Маасканы уонна бэрчээккини солбуйар — COVID-free
От ыйын 1 күнүттэн СӨ үрдүкү бэлэмнээх буолуутун эрэһиимин уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар куттал суох буолуутун тэрийэр туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа тахсыбыта. COVID-free ыйааҕа сүнньүнэн рестораннарга, кафеларга, остолобуойдарга, буфеттарга, банкетнай саалаларга уонна да атын уопсастыбаннай сирдэргэ туһуланан оҥоһуллубут.
«COVID-free» зона диэн тугуй? Уопсайа хас урбаанньыт ыйаахха олоҕуран үлэлиирий? Сөптөөх усулуобуйаны нэһилиэнньэ сэрэхтээх буолуутугар сэргэхситэр эбийиэк хаһаайына тэрийэр дуо? Реестергэ хас урбаанньыт киирдэ?
«COVID-free» зона диэн тугуй?
Үлэһиттэр уонна ыалдьыттар мааскаттан уонна бэрчээккиттэн босхолонууларын СӨ предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтэ көҕүлээн ыытар.
Урбаанньыттар «ыраас» зонаҕа киириэхтэрин уонна үлэлиэхтэрин баҕарар буоллахтарына, эбийиэктэригэр хонтуруол пууннарын туруораллар. Кинилэр сүрүн соруктара билигин температураны буолбакка, QР-КОДТАРЫ бэрэбиэркэлээһин.
Министиэристибэни кытта сөбүлэһии түһэрсибит тэрилтэлэр ахсааннара лаппа элбээбит. Ол аата, бу эбийиэктэр үлэһиттэрэ бары быһыыны ылбыттарын туоһулуур. Ону сэргэ, реестэргэ киирбит тэрилтэлэр социальнай дистанцияттан, миэстэлэри хааччахтааһынтан, икки миэтэрэ ыраах олорооһунтан, үлэ эрэһиимин тутуһуу диэнтэн босхолоноллор.
Урбаанньыттар «ыраас» зонаҕа киирэргитигэр тугу гыныахтааххытый?
Бастатан туран, коронавирустан куттал суох буолуутун бигэргэтэр туһуттан тэрилтэ салайааччыта тустаах министиэристибэни кытта сөбүлэһии түһэрсиэхтээх, ол эбэтэр ИП хас да эбэһээтэлистибэни бэйэтигэр ылыахтаах.
Иккиһинэн, эбийиэк дьиэтигэр баар бары үлэһиттэргэ уонна атын да дьоҥҥо (18 саастарын туола илик дьонтон ураты), маннык докумуоннартан биирдэстэрэ баар буолуохтаах:
Вирус утары быһыыны ылбыттарын туоһулуур сертификат. Бу сертификат судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар баар (gosuslugi.ru)
COVID-19 утары лабораторнай чинчийии түмүгүн бигэргэтэр докумуон. Онтугут, РНК SARS-CoV2 эбэтэр SARS-CoV2 буолар, боростуойдук эттэххэ ИФА эбэтэр ПЦР. Бэлиэтээн эттэххэ, 72 чаастан итэҕэһэ суох ылыллыбыт буолуохтаах, ону бигэргэтэр докумуоҥҥутун эмиэ илиигитигэр тута сылдьаҕыт.
Үсүһүнэн, 18 саастарын ситэ илик оҕолор ПЦР анаалыстара уонна ким, туох буолалларын туоһулуур докумуоннара илиилэригэр баар буолуохтаах.
Төрдүһүнэн, нэһилиэнньэҕэ бэриллэр QR-кодтары дьиҥнээхтик бэрэбиэркэлээһин уонна учуоттааһын. Биир кэлим судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр анал сыһыарыыларын туһаныы.
Бэсиһинэн, QR-кодтары бэрэбиэркэлииргэ эппиэттээх дьоннору хонтуруоллааһын, эбии хааччахтары олохтооһун.
Сөбүлэҥи түһэрсибит тэрилтэлэр хас биирдии киһи аатын-суолун сурунуохтаахтар. Хас чааска кэлбитэ, хаска тахсан барбыта, быһыыны ылбытын туоһулуур сертификатын нүөмэрэ эмиэ ыйыллар. Ону сэргэ, сааһын ситэ илик оҕотун илдьэ сылдьар түгэнигэр оҕотун тус дааннайа, ПЦР анаалыһын күнэ-дьыла эмиэ ыйыллар.
Тыын боппуруостар манныктар:
QR-код ханна уонна хайдах бэриллэрий?
Хас биирдии быһыыны ылбыт киһиэхэ судаарыстыбаннай өҥө порталыгар (gosuslugi.ru) анал QR-код бэриллэр. Бу QR-код, коронавируснай инфекция утары оҥоһуллубут быһыы икки компоненын ылбыккытын кэннэ бэриллэр.
QR-коду кимнээх бэрэбиэркэлииллэр?
Хас биирдии тустаах эбийиэккэ анал бэрэбиэркэлиир үлэһиттэр баар буоллалара булгуччулаах.
ПЦР уонна ИХА көрдөрөн баран түүҥҥү кулуупка эбэтэр рестораҥҥа киирэр кыахтаахпыт дуо?
ПЦР уонна ИХА анаалыскыт мэлдьэхтээх (отрицательнай) буоллаҕына уонна 72 чаас анараа өттүгэр оҥоһуллубут, сибиэһэй буолара ирдэнэр.
«COVID-free» зонаҕа оҕолор сылдьар бырааптаахтар дуо?
Бу ыйытыкка СӨ предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтин атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Ариан Неустроев маннык хоруйдуур: «COVID-free» зонаҕа 18 саастарын ситэ илик оҕолор төрөппүттэрин эбэтэр атын сокуоннай бэрэстэбиитэллэрин кытта сылдьар бырааптаахтар.
Урбаанньыттар «COVID-free» зона туһунан тугу этэллэр?
“Үлэһиттэрбит уонна биһиэхэ кэлэн дьарыктанар дьоммутун күн ахсын доруобуйаларын кэтээн көрөбүт. Быһыыны ылыҥ диэн кими даҕаны күүспүтүнэн күһэйэ иликпит. Мин санаабар, хас биирдии киһиэхэ талан ылыы баар буолуохтаах. Дьону, нэһилиэнньэни биир хааһахха угаллара сыыһа дии саныыбын. Холобура, ылан көрүөххэйин түүҥҥү сэргэхсэтэр кулууптары. Кинилэр QR-кодунан хас биирдии киһини сарсыарда биэс чааска диэри сырытыннараллар диэн, ол аата дьону күүстэринэн күһэйэннэр ситэ үөрэтиллэбэтэх быһыыны ыллара сатыылларын көрдөрөр. Биир системаҕа киһини, дьону, сыалай норуоту, омугу киллэрэр сөбө суох быһыы-майгы курдук көрөбүн” – диир фитнес саала салайааччыта Ариадна Винокурова.
“Биһиги үлэһиттэрбит бары быһыыны эрдэттэр ылбыттара, онон бэлэмнээх этибит. Мин санаабар, орто бизнес үлэлииригэр кыах бэриллибит курдук. Түүҥҥү кулуупка бары ирдэнэр миэрэни тутуһан үлэлиибит. Хас биирдии киһиттэн QR-кодун, тус дааннайын ирдиибит. Кистэл буолбатах, QR-кода да суох дьоннор киирэ сатыыллара баар суол. Ол эрээри, биһиэхэ ити өттүгэр хонтуруол кытаанах!» - диэн санаатын үллэстэр түүҥҥү кулууп дириэктэрэ Татьяна Юрьевна Криумина.