Маҕан олохтоохторо спорт комплекса үлэҕэ киирэрин күүтэллэр
Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын ааспыт 2022 сыллааҕы үлэтин отчуотун уонна үүммүт 2023 сыллааҕы үлэ былаанын Маҕан бөһүөлэгин олохтоохторугар куорат баһылыгын территориялары, тыа хаһаайыстыбатын, эргиэн уонна урбаан эйгэлэрин сайыннарыыга солбуйааччы Владимир Аржаков иһитиннэрдэ.
2022 уонна ол иннинээҕи сылларга Маҕан бөһүөлэгин киин уулуссалара «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» федеральнай бырайыагынан өрөмүөннэнэн бүтэн тураллар, маны сэргэ хаарбах дьиэттэн көһөрүү, тиэргэни тупсарыы, уопсастыбаннай туоналары тэрийии, өрөмүөннээһин, оҕо оонньуур, спортивнай балаһааккаларын тутуу, өрөмүөннэһин үлэтэ үчүгэйдик ыытыллыбытын бэлиэтээтилэр. Ол иһигэр ааспыт сылга Маҕан бөһүөлэгэр оҕо оонньуур икки балаһааккатыгар өрөмүөн ыытыллыбыт, муниципальнай аптека арыллыбыт, баһаарынай емкость өрөмүөннэммит, минерализованнай балаһа оҥоһуллубут.
2023 сылга биир тиэргэҥҥэ тупсарыы үлэтэ, орто оскуола, 69 №-дээх «Брусничка» оҕо саадын өрөмүөннэрэ, саҥа спорт балааһааккатын тутуу былааннаналлар, маны сэргэ «Сырдык столица» муниципальнай бырагыраама иитинэн Антенная, 2 уулуссаҕа уот линията тардыллар.
Нэһилиэнньэ Олохтоох дьаһалта бэрэстэбиитэллэрин иннигэр ыччат ортотугар арыгылааһын кыһалҕата турбутун, спорт саалатын тутуу тохтоон турарын, куоракка киирэр 102 №-дээх оптуобус Курнатовскай уонна Севастопольскай уулуссаларынан эргийэн интервала уһаабытын этиннилэр.
Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов Маҕан олохтоохторугар бүгүҥҥү күҥҥэ куорат уопсастыбаннай тырааныспарын систиэмэтин төрдүттэн уларытар сыалтан нэһилиэнньэттэн этиилэри хомуйуу буола турарын санатта (https://yakutsk-transport.ru/ ).
Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменын салайааччытын э.т. Иван Гуляев иһитиннэрбитинэн, Маҕан спортивнай комплексын тутуу былаана 2026 сылга турар.