28.02.2024 | 17:00

Маастар-былаан биир сүрүн соруга — инфраструктураны сайыннарыы

Маастар-былаан биир сүрүн соруга — инфраструктураны сайыннарыы
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 26 күнүгэр буолбут СӨ ЫБММ үлэһиттэрин иннигэр отчуокка баһылык Евгений Григорьев куорат маастар-былааныгар 450 млрд солкуобай уопсай суумалаах уонунан социальнай, инженернэй уонна тырааныспар инфраструктуратын эбийиэгэ тутуллара күүтүллэрин иһитиннэрдэ. 
Евгений Григорьев маны сэргэ ааспыт 2023 сылга киин куорат социальнай гаастааһын былаанын аһары толорбута, ардах уутун сүүрдэр ситим схемата оҥоһуллубута биир тыын кыһалҕаны быһаарыыга дьоһун хардыы буоларын, «Водоканал» АУо 3 №-дээх канализация коллекторын, 5 №-дээх уу ситимин тутууну түмүктээбитин санатта.
«Ол аата куорат соҕуруу өттө урутаан сайдар, саҥа олорор кыбаарталлары, социальнай, промышленнай тэрилтэлэри туттарар  кыахха киирдэ»,– диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Маны сэргэ 2021-2023 сылларга ыытыллыбыт Үс сыллаах тупсарыы ситиһиилээх уопутун хатылаан, 2024-2026 сылларга аны Инфраструктураны сайыннарыы үс сыла саҕаламмытын тоһоҕолоото. Маныаха сүрүн болҕомто уопсастыбаннай тырааныспар тиһигин тупсарыыга, уулусса-суол ситимин сырдатыыга, уу ситимин оҥорууга, күөллэри ыраастааһыҥҥа, социальнай гаастааһыҥҥа, элбэх оҕолоохторго бэриллэр сирдэр инфраструктураларын тэрийиигэ ууруллуохтааҕын бэлиэтээтэ.
«Бу үлэ барыта маастар-былааны кытта ситимнээх уонна биһиги куораппытыгар олох таһыма үрдүүрүгэр туһуланар»,– диэтэ Евгений Николаевич.
Отчуот кэнниттэн баһылык ЫБММ үлэһиттэриттэн киирбит  үөрэхтээһиҥҥэ, куораты тупсарыыга, уу ситимнэрин оҥорууга сыһыаннаах ыйытыыларга хоруйдаата, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....