18.09.2022 | 10:00

Маастар-былаан — сайдыы суолугар эрэллээх хардыы

Ааспыт нэдиэлэҕэ «ЯКУТСК 4.0.0 СТАРТ» форум чэрчитинэн «Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии» диэн бэрт киэҥ далааһыннаах төгүрүк остуол, дьүүллэһии буолан ааста.
Маастар-былаан — сайдыы суолугар эрэллээх хардыы
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев иһитиннэрбитинэн, Уһук Илин атын куораттара маастар-былааннарын сакаастаан оҥорторбут эбит буоллахтарына, Дьокуускай куорат бу тыын суолталаах докумуонун Бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас күрэҕи биллэрэн оҥордо. Маастар-былаан нэһилиэнньэ, бизнес, олохтоох дьаһалта интэриэстэрин өрө тутар.

СӨ кылаабынай архитектора Ирина Алексеева эппитинэн, маастар-былааны архитектура докумуонун эрэ курдук буолбакка, улахан экономическай докумуон быһыытынан өйдүөххэ наада.  

Дьокуускай куорат маастар-былаанын оҥорууга Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх финалиһа, Москва куорат Генеральнай былаанын научнай-чинчийэр уонна бырайыактыыр институтун дириэктэрин сүбэһитэ Григорий Мустафин  хамаанда маастар-былааны хайдах оҥорбутун, туохха ордук болҕомто уурбутун  кэпсээтэ. Бастатан туран, нэһилиэнньэҕэ ыйытык ыытыллыбыт, маастар-былаан онно олоҕуран оҥоһуллубут. Социологическай чинчийии көрдөрбүтүнэн, нэһилиэнньэ баһыйар өттө куорат ырааһырыан, көстүүтэ тупсуон баҕарарын, Дьокуускайга паарка, сынньанар сир суоҕун бэлиэтээбит.

 

Уратыбыт умнуллубатах

Куорат маастар-былаанын оҥорбут хамаанда ирбэт тоҥҥо турар Дьокуускай куорат ураты айылҕатын, килиимэтин: кыһыҥҥы томороон тымныытын, сайыҥҥы өҥүрүк куйааһын, халаан уутун, бэл диэтэр, быыл кыһалҕатын кытта учуоттаабыта хайҕаллаах. Бырайыак ааптардара куорат баай историятын, култууратын, экономикатын, туризм сайдыытын дириҥник үөрэппиттэр.   

Докумуоҥҥа сайдыыны саҕар саҥа кыбаарталлар, уопсастыбаннай эйгэлэр, социальнай суолталаах уонна нэһилиэнньэ олоҕун тупсарар аналлаах эбийиэктэр киирбиттэр. Бырайыак ааптардара демография боппуруоһугар улахан болҕомтолорун уурбуттар. Куорат күн-түүн улаата, кэҥии, нэһилиэнньэтэ элбии турарын тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.

Северина Архипова, Олохтоох дьаһалта Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департаменын салайааччыта:

– Маастар-былааны олус киэҥ ис хоһоонноох, наадалаах уонна баай матырыйааллаах докумуон диэн сыаналаатыбыт. Тырааныспар инфраструктуратыгар итинник дириҥник анаалыстаан көрүү тиийбэт этэ. Онон маастар-былаан, экспертэр көрүүлэрэ, санаалара  биһиги үлэбитигэр улахан көмө буолуо диэн эрэнэбит. Комплекснай бырагыраамаларга, куорат тутуутун докумуоннарыгар уларыйыылары киллэрэргэ бэлэммит. Итиэннэ куорат сайдыытын стратегията уларыйарын өйдүүбүт.

 

Уларыйыыны эрэйэр

Тырааныспар инфраструктуратыгар улахан болҕомто ууруллубут. Экспертэр этэллэринэн, Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутулуннаҕына, бу тыын боппуруос өссө сытыырхайар чинчилээх.

Төгүрүк остуол спикерэ Николай Алексеев иһитиннэр-битинэн, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Автодорожнай факультета үгүс чинчийиини, кэтээн көрүүнү ыыппыт. Ол курдук, видеонан устуу түмүгүн билиһиннэрдэ:

Суукка иһигэр Өлүөнэ эбэни туораан, Даркылаах өттүттэн ортотунан 2400 массыына тахсар.

Саамай элбээбитэ – 3140 массыына (суукканы эргиччи устуу түмүгэ).

Сезон устата (5,5 ыйга) 400 тыһыынча массыына туоруур.

Покровскай трагынан сууккаҕа 6990 массыына ааспыт. 

 

Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутулуннаҕына, Покровскай тракка сырыы өссө элбиэҕэ. Билигин Автодорожнай, Чернышевскай уулуссаларыгар онто да суох хаайтарыы тахсар. Онон тырааныспар инфраструктурата төрдүттэн уларыйыыны эрэйэр.

