Мадам Матрена, Атыыһыт Биэкэ...
Муус устар 15 күнүгэр Уус Алдан улууһун Байаҕантай уонна II-с Байаҕантай нэһилиэктэригэр «Саха интеллигенцията үйэлэр кирбиилэригэр» Тандатааҕы историко-архитектурнай музейга 19-20 үйэлэргэ олорон ааспыт Байаҕантай кулубата Пантелеймон Готовцев-Бааса Атыыһыкка уонна кини оҕолоро – Уус Алдан маҥнайгы кооператора Феофан Готовцев-Атыыһыт Биэкэҕэ, разведчица, биэлсэр, саха маҥнайгы үөрэхтээх дьахталларыттан биирдэстэрэ Матрёна Готовцева-Мадам Матрёнаҕа – Готовцевтар сыдьааннарыгар аналлаах сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ууран сытыарбыт, харайбыт, үйэлэри уҥуордаан кэлбит тутта сылдьыбыт малларын, иһиттэрин-хомуостарын, 1870-с сыллартан саҕалаан хаартыскалар быыстапкалара буолла.
Бу күн итиэннэ Готовцевтар хос-хос сиэннэрэ Люция Бурцева, өбүгэлэрин аатын үйэтитэн, архыып докумуоннарыгар олоҕуран таҥмыт документальнай киинэтэ сүрэхтэннэ.
Түмүккэ Готовцевтар хос-хос сиэннэрэ Люция, Матрена Бурцевалар А.И. Турантаев аатынан Тиит Арыытааҕы библиотека сүрүн библиотекара Матрена Аргуноваҕа уонна Тандатааҕы историко-архитектурнай түмэлгэ электроннай архыыпка анаан сүүстэн тахса сэдэх хаартысканы бэлэх ууннулар.
Хаһыакка матырыйаал тахсарыгар уонна хаартыскаларынан көмөлөспүт И.П. Готовцев аатынан Тандатааҕы историко-архитектурнай музей фонданы харайааччы салаа үлэһитэ Мотрена Петровна Черноградскаяҕа ис сүрэхтэн махтанабыт. Салгыы да бу курдук таһаарыылаах үлэни, музейгыт өссө кэҥээн, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэни бэлэхтии, көрдөрө тураргытыгар баҕарабыт.