31.07.2024 | 10:45

Маһы кэрдиигэ көҥүлү ылыы бэрээдэгэ

Маһы кэрдиигэ көҥүлү ылыы бэрээдэгэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа иһитиннэрэринэн, Дьокуускай куорат территориятыгар маһы кэрдиигэ көҥүл Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын департаменыгар сайабылыанньаҕа олоҕуран бэриллэр.
Маныаха сайабылыанньаҕа Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын 2015 сыл муус устар 16 күнүгэр 108п №-дээх (2021 сыл атырдьах ыйын 13 күнүнээҕи эрэд.) уурааҕынан бигэргэтиллибит Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар күөх үүнээйини кэрдиигэ көҥүлү биэриигэ муниципальнай өҥө административнай регламеныгар сөп түбэһэр докумуон кэмпилиэгэ барыта сыһыарыллара ирдэнэр, чуолаан: сайабылыанньаны биэрээччи бэрэстэбиитэл боломуочуйатын бигэргэтэр докумуоннар; дендробылаан; кэрдэргэ быһаарыллыбыт мастар биэдимэстэрэ.
Маһы кэрдиигэ көҥүл ирдэбиллэрин туһунан сиһилии Олохтоох дьаһалта официальнай саайтыгар «Информация о предоставлении муниципальной услуги по выдаче разрешений на санитарную, формовочную обрезку деревьев и кустарников, снос (пересадку) зеленых насаждений на территории городского округа «город Якутск»» салааҕа билсиэххэ сөп: https://yakutskcity.ru/administration/strukturnye-podrazdeleniya/departament-zhilishchno-kommunalnogo-khozyaystva-i-energetiki/.

«Дьокуускай куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа»

Муниципальнай хааһына тэритэтин информацията

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...