 

Манна Москва буолбатах!

(уопсастыбаннас туруорсар)

Тэрээһиҥҥэ куорат сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар тыын суолталаах тэрилтэлэр салайааччылара, тутаах үлэһиттэрэ, уопсастыбанньыктар маастар-былаан тула санааларын эттилэр.

Тутуу бэрэстэбиитэллэрэ долгуйалларын биллэрдилэр: маастар-былаанынан, дизайн-кодунан эрэ салайтардахпытына, үлэбитигэр харгыстары, мэһэйдэри көрсүөхпүтүн сөп эбит. Холобур, ити кыраһыабай хартыынаҕа көстөр саҥа тутуллар кыбаарталларга хас мэндиэмэннээх олорор дьиэлэр баар буолаллара биллибэт. Кэлин сири туһаныы, тутуу быраабылаларыгар сөп түбэспэт диэн туруохтарын сөп, экономика да эмсэҕэлиэх курдук диэн санаалаахтар. Маныаха Григорий Мустафин маастар-былааҥҥа олорор дьиэлэр кыбаарталларыгар муҥутаабыта 12-16 этээстээх дьиэлэри киллэрбиттэрин иһитиннэрдэ. “Маастар-былааҥҥа архитектура, экономика, тутуу уо.д.а. элбэх эйгэни түмэн, куорат уопсай сайдыытын стратегията оҥоһуллар”, – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 

Төгүрүк остуол кыттааччылара: “Манна Москва буолбатах, сир аннынааҕы территорияны туһанар кыахпыт суох”, – диэн быһа бааччы эттилэр-тыыннылар. Кырдьыга даҕаны, куоракка гараас, парковка – улахан кыһалҕа. Онон бу боппуруостары учуоттуоххутун наада диэн этиилээх буоллулар.

Маны сэргэ, кэпсэтиигэ экология, айылҕа харыстабылын боппуруоһа тумнуллубата. Уопсастыбаннас саҥа кыбаарталлары, суоллары, эбийиэктэри тутуу мастарга, үүнээйилэргэ буортуну аҕалбат ини, айгыр-силик айылҕабыт эмсэҕэлиэ суохтаах диэн туруоруста.  

ЯКСМК салалтата промышленнай тэрилтэлэри куорат таһыгар таһаарар туһунан этиини көтөхтө.  “Биһиги тэрилтэбит “Арассыыйа почтатын” дьиэтиттэн баара-суоҕа түөрт эрэ тохтобул чугас турар”, – диэтэ. “Москваҕа, уопсайынан, улахан куораттарга биһиги курдук тэрилтэлэри тэйиччи оҥоро сатыыллар”, – диэн эбэн эттэ.

Кангалаас микрооройуонуттан Виктория Жилина кытыы нэһилиэктэргэ болҕомто төһө ууруллубутун ыйытта. Кини киин куорат кытыы нэһилиэктэрэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олороллорун, мэччирэҥ сир биир сүрүн кыһалҕа буоларын эттэ. Итиэннэ маастар-былааҥҥа бу боппуруоһу иҥэн-тоҥон көрдүгүт ини диэн чуолкайдаста. Маныаха Григорий Мустафин куорат агропояһа учуоттаммытын бигэргэттэ.

Күн иккис аҥаарыгар территориялары комплекснай сайыннарыы бырайыактарын олоххо киллэрии тула кэпсэтии буолла. Манна кыттааччылар “Звезднай” кыбаартал, Суперкампус, Креативнай кластер, Эпос уонна искусство Арктическай киинэ, о.д.а. эбийиэктэри тутуу, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын, Өрүс пуордун саҥардыы туһунан дьүүллэстилэр. 31, 1, 14, 17, 68 кыбаарталлар, Сайсары түөлбэтэ приоритетнай балаһааккаларынан ааттаннылар. Онон куорат бу этиллибит территориялара балысханнык сайдаллара күүтүллэр.  Манна даҕатан эттэххэ, киин куорат баһылыга Евгений Григорьев хаарбах дьиэ сытыы кыһалҕатын искэн ыарыытыгар тэҥнээтэ. Ол курдук төрдүттэн суох оҥорорго суһал быһаарыыны ирдиир боппуруос диэтэ. Онуоха сүрүн тирэҕинэн федеральнай үбүлээһин буолара саарбаҕа суох диэн бэлиэтээтэ.

Кырдьыга даҕаны, билиҥҥи үйэҕэ ханнык баҕарар хамсааһын, саҥа саҕалааһын, уларыйыы-тэлэрийии үгүс үбү эрэйэр. Ол эрээри  былаана суох үлэ тахсыбата биллэр. Онон куорат сайдыытыгар маастар-былаан сүдү күүс, улахан көмө буолара саарбаҕа суох.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...