27.07.2023 | 12:23 | Просмотров: 487

Маҕан бөһүөлэгэр биир тиэргэн уонна оскуола хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат биир бөдөҥ нэһилиэгэр Маҕаҥҥа бу күннэргэ тиэргэни тупсарыы уонна оскуола хапытаалынай өрөмүөнэ күөстүү оргуйар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ оскуолаҕа штукатурка уонна шпаклёвка үлэтэ түмүктэнэн, этээстэргэ көрүдүөр плитката, түннүктэр уурулла сылдьаллар, дьиэ сарайыгар, эркинигэр утеплитель саайыллар, муоста кутуллар. Өрөмүөн үлэтинэн 23 киһи дьарыктанар. Былаан 75% туолан турар. Тутуу бэдэрээтчитэ -- «Вертикаль» ХЭУо
Оттон оскуола тиэргэнин тупсарыы чааһыгар куорат баһылыга Евгений Григорьев маҕаннарга олохтоох дьаһалтаны кытта ППМИ (Нэһилиэнньэ көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагыраама) граныгар сайаапка биэрэн, өрөспүүбүлүкэ уонна куорат бүддьүөттэриттэн үбүлээһини ылыахха сөбүн сүбэлээтэ.
Быйыл Дьокуускай куорат үрдүнэн тупсарыллар 21 тиэргэнтэн биирэ Маҕан бөһүөлэгэр баар. Ол курдук, Кыайыы 40 сыла уул., 3 дьиэтин тиэргэнигэр сир кырса уларытыллан, бордюр ууруллан, көрүө туруоруллан эрэллэр. Тупсарыы үлэтин ыытар «Кинг-95» ХЭУо бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйыгар тренажердар, атын спортивнай комплекстар, ыскамыайкалар аҕалыллан, үлэ балаҕан ыйын 30 күнүн эргин түмүктэниэхтээх. Үлэ график быһыытынан бара турар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.