Маастар-былааны олоххо киллэрии 28 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтин таһаарыаҕа
Ол туһунан баһылык Евгений Григорьев куорат оскуолаларын төрөппүттэрин сэбиэтин иннигэр отчуотугар иһитиннэрдэ.
Евгений Григорьев Дьокуускай куорат сайдыытын түстүүр маастар-былаан сүрүн хайысхаларын туһунан иһитиннэриитигэр 2030 сылга диэри куоракка арыллаары турар саҥа үлэ миэстэлэригэр тохтоото.
«Хас биирдии киһиэхэ олоҕун ханнык эмэ кэрдиис кэмигэр сөбүлүүр идэтин быһаарынар түгэн үөскүүр. Биһиги оҕолорбут бары үөрэхтээх, үлэлээх уонна төрөөбүт куораттарын сайдыытыгар кылааттаах буолуохтарын баҕарабыт. Бу манна куорат 2030 сылга диэри сайдыытын маастар-былаана олус тоҕоостоох»,– диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Ол курдук, 2030 сылга диэри Дьокуускай куоракка 33 үөрэх эбийиэгэ, ол иһигэр 18 оҕо саада, 12 оскуола, ону кытта хас даҕаны үрдүк үөрэх эбийиэгэ тутуллаары тураллар. Холобура, 68-с кыбаарталга 2 үөрэнэр-лабораторнай куорпустан, хас даҕаны уопсай дьиэттэн, технопааркаттан, спорт комплексыттан, гостиницаттан, арт-галереяттан, медиа-,конгресс-кииннэртэн о.д.а. турар өрөспүүбүлүкэ бары үрдүк үөрэҕин кыһаларын кампуһа баар буолара былааннанар. Кангалаас бөһүөлэгэр былааннанар суперкампуска 7 уопсай дьиэ, 4 400 миэстэлээх гостиница, 4 үөрэнэр-лабораторнай куорпус, мастарыскыайдар, ИТ-киин, 1000 миэстэлээх технопаарка баар буолуохтара. Кэлэр көлүөнэлэр пааркаларыгар ыччат сылы эргиччи дьарыктанар, сайдар, талаанын арыйар, көхтөөх сынньалаҕын атаарар уопсастыбаннай туоната тэриллиэҕэ. В.А. Босиков аатынан музыка үрдүкү оскуолата академическай музыка искусствотын сайыннарар миэстэ буолуоҕа. Ол аата Дьокуускай куоракка хас биирдии оҕо бэйэтин булунарыгар уонна сайдарыгар бары усулуобуйа тэриллиэҕэ.
Евгений Григорьев бу былааннанар эбийиэктэр, 2030 сылга диэри олоххо киириэхтээх атын даҕаны тутуулар 28 тыһыынча кэриҥэ саҥа үлэ миэстэтин таһаарыахтара диэтэ.
Холобура, Жатайдааҕы судоверфь, аэропорт саҥа терминала, «Кырдьаҕас куорат-2» саҥа историко-архитектурнай комплекс, 4 сулустаах икки бөдөҥ гостиница о.д.а. тутуулар 9 900 саҥа үлэ миэстэтин таһаарыахтара, креативнай экономика эйгэтигэр (үрдүк технологиялар, киинэ производствота, ювелирнай дьыала, архитектура, дизайн, арт-индустрия 5 200 киһи үлэлээн иитиллиэҕэ.
Саҥа үөскээн эрэр «Звезднай», «Спортивнай», «Өлүөнэ очуостара» түөлбэлэр 4 000 киһи үлэлээх буолуутун хааччыйыахтара, тырааныспар, логистика эйгэлэрэ (массыына суоллара, Өлүөнэ муостата, таһаҕас тиэйиитэ, пассажирдары тиэйии) 1150 үлэ миэстэтин таһаарыахтара. Доруобуйа харыстабылын 10 эбийиэгэр 1180 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа, култуура уонна спорт 13 эбийиэгэр 1150 саҥа үлэ миэстэтэ арыллыаҕа, тыа хаһаайыстыбатын 9 бырайыагар – 600 үлэ миэстэтэ.
Маны сэргэ 2030 сылга диэри хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн Дьокуускай куорат босхолонуохтаах. Тырааныспар, суол-уус, ОДьКХ, тупсарыы эйгэтигэр сүҥкэн болҕомто ууруллуохтаах.
Ити курдук, Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, маастар-былаан олоххо киириитэ Дьокуускай куорат 400 сыллаах үбүлүөйүн букатын атын үрдүк таһымҥа көрсүөхтээх.