Мин Кэбээйи улууһун Тыайа орто оскуолатыгар үөрэммитим. Биһиги  үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпытына саҥа оскуолаҕа көспүт буоламмыт оскуолабыт ыраас, киэҥ, ыраас, сырдык этэ. Оҕо сааспыттан сахалыы иитиилээх, боростуой тыа ыалыгар төрөөбүт буоламмын, саха тылыгар умсугуйан үөрэммитим.

Литератураҕа тапталы миэхэ Саргылана Афанасьевна Старостина иҥэрбитэ. Кинигэ туһунан өйтөн суруйууга миигин хайҕаан, үлэбин оҕолорго ааҕан иһитиннэрбитэ. Онтон да буолуо, өссө хайҕанаары кыһаллар этим. “Төлкө”, “Сааскы кэм”, “Тулаайах оҕо” романнары бэһис кылаастан аахпытым. Үөрэтиэхпит иннинэ аахпыт, төбөбөр оҥоро сылдьыбыт, ырытан көрбүт буоламмын өйтөн суруйууларга өрүү хайҕанарым. Кэлин нуучча оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Онно да сылдьан эксээмэннэрбэр сөбүлүүр суруйааччыҥ диэн тиэмэҕэ саха литературатын классиктарын суруйар этим. Кэлин ХИФУ саха салаатын бүтэрбитим, төһө да атын эйгэҕэ үлэлээтэрбин, бу идэм миэхэ билигин бэйэм талаһар, умсугуйар эйгэбэр туһалыыра элбэх.

Биһиги кылаастан түөрт оҕо саха салаатын талан үөрэммитин билигин сөҕө-махтайа саныыбын. Дириҥ билиилээх учуутал үөрэппит буолан, бу идэҕэ туруулаһан үөрэммиппит.

Күндү учууталым Саргылана Афанасьевнаны уонна өрөспүүбүлүкэ араас муннугар олорор, үлэлиир учууталлары барыгытын идэлээх күҥҥүтүнэн уонна быйылгы Учуутал уонна уһуйааччы сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Кэрэҕэ сирдиир, олоххо ыйар сырдыккыт кэлин эһиэхэ сырдык сулус буолан сандаардын, чэгиэн туругу, тулууру, бары кэрэни баҕарабын.

Ситиһиигэ сирдээбитэ

Ньургуйаана Сыроватская-Нюргуша, ыытааччы:

Миигин ахсаан уруогар Елена Ильинична Попова үөрэппитэ. Кини олус ирдэбиллээх, кытаанах, дьиэтээҕи үлэни барытын тиһэҕэр тиэрдэн аахтарар этэ. Учууталбыт бэһис кылаастан оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри математика уруогун биэрбитэ. Кини суолунан оскуолаҕа уон сыл кэриҥэ математика учууталынан үлэлээбитим. Ситиһиим диэн “Арассыыйа бастыҥ учууталларын” кэккэлэригэр  киирэммин, Бэрэсидьиэн граныгар тиксибитим. Бу ситиһиибэр учууталбар махталым муҥура суох.

Елена Ильиничнаҕа баҕарыам этэ доруобуйаны, кини билигин сынньалаҥҥа олорор бочуоттаах учуутал буолар. Куруук махтанабын, истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....